Бу кинигэ Дьохсоҕон нэһилиэгин олохтооҕо Герасимов Ф.И. убайа айылҕаттан айдарыылаах поэт, история, география уонна Тааттаҕа немец тылын бастакы учуутала, советскай былааһы олохтоспут бастакы комсомолец, гражданскай сэрии кыттыылааҕа,Тааттаҕа бастакы үрдүк анал үөрэхтээх сырдыгы-үөрэҕи тарҕаппыт советскай педагог *Семен Федорович Герасимов 1937-40сс.суруйбут хоһооннорун, ырыаларын, алгыстарын* кинигэтэ.
- Бэчээккэ бэлэмнээн таһаартарда Михайлов А.Н.
- Поэт хоһооннорун аҕа дойду улуу сэриитин иннинэ латыынныы суруйбутун аныгы нууччалыы алпабыытынан көннөрөн бэлэмнээбит Н.С.Иовлев.
- Биллэр биир дойдулаахпыт өлбөт-сүппэт айымньыларын быраата Федор Иванович харыстаан уура сылдьан, ытыктыыр убайын айымньыларын үһүөн кыһалланнар ааҕааччыларга тиэрдибиттэригэр улахан махталы кытта библиотекаттан, 11-с филиалтан уларсан ааҕаарыҥ, саҥаны кинигэни сэҥээриҥ!