Ко дню родного языка и письменности в Якутии сейчас идет онлайн конкурс авторских стихотворений.
Со всех уголков нашей необъятной Республики каждый день присылают прекрасные стихи, описывающие всю красоту и силу нашего родного языка.
Также в нашем наслеге продолжается неделя родного языка:
1 день. В рамках проекта, посвященного ученикам 7 класса, прошел День сказки «Эбээ эһээ үөрэҕэ» в балагане «Сырал тулааһына». Об этом увлекательном мероприятии будет отдельная статья.
2 день. 13 февраля началась акция «Сахалыы дьыктаан».
🔸Первыми участвовал танцевальный коллектив бабушек «Саһарҕа» с другими желающими проверить свои знания.
🔸 Прошла книжная выставка «Омук силиһин дириҥэ тылыттан көстөр. (Б.Неустроев-Мандар Уус)».
🔸 В тот же день в рамках акции «Таптыыр сахам тылынан» 34 ученика 3-8 классов средней школы им. А.Е.Кулаковского — Өксөкүлээх Өлөксөй под руководством классных руководителей (Татаринова Т.И.Сивцева Я.И.Аянитова Е.А. Шестакова Э.М.Климова А.И. Сивцева М.В.Лебедев Е.В.) и учителя якутского языка и литературы М.В. Сивцевой приняли участие в викторине, где было 10 вопросов. Результаты будут оглашены 20 февраля.
🔸14.02 Международная акция «Подари радость — подари книгу».
Читатели активно приняли эстафету и начали дарить книги. Первой подарила Попова Евдокия Николаевна, подарившая на общем диктанте 16 книг на якутском языке. Также книги подарили начальник почтовой связи Саввина А.Р., учителя-ветераны Тарбахова А.А., Саввина Л.И., также Габышев Д.П, Попова М.С..
3 день. 15.02 прошел диктант для работников детского сада «Мичил», для старшеклассников и их учителей.
🔸 В общем диктант написали 39 жителей нашего наслега. Из них 11 взрослых и 5 детей получили оценку «отлично».
4 день. 17.02 12.25ч пройдёт викторина «Толкуйдаа.Оонньоо.Кыай» среди 6 «а» и «б» классов.
Фотографии с пришедших мероприятий.
Можете ознакомиться с новыми стихотворениями членов писательского клуба «Куорсун» «Өлбөт, өспөт өрөгөй өһүөлээх,айбыт Аар таҥара арчылаах, алыптаах аартыктаах таптыыр Сахабыт тылыгар» .
Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах суолталаах тэрээһиммит «Сахам тыла — төрүт тылым» хоһоон айан суруйууга куйаар ситиминэн аһаҕас айар күрэс ыытылла турар. Өрөспүүбүлүкэбит улуустарыттан таптыыр төрөөбүт тылбыт кыаҕын-күүһүн, этигэн кэрэтин хоһуйар хоһооннор кэлэ тураллар. Онтон нэһилиэкпит иһинэн ыытыллар төрөөбүт тылбыт күнүгэр аналлаах нэдиэлэ
📌1 күнэ — Остуоруйа күнэ «Эбээ, эһээ үөрэҕэ» диэн 7 кылаастарга анаммыт бырайыак чэрчитинэн «Сырал тулааһына» балаҕаҥҥа буолбута.Бу сэргэх тэрээһини туспа сырдатыам.
📌2 күнэ — Олунньу 13 күнүгэр «Сахалыы дьыктаан» аахсыйа саҕаланыыта.
🔸Бастакынан кытыннылар «Саһарҕа» үҥкүүһүт эбээлэр түмсүүлэрэ уо.да.а. сахалыы билиилэрин бэрэбиэркэлэнэр баҕалаахтар.
🔸Кинигэ быыстапката «Омук силиһин дириҥэ тылыттан көстөр. (Б.Неустроев-Мандар Уус)»
🔸Эмиэ бу күн «Таптыыр сахам тылынан» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи Акцияҕа А.Е.Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан орто оскуола 3-8 кылаастарыттан 34 үөрэнээччи кылаас салайааччыларын (Татаринова Т.И.Сивцева Я.И.Аянитова Е.А. Шестакова Э.М.Климова А.И. Сивцева М.В.Лебедев Е.В.) уонна саха тылын, литературатын учуутала М.В.Сивцева салалталарынан 10 ыйытыктаах тургутукка кыттыыны ыллылар.Түмүк олунньу 20 күнүгэр биллэр.
🔸14.02. Международная Акция «Подари радость-подари книгу».Бу Акцияҕа ааҕааччылар көхтөөхтүк кыттан кинигэ бэлэхтээн саҕалаатылар.
Бастакынан Попова Евдокия Николаевна 16 сахалыы кинигэлэри дьыктаан суруйарыгар бэлэх илдьэ кэлбит.Кинигэ бэлэхтээтилэр почта начальнига Саввина А.Р, ветеран учуутал Тарбахова А.А, уонна Габышев Д.П, Попова М.С. ветеран учуутал Саввина Л.И.
📌3 күнэ — 15.02. сахалыы дьыктаан «Мичил» детсад үлэһиттэригэр, орто оскуолабыт үрдүкү кылаастарын үөрэнээччилэригэр, учууталларыгар салҕыы
ыытыллыннылар.
🔸Дьыктааны барыта 39 киһи суруйан төрөөбүт тылбытынан билиилэрин бэрэбиэркэлэннилэр.Кинилэр истэриттэн 5 оҕо уонна 11 улахан киһи «туйгун» сыанаҕа суруйдулар.
📌4күнэ — 17.02. 12.25ч.
6 «а», «б» кылаастарга төрөөбүт төрүт тылбытынан билиини тургутар «Толкуйдаа.Оонньоо.Кыай» ыытыллыаҕа.
Буолан ааспыт тэрээһиннэртэн хаартыскалар.
«Өлбөт, өспөт өрөгөй өһүөлээх,айбыт Аар таҥара арчылаах, алыптаах аартыктаах таптыыр Сахабыт тылыгар» аналлаах «Куорсун» түмсүү саҥа хоһооннорун сэҥээрэн ааҕыҥ.
Ийэ тылым кэскилэ-саха кыыһа
Дьэдьэн курдук тэтэркэй
Обуйукаан уостардаах,
Саһарҕалыы сандаархай
Сайаҕас майгылаах,
Хаптаҕастыы кытархай
Тэтэркэй имнэрдээх,
Уһун курбуу уҥуохтаах,
Толбоннурар суһуохтаах,
Хатыҥмынаан ханыылаһан
Үп-үрүҥ субалаах,
Моонньоҕону санатан
Хап-харанан көрөн-истэн,
Үөрэн-көтөн тэлээрэн,
Ис-иһиттэн мичээрдээн
Киирэн кэллэ эбээт…
Кини кимий?
Саха кыыһа —
Саха Тыла,
Сахам тыына —
ИЙЭ
ТЫЛБЫТ !!!
Дьохсоҕон Кыыһа.
«Куорсун» айар бөлөх.Дьохсоҕон.Таатта.
Сахам тыла
Сахам тыла
Алаас тыына,
Эбэм, эһэм
Төрүт тыла.
Сахам тыла
Сир симэҕэ,
Сэттэ курдаах
Кустук өҥө.
Сахам тыла
Эмсэх тэҥэ,
Киһи гыммыт
Ийэм үүтэ.
Сахам тыла
Түөрэх кээһэр
Дьылҕам суола,
Дьолум төрдө.
…. Арылы
«Куорсун» айар бөлөх.Дьохсоҕон.Таатта.
Сахам тыла…
Ийэм тыла…
Сөхтөрөҕүн даҕаны
Баай талым ньуургунан…
Киһи буолан улаатан
Эн алыптаах апкар ылларан
Умсулҕаннаах дорҕооннорго уйдаран…
Сөҕөбүн киэң аартыгың киэлитин
Сүгүрүйэбин ситимниир тылыгар…
Эһээхэйдии эйээрэрин,
Оҕолуу оонньуурун,
Ыччаттыы ыңырарын,
Орто саастыы сааһылыырын,
Кырдьаҕастыы туойарын.
Сахам тыла сайдыахтын!
Симэлийбэккэ ситиэхтин!
Уруй-Айхал буолуохтун!
Тускуо!
Тускуо!
Тускуо!
Дьөһөгөй Кыыһа
13.02.2023
«Куорсун» айар түмсүү.
Дьохсоҕон.Таатта.
САХА ТЫЛА.
Сахам тыла үйэлэртэн
үйэҕэ,
Сайда, үүнэ-чэчирии
сырдык сулустуу чаҕылыйа
Ыҥыра-угуйа көлүөнэттэн
көлүөнэҕэ,
Сүппэт оспот дьылҕалаах,
төрүт тылбыт буолаҕын.
Сир ийэ дойдуга
киһи -сүөһү үөскүөҕүттэн,
Сахам тыла тупса ,
сайдан-байан иһэҕин.
Аар саарга аатырар
оһуохайыҥ-олоҥхоҥ!
Араас омук тылын
төрдө — олоҕуҥ сирдьитэ.
Сайда тур, Сахам
тыла!
Үүнэ тур чэчирии
үйэлэртэн үйэҕэ!
ДЬӨГҮӨР. ТААТТА.
«Куорсун» айар түмсүү.
Дьохсоҕон.
Мин тылым, мин туойар тойугум
Төрөөбүт төрүт тыл сүмэтин
Иитиэхтээн иҥэрбит төлкөбүт,
Ийэ тыл бигэммит биһикпит
Саргыбыт самныбат сайдыыта.
Сүдү да күүстээххин баай тылым
Ардыгар үрдүккэ көтүтэн,
Үрүйэлии сүүрүгүрэ устаҥҥын
Сөҕүмэр хомуһун күүстээххин.
Олоҥхо хомоҕой тойугар
Ураннык тиһиллэн тахсаҕын,
Үс түүннээх тойукка кутуллар
Барҕа баай, талым, сахам тыла.
Өбүгэм иҥэрбит баай тыла
Мин тылым,мин туойар тойугум,
Ураты тыынныыра санаабын
Көҥүлгэ талаһар иэйиибин.
Бараммат уйгулаах мин тылым
Кэскилэ кэхтэри билбэтин,
Хомуһун тойугун дуораана
Сахалыы саҥанан дуорайдын.
Өлүөнэ эҥсиллэр баалыныы
Халлааҥҥа харбаһар хайалыы,
Сахам баай тылын дуораан кута
Дуорайа турдун үйэлэргэ!
Таатта кыыһа.
«Куорсун» айар түмсүү.
Дьохсоҕон.Таатта.