«Таатта худуоһунньуктара» видеороликка талыы-талба тапталлаах Тааттабытын ааттаппыт уонна ааттатар биллиилээх худуоһунньуктарбытын, скульптордарбытын көрүҥ, сэргээҥ.
Видеоролигы бэлэмнээтилэр Тааттатааҕы картиннай галерея үлэһиттэрэ.
Саха ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын төрүттээччи, сахалар материальнай культураларын чинчийиигэ, үйэтитиигэ сүҥкэн үтүөлээх худуоһунньук, этнограф Иван Васильевич Попов аатынан киэн туттабыт. Кини олус баай ис хоһоонноох, кэрэхсэбиллээх хартыыналара саха омук раритетын быһыытынан биллэр. Ону таһынан түһэрэн хаалларбыт хаартыскалара историяҕа улахан суолталаахтар.
Кини туһунан 3 түһүмэхтээх хомуурунньугу, ону таһынан Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон худуоһунньук төрөөбүтэ 120с.таһаарбыт альбом-кинигэтин, Тааттатааҕы литературнай -художественнай музей таһаарбыт кинигэтин библиотекаттан уларсан ааҕыҥ, элбэҕи билиэххит.
Таатта скульптордарын үлэлэрин «Памятные литературные места Таатты» диэн У.Заболоцкая,Е.Шестакова хомуйан таһаарбыт альбом-справочниктарыгар көрүҥ.
Саха Олоҥхотугар Кэрэ, Күүс, Өркөн өй өрө тутуллаллар.Ол кэрэни СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ,П.А.Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата, норуот маастара Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус халлаан сулуһунуу тэлгэтэ тэнитэн бар дьонугар көрдөрбүт кинигэтин библиотекаттан уларсан үлэҕэ-үөрэххэ туһаныҥ!
Таатта киэн туттар фольклориһа,кыраайы үөрэтээччитэ, үгүс кинигэ ааптара, сээркээн сэһэнньит, талааннаах худуоһунньук Егор Дмитриевич Андросов туһунан истиҥ-иһирэх ахтыылар кэрэ кэпсээн,үтүө сэһэн буолан тахсыбыт кинигэтин көрүҥ,уларсыҥ,ааҕыҥ!
Худуоһунньук И.В.Попов «Теленок» диэн биир биллэр хартыынатын (1926)
А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Дьохсоҕон орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ убайдыы быраат Коля, Андрей Поленовтар (художественнай салайааччылара В.П.Бысыина) худуоһунньук 145с. үбүлүөйүгэр анаан кини хартыынатын уруһуйдаабыттарын көрүҥ.