Саха литературатын төрүттэспит суруйааччылартан биирдэстэрэ Николай Денисович Неустроев 1895 с. ахсынньы 15 күнүгэр Таатта yлyyhyгap төрөөбүтэ.
📌Кини драматург уонна прозаик. Бастакы нууччалыы кэпсээнэ «Дикая жизнь» 1917 с. бэчээттэммитэ, комедия жанрын төрүттээбитэ.
📌Бастыҥ комедията «Кукаакы Кулуба» 1920 с. суруллубута. Саха драмтеатра кини суруйбут «Kyhaҕaн тыын» драматынан улэтин саҕалаабыта (1925 с.)
📌»Балыксыт» кэпсээнэ саха классикaтыгаp киирэр.
Неустроев үөрэммит оскуолата — нуучча литературата. Нууччалыы кэпсээннэри суруйбутун тэҥэ, өссө революция иннинэ Платон Ойуунускайдыын Н.В.Гоголь «Ревизорун» сахалыы саҥардыспыта.
📌Кинини эмиэ баһааҕырдан буржуазнай националиһынан ааттыы сылдьыбыттара.
Саха үс бастакы суруйааччыларын үтүө ааттарын төнүннэриигэ профессор Г.П.Башарин улахан үтүөлээх.
📌Эдэр caaһыгap 1929 с. от ыйын 21 күнүгэр ыалдьан өлбүтэ. Дьокуускайга көмүллүбүтэ.
📌Н.Д.Неустроев «Тиэтэйбит» комедиятынан уһуллубут сахалыы киинэни көрүҥ.
https://youtu.be/VbfmFu1izvQ