А.К.Андреев — видный государственный и общественно-политический деятель, председатель ЯЦИК и СНК ЯАССР (1929-1931).
Директор ЯЦЭС (1936-1937).
Народный комиссар коммунального хозяйства (1937-1938).
1920-30сс. САССР сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрсибит, биллиилээх партийнай-советскай деятель, биһиги биир дойдулаахпыт, Дьохсоҕонтон төрүттээх А.К.Андреев олоҕун, үлэтин туһунан презентацияны көрүҥ https://disk.yandex.ru/d/q61TqVRThNmqlQ
Прочтите стихотворения, посвященные нашему земляку А.К.Андрееву, от литературного объединения «Куорсун».
Киэн туттар биир дойдулаахпытыгар А.К. Андреевка Дьохсоҕон нэһилиэгин «Куорсун» айар түмсүүттэн Анабыл хоһооннору сэҥээриҥ.
А.К.Андреевка.
Кырачаан сиэннэрбин сиэтэммин
Куонаан арыытыгар тиийэбин,
Ким манна олорон ааспытын
Кэмчитик кэпсиирбэр тиийэбин.
Кыракый чуумпу арыыттан
Кынат анньынан тахсыбыт,
Куонаан уола Ананий
Комиссар, бэртээхэй хаһаайын.
Кыра-хара дьонун туһугар
Кымньыылыыр тымныыны утарар,
Кыһалҕаны кыччатар иннигэр
Кыһанар-мүһэнэр, сылытар.
Кинини бар дьоно кэриэстээн,
Кылбайар өйдөбүнньүк туруорар,
Кэнчээри ыччата киэн туттан,
Кэрэчээн сибэккинэн киэргэтэр.
СМВ 16.06.16 «Куорсун» айар түмсүү.
А.К.Андреевка.
Былыр хаһан эрэ
Алааһынан тарҕанан
олорор эрдэххэ,
Саха ыала кыстыыра
алааска,
Көмүлүөк оһохтоох туруорбах балаҕаҥҥа.
Кыс бүтэн саас кэлэн,
Бэс ыйын саҥата,
көһөрө сайылыкка,
Көмөрдөөх алаас
илин баһыгар
Көһөллөрө Куонааннаах сайылыы.
Алаас иһэ туолара
түптэ тунаарар
буруотунан,
Оҕо күйгүөр саҥатынан.
Бу сайылыкка ааспыта
Анаанньый уол
Оҕо сааһа үлэ-хамнас
үөһүгэр.
Арыы тыаттан хаппыт
лабаа хомуйан
Киэһээҥҥи уокка бэлэмниирэ
амынньыар,
Хомустаах көлүччэ
ыраас уутун
Таһара кини оҕуһун
көлүнэн.
Мас буочукаҕа толору
баһан
Иһэр ууну дьаһайара
оҕолордуун.
Иҥэриммитэ кини
үлэҕэ эппиэтинэһи,
Олоххо дьулууру,
тулууру.
Анаанньый оҕо ситэн-хотон
Борбуйун көтөҕөөт
барбыта.
Ийэтин — аҕатын
алгыһынан
Ыраах үөрэх
кыһатыгар.
Сырдык олоххо
тардыһан,
Дьонугар-сэргэтигэр
туһалаары.
Сэбиэт былааһын
туругурдаары,
Хомунньуус баартыйа
ыйыытынан.
Үлэлээбит кини
күүскэ,
Олох-дьаһах
наркомунан.
Саха оло5о тупсарын туһугар
Туруулаһан, харыстаммакка.
Хара дьай сымыйа
үҥсүүтүнэн,
Түбэспитэ ыар
балыырга.
Хаайыллыбыта хараҥа
хаайыыга,
Түүнүктээх түрмэҕэ
симиллибитэ.
Өлөр өлүү ситэн
сиэбитэ,
Сиэртибэ буолбута былаас
былдьаһыгар.
Кырдьык үрдүгэр сымыйа
ыттыбат,
Өрөгөй өлбөт-сүппэт
ыйаахтаах.
Ыраастаабыта хара
балыыры,
Саҥа үүммүт
көлүөнэ.
Сырдык аата
тиллибитэ,
Сулус буолан
умайбыта!
Ол ахтылҕаннаах
сайылык
«Куонаан өтөҕө» аатыран
Турдаҕа билигин
өтөхсүйэн,
Ааспыт кэми
кэрэһэлии.
Турар онно суруктаах
таас,
Саха балаҕана саҥалыы
тутуллан,
Хонон ааһыа
кэнэҕэһин
Араас омук
Саха төрүт олоҕун
билсээри,
Саха ынаҕын үүтүн,
этин амсайаары
Уонна саха чулуутун
Кэриэстээн ааһаары.
Умнуллуо суоҕа кини
аата,
Ааттаныаҕа көлүөнэттэн
көлүөнэҕэ.
Сэһэн буолан
сэһэргэниэ,
Кэпсээн буолан
кэпсэниэ!
МЕМ.
Дьохсоҕон.Таатта.2021с.
А.К.Андреевка.
Куонаан арыытын кытаҕар
Билигин Сквер дьэндэйэр,
Бу манна мэҥэ таас күөнүгэр
Кэрээбэт мөссүөнүҥ мичээрэр.
Бар дьонуҥ махталын туоһута
Ыллык суол ол онно тыргыллар,
Сыллата өйдөбүл бэлиэтэ
Сибэкки дьөрбөтө сандаарар.
Булгунньахтаах сайылыгар
Балаҕан сандаара чөмчөйөр,
Күрүөҕэ сэргэхтик дьэндэйэн
Суруктаах таас бэлиэ көрсүһэр.
Эн ааккын ааттатар стипендия
Оскуола бастыҥар ананар,
Олоххо үктэнэр аартыгар
Элбэххэ угуйа кынаттыыр.
Тааттаттан бастакы үөрэхтээх
Инженер-электрик буолбутуҥ,
Дойдубут сайдарын туһугар
Сыраҕын-сылбаҕын уурбутуҥ.
Улааппыт алааһыҥ киэн туттар
Улуукан уолунан дуоһуйар,
Дьохсоҕон, бар дьонуҥ уруйдуур!
Дьоһуннаах оҕотун Айхаллыыр!
Арылы.
«Куорсун» айар түмсүү. Дьохсоҕон. Таатта. 2021с.
Биир дойдулаахпыт А.К.Андреев.
Сэбиэт былааһа күөрэйэн
Саҥа үйэ олохтонон,
Тэбис тэҥҥэ хардыылаары
Киинэ түспүт Дьохсоҕонуттан,
Булгунньахтааҕын алааһыттан
Тэлэһийбитэ киэҥ сиргэ,
Үтүөнү-сырдыгы батыһан
Куонаан уола Ананий.
Сахалартан бастакы
Олох-дьаһах наркома,
Сүрэх уота умайда
Оттук төлөнө сылытта
Итии ситимниин холбосто.
Кини кимий?
Сахалартан бастакы
Инженер — энергетик буолбута.
Кини кимий?
Ойуунускай, Аммосов, Аржаков
Биир ньыгыл эрээккэ
Кэккэлэһэ турбуттара.
Кыыһар көмүс суругунан
Күндү ытык ааттара
Кичэллээхтик үйэтилиннэ,
Ыра санаа суолугар
Олох төлөнө буолан
Ананий Куонаан уола
Айаннаһыа турдаҕа.
Дьохсоҕон Кыыһа.
«Куорсун» айар түмсүү.Дьохсоҕон.Таатта.2021с.