Ытык-Күөл Хадаайы музейыгар, төрөөбүтэ 135 сылынан улуу киһибитигэр Алампаҕа сүгүрүйүү ыытылынна.
Алампа саха литературатын төрүттэспит суруйааччы, поэзияҕа нарын лириканы бастакынан киллэрбит, бастакы драматург, сахалыы бастакы «Манчаары» диэн хаһыаты таһаарбыт уонна редактордаабыт, сахалыы «Чолбон» диэн сурунаалы олохтообут уонна бастакынан редактордаабыт, Саха драматическай театры тэрийбит уонна бастакынан салайбыт, үгүс элбэх правительственнай комиссияҕа үлэлээбит улахан өҥөлөөх.
Алампа уҥуоҕар Таатта улууһун баһылыгын солбуйааччы Сивцева И.А, Таатта норуот айымньытын директора Вырдылин Г.Г, Дьохсоҕон нэһилиэгин ветераннарын Советын председателэ Архипов М.Л, Боробул сэлиэнньэтин 89 сааһыгар сылдьар кырдьаҕаһа, айар-суруйар дьоҕурдаах Бочонин И.М, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан орто оскуола директора Петрова В.Д, улуус үөрэх управлениетын начальнигын солбуйааччы Луковцева М.Н тыл эттилэр. Дьохсоҕонтон «Куорсун» айар литературнай түмсүү чилиэннэрэ Алампа «Анабыл» хоһооннору аахтылар. Түмүгэр, Алампаҕа сүгүрүйэн сибэккилээх корзина уонна биирдиилээн сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
Биир дойдулаахпыт Алампа сырдык аата барыбыт өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр. Айымньылара өлбөт-сүппэт аналлаахтар.