1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (1 оценок, среднее: 5,00 out of 5)
Загрузка...
262 просмотров

«Өксөкүлээх алгыстаах аартыга»

диэн саха литературатын төрүттээччи,киэн туттар биир дойдулаахпыт А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй өлбөт-сүппэт айымньыларынан скульптуралардаах Парка аһыллыытыгар биһиги түмсүүттэн бастакынан эбэ Валя көрөн кэлбитэ.(04.09.21с). Куолакаллар лыҥкынас тыастарын истэн, сөбүлүүр айымньытын «Сүүһүн туолбут эмээхсин ырыата» скульптура аттыгар хаартыскаҕа түһэн, үөрэн-көтөн кэрэ кэпсээн кэһиилээх кэлбитэ. Николаевскай таҥара дьиэтин И.Е.Кулаковскай — Оонньуулаах Уйбаан улуус кулубатынан үлэлиир кэмигэр бэйэтэ үбүлээн туттарбыт. Саҥа куолакаллары Өксөкүлээх Өлөксөй хаан-уруу дьоно сакаастаан оҥотторон бэлэхтээбиттэр.Куолакаллар ыйааһыннара 4,8,12,18,35,80 кг.