Аан дойду арабуочайа
Айхаллаан ааһар,
Үс дойду
Үлэһитин үөрэ
Күүстэрин көрүнэн,
Сүбэлэрин чөмөхтүүр,
Эйэлэрин элбэтэр,
Билиилэрин тэнитэр
Маҥнайгы маайым
Майаҕас күнүгэр
Төрөөбүт дойдубар,
Төрүт буорбар,
Иитиллибит ийэбэр-
Элиэнэ эбэбэр
Эт сүрэҕим элэтинэн
Эҕэрдэ этэбин!..
Ыам ыйын ыраас күнүгэр
Ыччат дьоммор
Ыраах да буолларбын,
Ылбаҕай санаабыттан
Ыраас ырабын ыытабын!..
Балык ыйын
Маҥнайгы күнүгэр
Баарбын биллэрэн
Бар дьоммор
Барыларыгар мааны
Баҕабын баҕарабын!
Бу ыам ыйын
Ыраас күнүнэн
Өс-саас өһүлүннүн,
Өлүү-сүтүү өһүннүн,
Өрөгөй-талаан үрдээтин,
Өлбөт-сүппэт үөстээтин,
Өй-санаа кэҥээтин,
Сахалыы саҥа,
Саха үөрэҕэ
Салааланан сайдан,
Сандааран таҕыстын!
Үлэһит саха
Үрдээтин — үөскээтин,
Үөрэҕин үрдэттин!
Холбостун холлойдун.
Түөһүнэн төлөрүтэн
Төлкөнү төрөттүн.
Үлүһүйэн үлэлээн
Үбү үөскэттин!
Быччыҥнара кытааттын
Быһыыта тубустун,
Айаҕынан саҥаран
Айдааны арыйдын.
Массыына бастаатын,
Көтөр көлө күүһүрдүн, сайыннын!
Элиэнэ эбэм
Илгэтинэн иитэн
Уутунан утахтаан,
Баччыктарын барҕартын!
Самантан ыла
Санааны тапсар
Сайаҕас, дьэҥкэ
Саргы салалыннын.
Өйү түмэр
Өрөгөй үгэс
Өрө күндээрдин!
Оччугуй омуктар
Олохторо тубустун!
Кыра омуктар
Кыһалҕалара кыччаатын,
Сандаҕалаах сулус
Салаата сарбайан,
Саха балаҕанын
Саба сандаартын!..
28.02.1929сыл.