Улуу убайбыт, киэн туттар биир дойдулаахпыт А.И.Софронов — Алампа төрөөбүт күнүгэр (14.11.2022с.) хоһооннорун төрөөбүт нэһилиэгэр Дьохсоҕоҥҥо оскуола оҕолоро ааҕыыларын күөн күрэһин түмүгэ:
📌Уһуйаан иитилээччилэрэ:
1 миэстэ: «Туллук туллук доҕотттор» Орто бөлөх. Сал.Тихонова С. М.
2 миэстэ: «Ахсаан чабырҕаҕа». Улахан бөлөх оҕолоро.
Сал. Жиркова И. И.
3 миэстэ:
Улахан бөлөх оҕолоро.
Сал. Жиркова И.И.
📌 Алын кылаас үөрэнээччилэрэ:
Биирдиилээн ааҕыыга
1миэстэ: Вика Попова. «Туллук туллук доҕотттор».
Сал. Татаринова Т. И.
2 миэстэ: Сайаана Никонова. «Алампаҕа аныыбын»
Салайааччы Сивцева Я. И.
Бөлөхтөргө:
1миэстэ:
2 кылаас. «Оҕо, оҕо эрдэххэ» Салайаааччы С.П.Охлопкова.
📌 Орто сүһүөх үөрэнээччилэрэ биирдиилээн ааҕыыларыгар
1миэстэ Айыллаана Попова. 6″б»кл. «Алаас уола Алампа».
Салайааччы Попова Л.А.
2 миэстэ Кристина Матвеева. «Ыллыыбын». Салайааччылар Лебедев Е.В. Сивцева М. В.
3 миэстэ: Андрей Егоров. «Саҥа дьыл ырыата».
Салайааччы Климова А. И.
Орто сүһүөхтэргэ
бөлөҕүнэн ааҕыыга:
1 миэстэ — 7 кылаас
«Саха ырыата».
Салайааччы Сивцева М. В.
📌 Үрдүкү сүһүөхтэргэ
биирдиилээн ааҕыы суох.
Бөлөҕүнэн ааҕыыга:
1 миэстэ 10 кылаас.
«Тугу туойабын?»‘.
Салайааччы Яковлева С. Е.
📌 СР үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Алампа бириэмийэтин олохтооччу Светлана Климентьевна Архипова анал бирииһин Матвеева Кристинаҕа 8 кылаас үөрэнээччитигэр туттарда.
📌 *Хомоҕой хоһоонньут* анал ааттар автордарга:
Сивцева М. В.,
Пинигина В. В. — Арылы.
Айнура Татаринова
Нэһилиэккэ ыытыллыбыт бастакы хоһоон күрэһигэр 72 оҕо кытынна,онтон уолаттар 41 оҕо.Бары кыттыбыт оҕолорго өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.Хоһоон ааҕыытын дьикти алыбыгар ылларан сайдан,тупсан иһиҥ, таптыыр суруйааччыгыт айымньыларын киэҥ эйгэҕэ тарҕатыһыҥ, төрөөбүт төрүт тылгытынан иэйиигитин истээччигэ тиэрдэргэ кыһаллыҥ!
Алампа хоһооннорун сэргэ олохтоох «Куорсун» айар түмсүүгэ айыллан тахсыбыт анабыллары истиҥник аахпыт оҕолорго: Айыллаана Попова эдьиийин Айнура айымньытын ааҕан бастаабыкка,Сайаана Никонова Сивцева М.В.хоһоонун ааҕан иккис миэстэни ылбытынан,В.Пинигина-Арылы «Алампа туллуга» хоһоонун аахпыт «Куорсун» түмсүүттэн Марина Спартаковна Поповаҕа уонна Алампа норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрин ааҕар бөлөҕөр улахан махталбытын тиэрдэбит!
Хоһоон түһүлгэтигэр ааҕар оҕолорго биир үтүө холобур буолар толоруунан буолла «Алампа куолаһа» диэн нэһилиэк эдэр эр дьонун бөлөҕө «Ыллыым ээ, ыллыым» хоһоону истиҥник-иһирэхтик ааҕыылара.
Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан оскуолабыт учууталлара күргүөмүнэн хоһоон ааҕыылара,эдэр учууталлар үҥкүүлэрэ, оскуола Алампаҕа анаан ыытар үлэлэрин видеопрезентациялара уонна үөрэнээччилэри дорҕоонноохтук аахтараннар сүрэҕи үөртүлэр,санааны көтөхтүлэр.
Алампабыт төрөөбүт күнэ үрдүк таһымнаахтык ааспытыгар махтал, инникитин өссө ситиһиилээхтик тэриллиэхтэрэ диэн эрэнэбит.
Архиповтар дьиэ-кэргэн Алампа аатынан бириэмийэлэрин туттардылар нэһилиэк баһылыгар П.Е.Захаровка — Алампаны үйэтитээччигэ!
(Сорох хаартыскалары кэлэр таһаарыыга көрөөрүҥ)