Прочитайте стихотворения,посвященные своим мамам от авторов литературного объединения «Куорсун».
Гликерья Матвеевна Мочкинаҕа анабыл:
Саатар биир түгэн…
Ис кутум толугуруу мөхсөр,
Ийэм суох диэтэхпинэ,
Аҕам быданнаабыт
Дии санаатахпына.
Тугу сыыстым,
Тугу таптым?
Эппэтэх тылларбын көрдөөммүн
Эт мэйиибин хаһыстым.
Көччөх буолан көтүппүт
Иэримэ дьиэбэр
Саатар биир түгэн
Сылдьыбыт киһи оҕо буолан…
Ийэм үүттээх чэйин
Утаппыттыы ыймахтааммын
Утахпын ханнардарбыан,
Өссө биирдэ төбөтүттэн имэрийдэрбиэн,
Киэҥ холку сирэйин манньыйа, сылаанньыйа
көрдөрбүн
Ньии.
ЕАМ -Дьохсоҕон Кыыһа.
«Куорсун» айар түмсүү.16.10.2022 с
Елена Семеновна Варламоваҕа анабыл:
Эппэтэх эбиппин
Ийэ барахсаҥҥа бу күҥҥэ
Кэрэ да тыллары этэллэр,
Күн араас санааны тиһэллэр,
Бэркэ да сааһылаан туойаллар.
Эйиэхэ,ийэбэр,арай мин
Этиэхтээх тыллары кэмчилээн,
Куруутун оҕолуу сананан
Атаахтаан сааһыран эрдэҕим.
Амарах санааттан тахсыбыт
эн эппит тылларыҥ тыыннаахтар,
Үтүөнү төлкөлүүр баҕаккаҥ
Олохпор эркээйи буолаллар.
Эн хайгыыр,астыммыт түгэҥҥэр
Үөрэн харыс саҕа үрдүүрүм,
Ардыгар сэмэлиир харахтан
Кыбыстан сүөм түһэн ыларым.
Сирдээбит суолгуттан тэйбэккэ,
Сүбэҕин толорор туһуттан
Баҕарбыт идэҕин ыламмын
Үлэттэн үөрүүнү биллэҕим.
Күн күбэй ийэлээх буоламмыт
Өр сылга оҕолор этибит,
Билигин хараанныы сылдьаргар
Бигэтик эрэнэ саныыбыт.
Акулина Колмогорова.
«Куорсун» айар түмсүү.
Дьокуускай, 16.10.22
Мария Хрисанфовна Кривошапкинаҕа анабыл хоһоон:
Ийээ…
(Муттухайдыы
Ийэбин санаан)
Ийээ…
Бүгүн-сайыҥҥы күн,
Бүгүн-ньукуолун күн,
Бүгүн эйигин биһиги
Тиһэх суолгар атаарбыппыт…
Ийээ…
Ол күнтэн оруобуна
Үйэ аҥаара ааста…
Оо,эдэрчи да сылдьан
Күн сириттэн күрэммитиҥ…
Ийээ…
Билигин мин сааһырдым…
Эйиэхэ ийэҥ тэҥэбин…
Ол да буоллар,
Ийээ
Куруутун суохтуубун,
Ахтабын…
Эбээ Валя.
22.05.22
«Куорсун» айа түмсүү.Дьохсоҕон.
Федора Гаврильевна Большаковаҕа:
Ахтылҕан
Тэбэнэт күннэрим быыһыттан
Күн ийэм мөссүөнэ сыдьаайар,
Түбүктээх олоҕум суолугар
Күннэтэ арыаллыы хаамсыһар.
Сылтан-сыл өссүөҥҥэ бэриммэт
Сэбэрэҥ куруутун аттыбар,
Сүрэхпэр сөҕүйбэт тапталлыын
Ахтылҕан дьыбара тулабар.
Дьыл-хонук түргэнник да ааһар,
Оҕоккоҥ сааһыран бэдьэйэр,
Онтон эн ийэкээм барахсан
Кырдьыбат
аналлаах эбиккин.
Оҕо саас ааспыта ыраатта
Ол онно арай күн кэриэтэ
Күн ийэм мичээрэ мичийэр,
Биһигим күлүгэ биэтэҥниир.
… Арылы.
«Куорсун»айар түмсүү.Дьохсоҕон