Былыр «таҥхаһыт» диэн инникини өтө көрөр идэлээх киһини этэллэрэ.
Билиҥҥинэн гороскуоп курдук. Холобур: Баай оҕонньор кыһын атын улуустан күтүөтүн аахха кэлэн хоно-өрүү сытан саҥардыы улаатан эрэр үс сиэн уолаттарын биир-биир ыҥыртаан сирэйдэрин-харахтарын одуулаан көрөн баран кэлин улааттахтарына төһө сүөһүлээх-сылгылаах хайдах дьон буолуохтаахтарын этэн биэрбитэ диэн кэпсииллэрэ.Улахан сиэним хараҕа сүүрэлээн тугу булбутун-талбытын хаартыга сүүйтэрэн оттомо суох киһи буолсу. Орто сиэним бэйэтин сыратынан-сылбатынан үлэлээн-хамсаан, оҕолонон-урууланан, ааппытын ааттатар киһи буолсу. Бу кыра сиэним хараҕа оттомноох, кэлин нэһилиэгин уһун кэмнэргэ салайан дьонун махталынан, оҕолонон-урууланан этэҥҥэ олорууһу диэн сиэннэрин инники олохторун этэн биэртэлээбитэ, барыта кини эппитин-таҥхалаабытын курдук буолбута дииллэрэ. Билигин эдэр дьоннор өлбүт киһи дууһатын ыҥыран баран таҥхалыыллара көр-күлүү курдук буолан олохторугар кутталы оҥоруон, ыарытыннарыан да сөп.
Дьохсоҕон Дьуоната.
11.01.2023.Таатта.Дьохсоҕон нэһилиэгэ
Былыр былыргыттан бу ыйга өбүгэлэрбит таҥхалыыллара. Дьылҕа Хааны,Чыҥыс Хааны,Одун Хааны кытта тэҥҥэ ахтыллар Айыылартан биирдэстэрэ Таҥха Хаан киһи дьылҕатын, инники олоҕун туһунан тугу этэрин айылҕа бу дьикти кэмигэр билгэлэнэн көрөллөрө.