1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (2 оценок, среднее: 4,00 out of 5)
Загрузка...
153 просмотров

Чысхаан бэлэхтэрэ уонна Үлэ геройдара…

Быйылгы Россияҕа учуутал уонна уһуйааччы, Саха республикатыгар Үлэ сылларыгар аналлаах
тохсунньу 27 күнүгэр Алампа аатынан Норуот айымньытын дьиэтигэр үрдүкү сүһүөх оҕолоругар «*Чысхаан бэлэхтэрэ уонна нэһилиэкпит Үлэҕэ геройдара…» *КВЕСТ* оонньуу ыытылынна.
Бу саҥа сылга бастакы 10 сорудахтаах, 6 ыйытыктаах,1 сахалыы дорҕоонноохтук ааҕыыга күрэстээх интеллектуальнай тэрээһин. Нэһилиэк орто оскуолатын үрдүкү кылааһын үөрэнээччилэрэ 3 команданан толкуйдатар сорудахтары сөпкө толороннор, «Звонок другу» биир көмөлөһөр түгэннээх ыйытыктарга сөптөөхтүк эппиэттээннэр Ангелина Попова капитаннаах «Урааҥхайдар»команда бастааннар өрөгөйдөөх үөрүүнү биллилэр.Иккис миэстэни Попов Максим капитаннаах Аҕабыытаптар, үһүс миэстэ- Ньургун Никифоров капитаннаах «Синяя птица».
Оҕолор бу күрэстэн толкуйдатар оонньуулары таһынан биир дойдулаахтарын үлэ геройдарын, үлэлээн ааспыт учууталлар тустарынан билэннэр төрөөбүт нэһилиэкпит историятын чахчыларыттан умнуллубат өйдөбүлү иҥэриннилэр. Уустук тыллардаах сахалыы тиэкистэн дорҕоонноохтук ааҕыыга саамай ыарахан тыллары иҥнигэһэ суохтук ааҕан Ньургун Никифоров ааспыт Саха АССР тэриллибитэ 100с. үбүлүөйүгэр ананан тахсыбыт үрүҥ көмүс юбилейнай бэлиэни бэлэх тутта.Оҕолор «сыралаахтык айаннаан тиийэннэр» Чысхаан бэлэхтэрин буланнар үөрүүлэрэ үрдээтэ. Оонньууну астынан, өссө да атын тэрээһиннэргэ кэлиэхпит диэн махтанан тарҕастылар.

27 января в Доме творчества им. А. И. Софронова — Алампа прошла квест-игра для старшеклассников «Чысхаан бэлэхтэрэ уонна нэһилиэкпит Үлэҕэ геройдара…», посвященная всероссийскому году педагога и наставника, также республиканскому году труда.
В этом новом году это первое интеллектуальное мероприятие, состоящее из 10 заданий, 6 вопросов и 1 этапа с выразительным чтением на якутском языке. Всего было 3 команды старшеклассников средней школы наслега, и по результатам всех заданий, с большинством правильных ответов победила команда «Урааҥхайдар» с капитаном в лице Ангелины Поповой. Второе место заняли команда «Аҕабыытаптар» капитан Максим Попов, третье место — «Синяя птица», капитан Ньургун Никифоров.
С этого мероприятия ребята почерпнули очень много интересных и незабываемых фактов из истории жизни односельчан-героев труда, про проработавших здесь учителей.
На этапе выразительного чтения сложного текста на якутском языке победил Ньургун Никифоров и получил юбилейный серебряный знак, выпущенный к 100-ию образования Саха АССР. В квесте «Найди дары Чысхаана» радости детей не было предела. Ребятам всё очень понравилось, на прощание они с благодарностью выразили желание посетить и последующие новые мероприятия.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *