1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (Пока оценок нет)
Загрузка...
228 просмотров

Уважаемые пользователи! С днем Республики Саха (Якутия)! С днем образования ЯАССР!

Приветствуем вас в этот знаменательный день стихотворениями, посвященными П.А. Ойунскому — нашему великому земляку, видному государственному и общественно-политическому деятелю, ученому и писателю. Эти стихотворения написаны членами литературного объединения «КУОРСУН» Жохсогонского наслега Таттинского улуса.

Алампалыы акростих.
Былатыан Ойуунускай.

Б аҕа санаа туолуутун туоһута
Ы ччат дьонуҥ бүгүн түмсэр,
Л уоһун күүстээх тылларыҥ
А ан дойдуга сатарыыр.
Т ыйыс, тымныы сыһыан
Ы тарчалыы да ыллар,
А раас да кэм аастар
Н оруотуҥ умнубат, махтанар.

О скуола саҕаттан үөрэтэр
И тиэннэ сөҕөр-махтайар,
У луу убайбыт кэриэһин.
Н ус-хас олорботоҕо,
У туйары умнан туран
С аҥа олоҕу туппута,
К ыраны — кыамматы өрүһүйбүтэ,
А ма да ааспытын иһин
И лэ-чахчы ааттана туруоҕа.

Мария Владимировна Сивцева — СМВ.
Кулун тутар-2018сыл.*Куорсун* түмсүү.Дьохсоҕон нэһилиэгэ.Таатта улууһа.

Аны….

Аны, эн үтүө ааккар
Аны, эн сырдык кэриэскэр
Алдьархайдаах ааҥнаабат,
Алдьатыылаах алтыспат
Аргыардаах айбардаабат
Атааннаах аргыстаспат
Дьиэктээх дьайбат
Иэдээннээх иэнигийбэт
Идэмэрдээх иҥнибэт
Иһэхтээх иилистибэт
Кирдээх кыттыспат
Куорҕаллаах кыбыллыбат
Кырыыстаах күөрэйбэт
Көлбөхтөөх көймөстүбэт
Охторуулаах орооспот
Омнуолаах онолуйбат
Өһүөннээх өргөстөммөт
Өһөрүүлээх өндөйбөт
Уодаһыннаах уордайбат
Уорааннаах олохсуйбат
Үөннээх үөгүлээбэт
Суостаах суоһаабат
Салаҥнаах сыстыбат
Сиэхсит суолламмат
Самнарыылаах саантаабат
Таҥнарыылаах тыҥаабат
Хомноох хоммот
Эндирдээх эккирэппэт
Ынырыктаах ыксаласпат.

Аны,эн үрдүк ааккын
Аны, эн сырдык кэриэскин
Атарахсыт аймаабат
Албыннаах айгыраппат
Балыырдаах баһааҕырдыбат
Баламаттаах баттаабат
Буортулаах буомурдубат
Иирээннээх иҥнэрбэт
Күтүрүүлээх күөнтээбэт
Кырыылаах кыһарыйбат
Кыдьыктаах кыбдьыгыраабат
Куомуннаах кэриэтээбэт
Кырыктаах кыайбат
Моһуоктаах манаабат
Сойуолаах солбонуппат
Саадахтаах суулларбат
Угаайылаах уйгуурдубат
Уорбалаах уодьуганнаабат
Үктэтиилээх үрэйбэт
Тыҥырахтаах тыыппат
Түҥнэриилээх таарыйбат
Хаһыҥнаах хаарыйбат
Хатыылаах хаайбат.

Аны…
Аныгы сүүрбэ биирис үйэҕэ
Сардаҥалаах, саһарҕалаах
Көҥүл кэм сайдыылаах
Саҥа саха норуота
Илбис тыл туйгуна
Былатыан убайбыт
Кырдьыбат үйэлээх
Ырыаҕын ыллыыбыт,
Дуораннаах тойуккун
Доргуччу туойабыт
Эн сырдык Айыылыы
Албаннаах ааккынан
Киэн туттуу төлөнө
Хас биирдии сахаҕа.
Аны…
Эн боруонса мөссүөнүн иннигэр
Сибэкки уурабыт,
Хоҥкуйан турабыт
Махталлаах сүрэхтэн
Сүгүрүйэн ааһабыт.
Аны да кэлэр кэм
Инникигэ сыҕарыйар
Кэрэхсиллээх кирбиитигэр
Сайдам саха тылынан
Сай тыынар норуоппут
Үүнэрин үксүүрүн
Сайдарын тухары
Үс саха төрүөҕэр
Үөрүүлээх күнүгэр
Эн аатын ааттаныа,
Эн ырыаҥ ылланыа турдаҕа.

Мария Ивановна Ефимова.

Олунньу ый.2018сыл.
*Куорсун*айар түмсүү.Дьохсоҕон нэһилиэгэ.Таатта улууһа.

Аба5ам ТИҺЭХ КҮННЭРИГЭР САНААМ.

Ойуунускай абаҕам
Олоҕун тиһэх күннэрэ
Олус да дууһабар ыар….

Сүдү киһибитин
Суолталаабакка
Суорума суоллаабыттар!

Үтүргэннээх олоҕү
Үтүрүйсэн-хабырыйсан
Үөрэн-көтөн,

Көҥүл олох кэлбитин
Күөнүнэн көрсөн
Күөмчүлэһэ сырыттаҕына,

“Тороскуус” диэннэр
Түргэнник тутаннар
Түүрмэҕэ түүнүгүртэхтэрэ!

Сорун- муҥун ытатан
Соһо сылдьан
Сордоотохторо!

*Билин* — дии-дии
Баһымахтык
Баалкылаатахтара!

“Саҥар” — дии-дии
Сылайыахтарыгар диэри
Саайталаатахтара!

Эппэтэҕин этиттэрээри
Элэйиэхтэригэр диэри
Эттээтэхтэрэ!

“Таҥнарыахсыккын” — диэн
Таҥнары ыйаан
Таһыйдахтара!

Толкуйдуурун тухары
Тобулута охсоллорун
Тулуйаахтаатаҕа!

Өйдүүрүн тухары
Өйүнэн-санаатынан
Өрөлөһө сытаахтаатаҕа!

Саҥарбат буолуор диэри
Саргылаах санаатын
Самнарбатахтар!!!

Өлүөр диэри
Өркөн үрдүк өйүн
Өһүлбэтэхтэр!!!

Кэрэ мөссүөнүн
Кэйгэллээбиттэр
Кэп туоммуттара буолуо дуо?!

Аат-суол былдьаспыттар
Амтыын кырыыска
Аттаммыттара буолуо дуо?!

Киһиттэн сүөргүтүк
Кэбилээбиттэр
Кэмсиммиттэрэ буолуо дуо?

Дьардьама буолбутун
Дьааманы булларан
Дьаһайбыттара буолуо дуо?!

Албаннаах аата
Айхалланарын сэрэйбэккэ
Аттанаахтаатаҕа…

Улуу киһибит
Улуу буоларын билбэккэ
Уһун уутугар утуйаахтаатаҕа…

Валентина Петровна Харайданова-Эбэ Валя.
Кулун тутар 2 күнэ. 2018с.
*Куорсун*айар түмсүү.Дьохсоҕон нэһилиэгэ.Татта улууһа.

ОЙУУНУСКАЙ УБАЙБЫТ.

Ытык Таатта сиригэр
Үс саха үөскүөҕэр
Удьуор утумун ууһаары,
Түөрт саха төрүөҕэр
Төрүт олоҕун түстээри
Төрөөбүтэ эбээт бу сиргэ-
Дьадаҥы дьаранаас сыдьаана
Хоочугур Өлөксөй ыччата
Үөрэх -хаар тардыһыылаах,
Сырдык иэйии аргыстаах
Улууканнаах убайбыт
Былатыанныыр Силэпсиэп.
Доҕотторун кытта
Никииппэрдиин,Махсыымныын
Эргэ былааһы эсиһэн
Бассабыыкка кыттыспыта.
Саҥа олоҕу уруйдаан
Көҥүл тылын көтүтэн
Ыллаабыта-туойбута,
Бар дьонун туһугар,
Дирбиэн-дарбаан күннэргэ
Дирбийэн-дарбыйан турбута.
Кыһыл кутаа уотугар
Болгуо тимир чорууна
Уһаарыллан тахсыбыта,
Буурҕа-буурҕа дьылыгар
Буһан хатан кытааппыта,
Улуу Өктөөп кыстыгар
Эдэригэр эллэммитэ-
Ойуун ууһун оҕото
Ойуунускай убайбыт.
Сэбиэскэйдиир былааспыт
Силбиэтэммит кэмигэр
Эрэпириэссийэ силлиэтэ
Тумнубатаҕа Тааттаны,
Хара балыырга балыйан
Былатыаммытын буруйдаан
Ньиксик сыттаах хаайыыга
Бырахпыттара адьарайдар.
Сымыйаҕа баайыллан
Сору-муҥу көрө сытан
Үрүҥ күнү көрбөккө
Түүнүктээх түрмэҕэ
Үтүө киһибит барахсан
Сырдык тыына быстыбыта.
Ол эрээри кэнэҕэс
Кини кырдьыга күөрэйбитэ
Саһарҕалыы кыыспыта,
Улуу убайбыт Ойуунускай
Кыһыл былаах анныгар
Кэннигэр хаалбыт кэриэһэ-
Сөҕүрүйбэт төлөннөөх
Өрүү тыыннаах тыллара
Саха саҥалаах баарына
Сааһыланан тахса туруо

Акулина Михайловна Егасова – Дьохсоҕон кыыһа.
Олунньу ый. 2018с
*Куорсун* айар түмсүү.Дьохсоҕон нэһилиэгэ.Таатта улууһа.
АНАБЫЛ.

Ааспыт үйэ кирбиитин
Сабыыларын арыйан,
Аргыардардаах ааннарын
Сэгэтэлээн көрдөххө,
Хара үлэһит удьуортан
Төрөөн үөскээн улаатан,
Элбэх сыдьаан оҕоттон
Үүнэн-сайдан үөрэнэн,
Былатыаммыт сырдыкка
Тардыһыыта күүһүрэн,
Үөрэх сырдык аартыгын
Арыйбыта үөрүүнэн.
Тирэх, олук ылынан
Куорат сиргэ талаһан
Күргүөм олох үөһүгэр
Тэҥҥэ хаамсан барбыта.
Сахам сирин инники
Сайдыыларын салайсан
Саҥа олук уйгутун
Туруулаһа көмүскээн
Салайбыта норуотун
Сырдык олох туһугар.
Репрессия ыар тыына
Сабардаабыт кэмигэр,
Кыра — хара норуотун
Үрүҥ күнүн көрдөрбүт
Саха үүнэр аартыгын
Арыйсыбыт киһибит,
Ойуунускай убайбыт
Аатын суолун сотоммут,
Алдьатыылаах тылынан
Быһа бааччы балыйан
Таҥнарыахсыт оҥорон
Эрэһиэҥкэ түннүктээх
Түүнүк сыттаах түрмэҕэ
Хаттык тимир ааннардаах
Хаамыраҕа хаайаннар,
Кырдьык иһин охсуспут
Көҥүл тыынын сарбыйан,
Холуннаран, хоруотаан
Тыынын-быарын ыктаран,
Хандалыга хараҕалаан,
Сор-муҥу аргыстанан,
Кыа хааҥҥа уһуннаран,
Үрүҥ тыынын үргүтэн
Үүнүөх-сайдыах кэскилин
Сиргэ буорга тэбистэрэн,
Утаардахпыт абатыан.
Тиһэх сырыы буоларын
Сэрэйээхтээн көрбөккө
Дьокутаатын сүнньүнэн
Москуобаҕа барбыта.
Инникини түстэһэн
Иркутскайга, төннүүгэ
Тимир суолун дьиэтиттэн,
Дьоппуон омук оҕуруктаах
Үспүйүөнэ аатыран,
НКВД туппута.
Үгүс үтүмэх дьыл, хонук
Будулуйан ааспыта.
Элбэх ыгыы- түүрүү
Сор-муҥ аргыс буолбута
Ыар дьиппиэр хонуктар
Субулла көтөн ааспыттара
Тииһэ-уоһа баранан
Уҥуох –тирии буолан,
Этирик-хапсыыр түөстэнэн,
Сэллик ыарыы да эпсэн,
Сырдык тыына быстыбыта.
Хаайыы чэҥнээх эркинигэр
Көмүс уҥуоҕа сүппүтэ,
Көстүбэккэ көппүтэ,
Хайа сиргэ көмүллэн
Буору булта биллибэт.
Кэриэс хомуруос тыллара
Кэккэлэһэ тиллэннэр,
Ахта саныыр кэмнэргэ
Ийэ кута хомойон,
Силлиэ-холорук ытыллан,
Төрүт сирин үрдүнэн
Удьуор ойуун тыыннанан,
Биллэн ааһан эрдэҕэ.
Ол эрэн сырдык санаа
Өлбөт сүппэт ыйааҕынан
Кэнэҕэски ыччакка
Кэккэлэппит кэс тылын
Үрдүктүк өрө күөрэтэн
Тула бары түмсэммит
Сахалыы тыллаах саҥатын
Сатарыта дуоратан
Тургутуһа тутуһан
Туойуоҕун дуу, доҕоттоор.
Саҥа үйэ суолугар
Айбыт- туппут үлэтин
Ыччат дьоно үөрэтэр.
Эппит-тыыммыт тылларын
Ырытыһар-хасыһар.
Ньургун Боотур олоҥхо
Ньургун уолун санатан,
Маҥан атын сэтиилээн
Тааттаҥ төрүт буоругар
Өрүкүтэ көтүтэн
Өҥөйтөлөөн эрдэҕиҥ.
Дойдун сылаас тыыныттан
Эбэҕиттэн көрдөһөн
Үтэлэнэн аастаҕыҥ.
Тумус туттар киһибит
Турууласпыт көҥүлүн,
Үөрэх-сайдыы тутулун
Тарҕатыспыт түгэнин,
Уруй, туску туойуоҕуҥ!!!
Айхал тылын этиэҕиҥ!!!

Валентина Владимировна Пинигина– Арылы
Олунньу ый. 2018с
*Куорсун* айар түмсүү.Дьохсоҕон нэһилиэгэ.Таатта улууһа.