1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (4 оценок, среднее: 4,75 out of 5)
Загрузка...
257 просмотров

Мандар Ууска эҕэрдэ!

Таатта талба талааннааҕа,
Киһи Киһитэ Мандар уус!

Урукку дьылларга,
Ол кэмнэргэ,
Оччотооҕу хонуктарга
Улуу өбүгэлэрбит
Олорон ааспыт
Олохторун кэпсиир,
Умнууга хаалбыт
Уустук ис хоһоонноох
Ойууларын,оһуордарын
Оҕо эрдэххиттэн
Ураты мындыр саталгынан,
Олоҕуҥ устата
Улаханнык сыралаһан,
Ону ирдэһэн булаҥҥын,
Орто туруу дойдуга
Олох баарын тухары,
Утумнаан норуотум туһаныа диэн
Оруктаах өйгүн түмэн
Ойууга-бичиккэ түһэрэн
Утары уунан үөртүҥ!
Оҥорбут үтүөҕүн норуотуҥ билиннэ!
Уус ааттааҕын,
Улахан Бөлүһүөгү,
Уран ойууһуту
Уруй-Айхал этэммит
Уруйдуоҕуҥ, доҕоттоор!
Уһулуччу Киһигин да
Олус боростуойгунан
Улуутуйан көстөҕүн!
Уһун дьоллоох олохтон,
Улуу Мандар Ууспут!

Эбээ Валя.
«Куорсун» айар түмсүү.
Дьохсоҕон.Таатта.2022с.

Б.Ф.Неустроев-Мандар Ууска анабыл хоһооннордоох  кинигэни сэҥээриҥ,библиотекаттан уларсан ааҕыҥ,Алампа аатынан Норуот айымньытын дьиэтигэр бу кинигэ атыыга баар.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *