Саҥа электроннай кинигэ.
«…Аныгы толкуйунан
Тобулан таһаарар,
Үлэтин туһатын
Үллэстэр баҕалаах,
Билиини хомуйан ситимниир
Дьоһун Дьохсоҕон ыччата»
(Людмилаҕа анабылтан)
Өксөкүлээх Өлөксөйү арыйыаҕыҥ» диэн киэн туттар биир дойдулаахпыт, саха уус-уран литературатын төрүттээччи, саха норуотун фольклорун, тылын, историятын, культуратын чинчийээччи, сырдатааччы, киэҥ-дириҥ көрүүлээх бөлүһүөк, общественнай деятель А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 145 сылыгар саҥа мультимедийнай кинигэ таҕыста. Бу кинигэ Таатта Дьохсоҕонуттан төрүттээх, Дьокуускайга республиканскай юношескай библиотекаҕа кылаабынай библиограбынан 30-тан тахса сыл үлэлээн бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, ССРС культуратын туйгуна Людмила Ивановна Хабытина өссө биир улахан үлэтэ. Кинигэ Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун, айар үлэтин үөрэтэр дьоҥҥо аналлаах, оннук сыаллаах-соруктаах. Өксөкүлээх Өлөксөй биографиятын билэргэ бэчээккэ тахсыбыт 20 ыстатыйаны, айар үлэтин туһунан 47 ыстатыйаны, ырытыылары ааҕыаххытын сөп. «Хоһоонноро» блокка 48 сахалыы хоһооннорун, алгыстарын ааҕыҥ. Маны тэҥэ поэмалара, таабырыннара, өс хоһоонноро, научнай үлэлэрэ тус-туспа блоктарга түмүллүбүттэр. «Иһирэх тыллар» диэн блокка Өксөкүлээх Өлөксөй үлэтин туһунан суруйааччылар этиилэрэ киирбиттэр. Электроннай кинигэ 669 мегабайт иэннээх: 5310 файллаах, 325 паапкалаах, 25 блоктаах, 223 сахалыы, нууччалыы слайдалардаах, 73 араас көтөрдөр, кыыллар саҥалара бааллар, 2 радиокомпозициялаах. Кинигэ учууталларга көмө матырыйаалларынан уонна слайдаларынан түмүктэнэр.
«Өркөн өй кэхтибэт быйаҥын үйэҕэ түмэҥҥин, мунньаҥҥын банаардаах уотунан сырдыыгын» диэн тыллар Людмила Ивановнаҕа анаммыт курдуктар. Кини граннары ылары ситиһэн оҥорбут электроннай мультимедийнай таһаарыылара элбээтилэр: «Ааҕыый миэхэ», «Сыспай сиэллээхтэр эйгэлэрэ», «Олоҥхо абылаҥа», «Саха оператын легендалара», «Тыыннаахтар умнубат сыллара (Сиэллээх нэһилиэгэ)», саха араадьыйатын Сэһэн Дархана», «Народнай поэт Эллэй», «Айыы киһитэ Алампа барахсан!». Дьаныардаах үлэтинэн «Печатный двор Якутии» регионнар икки ардыларынааҕы быыстапка-ярмаркаҕа «Электронные издания» номинация кыайыылааҕа буолбута.
Өксөкүлээх Өлөксөй үбүлүөйүн көрсө кини олоҕун, үлэтин арыйар дириҥ ис хоһоонноох, элбэх үөрэтэр методическай матырыйааллардаах саҥа тахсыбыт электроннай кинигэни сэҥээриҥ, үлэҕэ, үөрэххэ туһаныҥ! «Биһи норуоппут дьылҕатыгар куттал үөскээтэҕинэ урут даҕаны, билигин даҕаны Кини наада буолааччы… Кулаковскайдаах буоламмыт дөксө улахан норуот курдук көстөр эбиппит» — диэн профессор, бөлүһүөк учуонай А.Е. Мординов суруйбутун умнумаҥ.
Людмила Ивановнаҕа маннык элбэх уонна олус туһалаах баай матырыйааллары сыралаһан хомуйан, наардаан, түргэнник булан туһанарга анаан оҥорбут саҥа олох кэрэһиттэринэн — электроннай кинигэлэринэн туһаммыт ааҕааччылар, учууталлар, студеннар элбэхтик махтаммыт буолуохтаахтар.
Биир дойдулаахпытыгар өссө да солун үлэлэри таһаарыаҕа диэн эрэлбитин, махталбытын, тапталбытын биллэрэбит!
Ытыктабыллаах Людмила Ивановнаҕа «Куорсун» айар түмсүүттэн Россия Библиотекаларын күнүнэн истиҥ эҕэрдэбитин ыытабыт.Баҕарабыт айымньылаах үлэҕэр өссө үрдүк ситиһиилэри, доруобуйаны,
дьолу-соргуну.
Галина Другина.
М.А.Петров аатынан библиотека.Дьохсоҕон.Таатта 27.05.2022с.
Людмила Ивановна «Өксөкүлээх в виртуальной среде» выставката:
«О будущем я намерен порассуждать
О грядущем идущем порассказать…»
А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй.