Чыычый көрсүһүү
Бүгүн халлааммыт сатамматах. Оһох буруота халлаан диэки көнөтүк кыырайбытын көрдөххө. Сатайан туран тымныйбыт, туох барыта хос тыастаммыт курдук. Бэл тэйиччи айан суолунан ааһар массыыналар тыастара субу аттыгар баар курдук лиһигирээн иһиллэр.
Балаайа эмээхсин ойбоҥҥо хойутаан киирдэ бүгүн. Хотонун диэки хааман истэҕинэ кэнниттэн ким эрэ ситэн кэлбит курдук буолла. Тохтоон кэннин ханьыһан көрбүтэ кураанах. Арааската тиэтэйбит санаабар быһыылаах. Тиийэн далын аанын аһаат, талах минньигин хаһыйа анньаат, хотонун ыарахан аанын нэһиилэ тэлэйэ баттаата. «Барахсаттарым сыттара-сымардара ханнык да ити соттор тэриллэринээҕэр быдан ордук. Сылааһынан илгийэн, сыта «дьар» гыннар даҕаны, быдан ахтылҕаннаах.Тыа дьоно сүөһүтэ суох сатаан таҥнан- симэнэн олорбоппут». Үөрэн мичийэн сүөһүлэрин таптыы-таптыы тиэтэлинэн сүөртэлээн «һай-һай, тахсыҥ» диэн ытыһынан таптайа-таптайа үүртэлээтэ. Хойутаабыт сүөһүлэр күөл диэки сүүрэн хоочугураһа турдулар. Балаайа ойбон тоҥон эрдэҕэ диэн тимир күрдьэх илдьэ кэннилэриттэн сабыахайдаан истэ. «Уччаа, дьэ бүгүн бытарыппыт дии халлааммыт» дии санаан ылла. Күөлүгэр чугаһаан кэлбитэ арай бүүс бүтүннүү үүт туман бүрүөлэнэн турар эбит. «Но, хайа сүөһүлэрим ханна баалларый, мумматылар ини» диэт, сыыры таҥнары чаҥхычахтаан түһэн, ойбонум манан буолуохтаах диэн хааман тиийбитэ. Баттаамалаах кур оҕуһа сүүһүн аннынан көрүөҕүнэн көрөн, көхсө күрдүргээн, кыыла туга-ханныга биллибэти көрөн тобулу түһүөх курдук турар эбит. Атын кыра сүөһүлэрэ кини кэтит көхсүгэр саһыахтарынан саспыттар. Мааны ынаҕа Маҥаачыйа «кутуруга ыйытыы бэлиэтин курдук хороччу эриллэн, дьэ кэллин дуо» диэбиттии сиргэммит хараҕынан өрө көрөн кэбистэ. Балаайа көрбүтүттэн соһуйан чыпчылыйыах түгэнэ дөйөн турда. Тугу гынабын диэбиттии биир миэстэҕэ бэдьэрэҥнээн, тэпсэҥнээн ылла. Киһи эрэ өмүрүөх, сүрэҕэ хайдыах түгэн тирээн турар эбит. Өй ыла охсон Балаайа барахсан тимир күрдьэҕин иннигэр туттан сүөһүлэрин быыһаары салыбырас буолбут атаҕынан хардыы оҥордо да бокус гынна. Уҥуох уҥуоҕа барыта хамсаабыт, саҥа таһаараары саҥаран көрбүтэ куолайын иһигэр хардьыгынаан ылбытыттан ордук соһуйда уонна төлө биэрэн часкыйдаа ,,ааа,, лах гына олоро түстэ. Сүөһүлэрэ барахсаттар уу эрэ, туох эрэ төттөрү көтө турдулар. Ол түгэни көрбүт киһи ыстааҥҥа ыһыктыахха дылы иэрийэ-иэрийэ күлүө этэ. Эрэбил. Онтон Балаайаҕа күлүү буолбатах. Сүөһү хараҕынааҕар күттээриччи көрбүт соһуйбут харахтаах чараас түүлээх күкээркэй кып-кыра оҕо дуу, илэ абааһы дуу турар эбит. Тоҥон ибигирээбит, түүтэ- туйаҕа муус гына тоҥмут. Ол бэйэтэ кумуччу туттубут. Дьэ иэдээн утары көрсүү буола түстэ. Балаайа соһуйан: «Тыый, бабат-татат! Бу кимий-тугуй, тоҥон өлөөрү тугу гына сылдьар оҕоҕунуй, сүөһүлэрбин үргүттүҥ!» диэн кутан-симэн барбата дуо. Тугу эрэ таҥыннарыах санаата төбөтүн иһигэр киирбэхтээн иһэн мэлис гынна. Ойон тураат күрдьэҕинэн талбаатана- талбаатана күөл үрдүн ылан кэбистэ. Арай тохтоон уоскуйа быһыытыйан истибитэ, туох эрэ, ким эрэ саҥара сатыыр эбит. Бааммыт былаата ханньары барбытын көннөрдө. Истээри сэгэтэн тардынна. Бу турар кыыл саҥалаах эбит. Уу буллугураан эрэрин курдугу таһааран, быһааран сордонно: «Мин Сүлүкүүммүн, куттаныма, көмөлөс. Быйыл тахсыһыа суохтаахпын, саһан-саһан батыһан тахсан бараммын ханна барарбын, тугу гынарбын билбэккэ турабын. Аллараа сылаас, улахан үөрэҕи ааһабыт, үөрэтэллэр. Сир үрдүгэр хайдах сылдьарбытын. Ситэ билбэккэ, үөрэҕи ылыммакка тахсыбыппын. Көмөлөс, улахан тойон иннигэр дьүүлгэ турарым буолуо» диэхтиир эбит. Киһи аһыныах аны. Дьэ мучумаан буола түстэ. Балаайа барахсан ол тугунан көмөлөһүөй, бу баҕайыны чаккыратан дьиэтигэр илдьибэт, кэбиис. Төбөтүн иһигэр баллыгырас саҥа буола түстэ. Уонна тобулбутуттан үөрэн саҥа аллайда: «Билигин мин ойбону алларыам, оччоҕо төттөрү түһээр!» диэтэ уонна тимир күрдьэҕинэн алларан, көйөн тоҥсуйан барда. Син сыһаҕастаһан алларда, мууһун ыраастаата. Тириппитин соттунаат, «киир» диэн ыйан кэбистэ. Ону эрэ кэтэспит курдук били күтүр чолум гынан хаалла. Уонна төбөтө чолос гынаат тугу эрэ уунна. Көрбүтэ — туох эрэ таас. «Мэ, маны ыл үтүө санааҕар, уһун үйэни баҕарабын» диэт сүтэн хаалла. Балаайа муокаска түбэстэ. Түһээтим дуу диэн илиитин көхсүн ытыран көрдө. «Айа, ыалдьар, ол аата илэ эбит. Укта охсубут тааһын сиэбигэр илиитин уган тута-тута хамсатан аа-дьуо тимир күрдьэҕин тайах оҥостон хотонун диэки хааман иһэн соһуйан: «Арба ынахтарым таһырдьа турдахтара. Баайа охсуохха» диэт хаамыытын тэтимирдэн биэрдэ. Тиийбитэ, уоскуйа илик сүөһүлэрэ кинитээҕэр соһуйан хоочугураһа тураллар эбит. Хотонун аанын аһарын кытта бары иһирдьэ симсэн киирэннэр эрдэ долборукка угуллубут оту туох да буолбатаҕын курдук хабыалаан бардылар. Балаайа аа-дьуо талах олоппоһун ылан, сиэбиттэн холтуунун хостоон, табах хамсатыгар уктан уматтаары испиискэ көрдөөбүтэ, суох. Туран аан таһыгар мас дьааһыгынан оҥоһуллубут ыскааптан көрдөөн булан, төттөрү олоппоһугар олорон уматтан табахтаан унаарытан барда. «Бу эһэм холтууна» диэн имэрийээт төттөрү уктан кэбистэ. «Хотоҥҥо эрэ тардабын, бэйэм бэйэбиттэн уоран». Дьэ ол кэннэ сиэбигэр укпут тааһын хостоон таһааран эргим-ургум көрдө. Биэстээх тимир харчыттан улахан таас. Тоҥсуйан да көрдө уонна «Тыый, көмүс дии!Ким түһэрбитин буллаҕай» диэн саҥа аллайаат, хотонун биир муннугар кистии-саба көмөн кэбистэ. «Кэбиис» диэн эргим-ургум көрдө, аны ким эрэ түбэһэ көрүө диэбиттии. «Этэҥҥэ хонуҥ, ити эһиги сүлүкүүн оҕотун көрдүгүт. Эчикийэ биһиэхэ түбэспитэ баар ээ. Саха оонньуулара саҕаланаары гыннылар. Тохтуу түһүҥ, аан үрдүгэр кириэс тырыыҥкалаан оҥорон аҕаламмын уурууһукпун, саайыам» дии санаат дьиэтин диэки хаама турда. Киһи киһиэхэ кэпсээбэт көрсүһүүтэ буолла. Чуучуй.
Дьохсоҕон Кыыһа. Таатта.
07. 01. 2023 с.
Сюллюкю́н (якут. сүллүкүүн) — духи, обитающие в глубине озёр и рек в якутской мифологии. Внешне похожи на людей, однако на лице отсутствуют брови, а рост значительно меньше человеческого. Ведут семейный образ жизни, разводят скот, богаты, умеют предсказывать судьбу. Появляются на земле во время святок (выходят из прорубей), чтобы на них не попала освящённая вода. Ночуют на кладбищах или в пустых домах. Любят игру в карты. При этом выигранные деньги обращаются при дневном свете в мох.
Часто пользуются услугами баб-повитух, которые помогают их жёнам рожать. Платят за это щедро, однако со временем (через семь дней) деньги превращаются в мусор.По старинным поверьям в дни божества судьбы и рока Таҥха (14-19января) из озер и рек в огромном количестве выходят водные существа-сюллюкюны.И в это время можно многое узнать,услышав подсказки из потустороннего невидимого мира.