Үүммүт дьыл аартыгар үктэнэн
Сүрэхпит үөрүүнэн туолуохтун,
Кэлбит дьыл устатын тухары
Олохпут нус-бааччы устуохтун! — диэн баҕа санаабытын тиэрдэммит Саҥа дьыл буолара чугаһаабыт аптаах-алыптаах күнүгэр, Дьохсоҕон нэһилиэгэр олус дьикти түгэни бэлэмнээн, күндү көмүс оҕолорбутугар тиэрдибиппитин сэргээҥҥит ааҕыҥ,хаартыскалары сэҥээриҥ!
Дьохсоҕон нэһилиэгин ветераннара Власова Любовь Константиновна,Бочонин Иван Михайлович, Колотинскай Владимир Петрович уонна нэһилиэк библиотеката биир сүбэнэн бу саас ыам ыйыттан олохтоох орто оскуола 7-ис кылааһын,кылаас салайааччыта Мария Владимировна Сивцеваны кытта «Эһээ,Эбээ үөрэҕэ» диэн саҥа бырайыагынан үлэбитин саҕалаабыппыт.
Бу бырайыак бастакы тосхолунан Аар айылҕа уһуктуута ыам ыйыгар оҕолору батыһыннаран, айылҕа уһуктар үөрүүтүн оҕолорго тиэрдэн Любовь Константиновна хатыҥ уутун ыларга, хатыҥ үөһэ, чаага хомуйарга үөрэппитэ.Бу айылҕаҕа тахсыы,айылҕа уунар үтүө бэлэҕин,айылҕаны энчирэппэккэ, харыстаан аһары барбакка туһанарга хаһан да умнуллубат үөрэҕи Кини оҕолорго умнуллубаттык иҥэрдэ.
Иккис улахан суолталаах, дириҥ ис хоһоонноох тосхолунан бэс ыйыгар нэһилиэккэ ыытыллыбыт Оҕо Ыһыаҕар Любовь Константиновна «Өбүгэ чэйэ» диэн чэйгэ аналлаах оту айылҕаттан хомуйан, бэлэмнээһини ылыммыта.
Дьэ уонна оҕо ыһыаҕар «Чэйи иһии сахалыы үгэһин» анаан көрдөрөн ыраахтан-чугастан мустубут күндү ыалдьыттары итии чэйинэн күндүлээһини тэрийэн улахан сэҥээриини ылбыта.
Бырайыак үһүс улахан тосхолунан буолбута — көмүс күһүн күндээрэн кэлиитэ Чөркөөх историческай музейыгар сылдьыы. Оҕолор музейы олус сэҥээрэн көрбүттэрэ. Музейга айан оҕолорго олохторугар умнуллубат биир үөрүүлээх түгэн буолбута саарбаҕа суох.
Бу курдук бырайыак ыйдарынан сүрүн тосхоллоро буолан аастылар.
Бырайыак былаанынан хас нэдиэлэ аайы нэһилиэк тумус туттар дьонун кытта интэриэһинэй ис хоһоонноох көрсүһүүлэр ыытылыннылар.
Оҕолор сүрдээҕин сэргииллэр, ыйытыктара да элбэх буолар. Оҕолор библиотекаҕа мустубут күннэригэр ааҕар кинигэлэри уларсаннар,саҥа журналлары көрөн билиилэрин хаҥаталлар, билиилэрин тургутан көрөр оонньууларга сэргэхтик оонньууллар.Бу бырайыак оҕолоро кинигэ бараммат баай буоларын, үөрэххэ, инникитин үлэҕэ, олоххо арахсыспат аргыс буоларын өйдүүллэр.
Ахсынньы ый аам-даам тымныынан хаарыйар, тымныы хойуу туманынан бүрүйэр 25 күнүгэр оҕолору сэҥээрдээри, кыһыҥҥы айылҕабытыгар остуоруйа алыптаах түгэнин тэринэн туран көрдөрбүт биир улахан ситиһиибит үөрүүтүн үллэстэбит. Ити күн 3,30 мүн халлаан хараҥарыыта,тыа ортотугар баар кыракый ырааһыйаҕа Саҥа дьыл чугаһаан эрэрин көрдөрөөрү, эрдэ тиийэн халыҥ хаары күрдьэн,суол таһааран костер отторго төрөппүттэри көмөлөһүннэрэн бэлэмнээбиттэрэ. Бырааһынньыкпыт буолар күнүгэр оҕолор төрөппүттэрин кытта эрдэ тиийэн костердарын оттубуттара. Тыа быыһынан костер уоттара кыламнаан көстүүтэ Тымныы Мооруос Оҕонньор, сиэнэ кыыс Хаарчаана, саҥа сыл бэлиэтэ Саҥа дьыл салааскалаах подарок соһон мустубут оҕолорго айаннаан тиийбиттэрэ.Саҥа дьыл -саҥа үөрүү,саҥа ситиһии-саҥа дьол сиэттиспитинэн кэлэр үөрүүтүнэн оҕолору истиҥник эҕэрдэлээн, бастакы подароктарын туттаран оҕолору үөрдүбүттэрэ. Истиҥ баҕа санаалары бэйэ-бэйэҕэ тиэрдиһэн, ыллаан үҥкүүлээн, мутук тостор тымныы күнүгэр сылаас шоколаднай какао дуоһуйа иһэн, сымнаҕас сибиэһэй тапталлаах пиццаларын сиэн үөрэн- көтөн,астынан дьиэлэригэр тарҕаспыттара.
Бу кыһыҥҥы айылҕаҕа оҕолорго саҥа дьыл кэлиитин бастакы көрсүһүүлэригэр олус истиҥник,элбэх үөрүүнү,олох тухары умннуллубат өйдөбүлү хаалларбытыгар улахан махталы-баһыыбаны Любовь Константиновнаҕа кини толкуйунан оҥоһуллубут сэргэх,сырдык бырааһынньыгы бэлэхтээбитигэр барҕа махталбытын тиэрдэбит.Бу бырайыак биир солун бастакы тэрээһинэ табыллыбытыгар кыттыыны ылбыт төрөппүттэргэ махтал,атын төрөппүттэргэ эһиги бастыҥ холобур буолаҕыт.»Эһээ,эбээ үөрэҕэ» бырайыакпыт кылаабынай үөрэтээччибитигэр,сүбэһиппитигэр,аҕалыы амарах сыһыанын оҕолорго тиэрдэр Владимир Петровичка махтал бастыҥа тиийиэхтин!Биир күндү аарыма кырдьаҕас эһээҕэ,сэрии сылын оҕотугар Иван Михайловичка туспа махтал-баһыыба тылларын тиэрдэбит. Бырайыак олоххо киирэригэр төрөппүттэр көмөлөрө — оҕолорун өйөөннөр,өйдөтөннөр ыытыллар тэрээһиннэргэ актыыбынайдык кытыннаралларыгар. Бырайыакпыт салҕанар, иннибитигэр өссө ордук интэриэһинэй тэрээһиннэр былааҥҥа бааллар.