Кэлэн иһэр ийэлэр күннэринэн Далбар хотуттары итиитик истиҥник эҕэрдэлээн туран нэһилиэкпитигэр *ИЙЭ КҮНҮГЭР* аналлаах бырааһынньыктааҕы нэдиэлэ 11.10-18.10.2021 *ПРОГРАММАТА*
🍰🧁🥙👩🍳👨🍳
👩👧 *Ийээ, бииргэ астыахха* 4 нэһилиэктэн күн күбэй Ийэ күндү кыыһын көмөлөһүннэрэн сорудаҕынан ас астааһыҥҥа күрэстэрэ.
📝🎙️🎤 *Ийэм истиҥ мичээрэ* ийэҕэ аналлаах видеосборникка киирэргэ анаан хоһоонно ааҕан, ырыата ыллаан видеота ыытыҥ. Бэйэ айбыт хоһооно-ырыата үрдүктүк биһирэнэр. Видеолар барыта түмүллэн үйэлээх видеосборник буолуоҕа.
📸 Фотоконкурс оскуола оҕолоругар *Ийэм, кинигэм уонна мин* фотоколлаж буолуон сөп.
🎨 Кыра кылаас оҕолоругар уруһуй конкурс *Мин ийэм сөбүлүүр дьарыга* (А4. фломастер көҥүллэммэт)
💃 Оскуола кыргыттарыгар видео — конкурс *Тик-ток*
🙇Эдэр ийэлэргэ квест күрэхтэһии *Өй — санаа мөккүөрэ*
😍 *Мин тапталлаах куукулам* — ийэ, кыыһынаан оҕо сөбүлүүр куукулатыгар таҥас тигэн таҥыннарыы.
📚 *Читающая мама-читающая нация* сөбүлээн аахпыт кинигэҕин көрдөрөр, ааҕарга угуйар-сүбэлиир видеоролик.
👨🍳💇🎨📸🎤📝📚🙇💐👩❤️💋👨
Күндү ийэлэр күннэрин көрсө амарах санааҕытын, сылаас сыһыаҥҥытын, истиҥ-иһирэх тапталгытын тиэрдэр куйаар нөҥүө ыытыллар тэрээһиннэргэ актыыбынайдык кыттыҥ!
🔸Конкурстарга кыттар
Үлэлэргитин Алампа аатынан НАДьиэтигэр, М.А.Петров аатынан библиотекаҕа ыытаҕыт, инста-сайт-ютуб каналга таһаарабыт.
Кыайыылаахтары бириистэр, махтал, туоһу суруктар күүтэллэр.
Тэрийэр сүбэ.