1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (4 оценок, среднее: 4,75 out of 5)
Загрузка...
267 просмотров

День Матери в России.

Первая попытка учредить День Матери в России состоялась еще в 1915г.,но не закрепился в народном календаре и в 1998г.Президент России Б.Н.Ельцин подписал Указ об учреждении праздника, целью которого стало напоминание о важной роли матери в жизни каждого человека.Символ праздника — незабудка.Атрибут праздника — плюшевый мишка с незабудкой в лапках.К этому дню приурочена Всероссийская социальная Акция «Мама,я тебя люблю»
Слово «мама» во всех языках звучит похоже.Считается, что оно происходит от звуков, которые издает ребенок.
День Матери — международный праздник в честь матерей. В этот день поздравляют матерей и беременных женщин, в отличие от Международного женского дня, когда поздравления принимают все представительницы женского пола. Цель самого доброго,нежного праздника в укреплении семейных устоев, поддержке традиции бережного отношения к Матери. Самый главный подарок ко дню Матери — это любовь и благодарность их детей.

Ахтылҕан

Киирэн кэллим алаһа дьиэбэр,
төрөөбүт төрүт тусаһабар.
Ийэм минньигэс сытын ылаары,
чугаһаатым аал уоппар аргыый
Айах тутан алаадьы ууннум,
күлүм гынан мичик аллайда,
Ыйыппыт курдук сэгэс гынан
,,Кэллиҥ дуу, бүгүн дьиэҕэр» сипсийдэ,
Сымнаҕас илиитин сылааһынан
Угуттуурдуу илгийэ тыынна..

Дьохсоҕон Кыыһа.
Таатта.»Куорсун»айар түмсүү.
27.11.2022с.

 

Наһаа истиҥ хоһоон баар эбит, автора биллибэт. Ийэ күнүнэн ,ийэлэрбитин санаан ааһыаҕыҥ.

Хайдах да дойдуга тиийдэрбин
Халтархай суолунан хаамтарбын
Харгыска хаайтаран хаалларбын
Харыстыыр аанньаллаах буолабын.

Ол аанньал- мин ийэм барахсан
Төһө да суох буоллар билигин
Олохпун арчылаан-маанылаан
Төлкөбүн түстээбит күн киһим.

Киҥкиниир киэҥ дуоллаах халлаантан
Күөх куйаар кыраман үрдүктэн
Ийэкэм мин хайдах сылдьарбын
Истэрэ-көрөрө буолуохтаах.

Ардыгар ситиһии сиэттистин
Аттыбар дьол-үөрүү үөрдүстүн
Үөрсэрэ буолуоҕа миигинниин
Үөһэттэн ээр-сэмээр мичээрдии.

Сыыһаары гыннахха саныыбын
Син эмиэ туттуна сатыыбын.
Хомойон-хоргутан ийэкэм
Хараҕын ууларын тоҕуо диэн.

Ол иһин ис санаам ичигэс
Мин дууһам иэйиитэ иһирэх
Оһоҕум сылааһа сымнаҕас
Аал уотум иччитэ амарах

Чанчыгым астара кырыарбыт
Ийэм да барбыта ырааппыт.
Чахчыта таптала ааспатах
Илгийэр итиитэ сойботох…

День Матери в России.: 2 комментария

  1. Габышев Давид Поликарпович

    Эдьиий Таанньа барахсан, наһаа да үтүө киһи этэ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *