Дьохсоҕонуҥ сиригэр,
Дьоһун-мааны туонугар,
Оҕо сааһыҥ ааспыта,
Ойор күнүҥ күлбүтэ.
Ыра санааҥ ыраахха
Сирдээн илдьэ барбыта,
Ыллык суолуҥ тыргылла
Сырдык аартык буолбута.
Дьылҕаҥ биэрбит талаана,
Дьонуҥ-сэргэҥ таптала,
Дьоһун үлэҥ түмүгэ,
Дьолуо суолга таһаарта.
Бииртэн-биир оруолуҥ
Алгыс тэҥэ сиэтиллэн,
Артыыс буолуу дьиҥ дьолун
Билтиҥ үлэҥ үөһүгэр.
Алампалыыр убайыҥ
Аатын сүгэр бэлиэнэн,
Айылҕаттан айдарыыҥ
Сыаналанна бу бүгүн.
Дьохсоҕонуҥ күн аатын
Былаах тэҥэ күөрэтэн
Ааттатаҕын өрүүтүн
Ааттаах киһи Бүөккэбит!
Арылы.
14.11.2021. Дьохсоҕон. Таатта.
Киэн туттар биир дойдулаахпытыгар СӨ народнай артиһыгар Петр Баснаевка Алампа аатынан норуот бириэмийэтин туппуккунан итии истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит «Куорсун» айар түмсүү аатыттан.Баҕарабыт айымньылаах үлэҕэр өссө үрдүк ситиһиилэри, доруобуйаны,санаабытыҥ сатаннын,баҕарбытыҥ барҕардын!Дойдугун Дьохсоҕоҥҥун ааттатан далааһыннаахтык үлэлииргиттэн киэн туттабыт, махталбыт,хайҕалбыт үрдүктэн үрдүк ситиһиилэргэ кынаттаатын,үтүө санаабыт алгыс буолан арчылаатын!
«Куорсун» айар түмсүү.
Дьохсоҕон.Таатта.14.11.21.
П.Н. Баснаевка
Төрөөбүт дойдуҥ
Үөрүөн үөрэр,
Таатта үрэҕиҥ
Устан сүүрүгүрэр.
Түөлбэтин уолун
Имэрийэ бүөбэйдээн,
Утаарбыта эрэллээх
Артыыс буолар олоххо.
Ыллыыр диэни ыллаатыҥ,
Кэпсиир диэни баһылаатыҥ,
Аптаах салгыннаах тыйаатыр
Истиҥ иһирэх сыһыанын,
Ытыс хабыллар таһыныылаах
Сыралаах-сылбалаах идэни
Эн сүрэххэр иҥэринниҥ.
Дьону-сэргэни үөрдээри,
Көрөөччүлэргин долгутаары,
Алгыстаах тылынан салайтаран
Тигистиҥ үрдүк аакка —
Алампа Үрүҥ туллугар.
Махтанар бар дьонуҥ,
Алгыыбыт уолбутун,
Тааттабыт оҕотун!
Акулина Егасова — Дьохсоҕон Кыыһа
15.11.2021 с.