1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (2 оценок, среднее: 5,00 out of 5)
Загрузка...
174 просмотров

Үс кинигэ биһирэмэ.

 

Дьохсоҕон нэһилиэгин ааттатар «Куорсун» айар түмсүүттэн В.В.Пинигина-Арылы кэрэ-бэлиэ үбүлүөйүн көрсө, олоҕун биир күндү кэрчигин үлүһүйэр үлэтинэн, айар суруйар дьоҕурунан кырачааннарга аналлаах үс оҕо кинигэтин таһааттаран ааҕааччыларын олус үөртэ. Бу үс кинигэлэрин ааттара:»Көтөрдөр», «Кыыллар уонна үөннэр-көйүүрдэр»,»Таабырыннар»диэн. Кинигэҕэ уруһуйдарын Арылы улахан уола Спартак Алексеевич олус сэргэхтик уруһуйдаабыт. Кинигэлэргэ киирии тыллары эмиэ «Куорсун» түмсүүттэн биир биллэр-көстөр үлэлэрдээх киэн туттар учууталбыт,педагогическай үлэ бэтэрээнэ Акулина Павловна Колмогорова суруйбут. Оҕо кинигэлэрэ уруһуйдарынан уонна оҕоҕо аналлаах кылгас кээмэйдээх хоһооннорунан кыра ааҕааччы болҕомтотун күүскэ тардыахтара. Төрөөбүт дойдубут көтөрдөрүн, кыылларын саҥаларын, өҥнөрүн-дьүһүннэрин, туттар хаптар быһыыларын оҕо өйдүүр тылларынан уус ураннык суруллубут. Ааҕар оҕоҕо уруһуйдара чуолкайдык харахха хатанар, олус туһалаах үөрэтэр кинигэлэр буолбуттар. Холобур:
«Уот кыһыл дьүһүннээх,
Тобурах ойуулаах,
Сэлиэнчик кэппит
Таҥара ынаҕа
Умнаска ыттыбыт,
Тулатын көрүммүт»
өссө биир хоһоону ааҕыҥ:
«Күн уотун күлүмэр
Кынаттара дьэҥкэрэ,
Тэмэлдьигэн тэлээрэр,
Эрилийэ бу көрө
Таас харах бөлтөйөр»
Дьэ, оҕо өйдүүр гына, хаһан эрэ көрбүтүн саныы түһэр тыллардаах хоһооннор дии. Аны бу хоһооннорго уруһуйдарын көрдөхтөрүнэ оҕолор үөрэ түһүөхтэрэ. Ханна, хайдах көрбүттэрин саныахтара, кэпсиир — ипсиир дьоҕурдара эбиллиэ.Ити курдук кинигэлэр бииртэн биир хоһоонноро оҕону толкуйдатар, сахалыы саҥарар тылларын — өстөрүн байытар, айылҕаны кэрэхсииргэ, тулалыыр эйгэлэрин болҕойон көрөн билэргэ-көрөргө угуйуохтара.
Төрөппүттэр оҕолорун кытта бииргэ ааҕан, уруһуйдаан, өйдөөбүттэрин кэпсэттэрэн бу хоһооннору кыһаллан аахтахтарына оҕолоругар олус туһалаах кинигэлэр тахсыбыттарынан авторга махтаныахтаахпыт.
«Таабырыннар» кинигэҕэ оҕо өйүн эрчийэр, толкуйдуур дьоҕурун сайыннарарыгар сөптөөх дьикти таабырыннары, атын ханна да суох хоһоонунан суруллубут таабырыннары таайсыаххыт. Саҥа кинигэлэргэ хоһооннор сахалыы судургутук, оҕо түргэнник өйдүүр гына суруллубут.Төрөөбүт төрүт тылбытынан хоһооннору оҕоҕо нойосуус ааҕа үөрэтэргэ сөптөөх кинигэ тахсыбыта олус үөрүүлээх. Оҕолорго аналлаах кинигэни атыылаһан, библиотекаттан уларсан ааҕыҥ, аахтарыҥ, оҕолору кытта бииргэ ааҕыҥ. Оҕону телефонтан сынньатан сахалыы сайаҕастык саҥарарга, сахалыы тыл баайын хаҥатарга анаан бу саҥа тахсыбыт, кырачааннарга аналлаах кинигэлэри туһаныҥ.
Бу үс кинигэ биһирэмэ Дьокуускай куоракка «Ника» банкетнай залга буолан ааста.
Биһиги Валябыт кинигэтин биһирэмигэр айар-суруйар түмсүүлэртэн «Айар кут», «Кырсаадалар», «Уран тыл оһуора», «Эрэл», «Тыл сүмэтэ», «Иэйиилэр», «Дабаан» биир киһи курдук турунан, санаалара кэлэн,үтүө-кэрэ тылларын этэн, эҕэрдэлээн, үөрэ-көтө дуоһуйа сынньаннылар. Бары тыыппалаахтар мустаннар тыл-өс ууһа-урана, баҕа санаа бастыҥа этиллибитэ истиэххэ, саныахха кэрэ, астык. Ол биһиги кыыспыт Арылы талаанын билинэллэрин, айар үлэтин үрдүктүк сыаналыылларын, сүгүрүйэллэрин бэлиэтэ буоларын илэ — чахчы көрөн, истэн астынныбыт, киэн тутуннубут. Ону таһынан дьоро күҥҥэ Валябыт иккис талаанын — иистэнньэҥ үтүөтүн көрдөрөр выставкатын туруорбут уонна сахалыы уран ииһинэн тикпит таҥастарын дьүөгэлэрэ кэтэннэр уонна тутан тахсан көрдөрдүлэр. Онон, дьэ, Валябыт өссө тэптэн туран айар үлэтэ тахсыылаах, таһаарыылаах буоллун, быыһыгар өссө биир айымньылаах үлэтин — ииһин салҕыы сайыннардын. Кырасыабай сахалыы таҥастарынан сиэннэрин симээтин.
Бу үс кинигэлэрин биһирэмигэр,
өссө эбэн эттэххэ,СР СС бэрэссэдээтэлэ, норуодунай бэйээт,бүрүбүөччүт, оҕо суруйааччыта, СР культууратын үтүөлээх үлэһитэ Иван Васильевич Мигалкин, кини солбуйааччыта суруйааччы, суруналыыс Владислав Семенович Доллонов, В.И.Никифоров-Суор уола, ааҕааччыларга киэҥник биллэр-көстөр суруйааччы, суруналыыс И.Н.Николаев-Уххан алгыс тылларын анаатылар, ис сүрэхтэриттэн эҕэрдэлэрин тиэртилэр, тыыннаах сибэкки дьөрбөлөрүн туттардылар. Билиҥҥи буола турар быһыыны куйаар ситимигэр сырдатар Түмэр Тиҥсий, киэн туттар кийииттэрбит Мария Алексеева-Арылы Дуйдаах, Маргарита Иванова, Сунтаартан, Амматтан ыалдьыттар уонна Арылы төрөөбүт дойдутуттан Тааттаттан Киин Библиотека иһинэн үлэлиир «Уран тыл» түмсүү салайааччыта Оксана Прокопьевна Андросова, Киин библиотекаттан ааҕар саала библиотекара Светлана Семеновна Игнатьева, оскуолаҕа бииргэ үөрэммит дьүөгэлэрэ, төрөөбүт нэһилиэгиттэн «Куорсун»айар түмсүүттэн анаан кэлбит ыалдьыттара саҥа оҕо кинигэлэрин үөрүүтүн биһирэмнээтилэр . Музыкальнай училищеҕа бииргэ үөрэммит кыргыттара Арылы Алампаҕа хоһоонугар бэртээхэй ырыаны лыҥкыначчы ыллаабыттара киһи дууһатын кылын таарыйда. Константин Мохначевскай бэртээхэй ырыаларынан сүргэбитин көтөхтө. Дьоро киэһэни салайан ыыппыт Ульяна Егоровна Скрябинаҕа -Умсулҕан Хотуҥҥа улахан махтал!
Күндү Арылыбыт өссө да саҥа айымньыларынан үөрдүөҕэ диэн эрэлбитин биллэрэбит.Айар, суруйар дьоҕуруҥ арыллан истин, саҥа кинигэлэриҥ эрэллээх ааҕааччыларга тиийдинэр.Бу курдук өрүү үөрэ-көтө, ыллыктаах ыра санааларгын, олоххо үтүө көрүүлэргин айымньыларгар тиһэҥҥин ааҕааччыларгар саҥаттан саҥа кинигэлэри утары уунаргар баҕарабыт.Чэгиэн доруобуйаны, быстыбат күүһү-уоҕу, баҕа санааҥ барыта барҕара туолуохтун. Алгыспыт үтүөтэ,санаабыт сырдыга эйиэхэ тиийиэхтин!

Алтан чуораан аргыстаах
Оҕо сааспыт дьүөгэтин
Күн бүгүн үбүлүөйүн ,
Үс кинигэ тахсыытын
Уруйдааммыт туойуоҕуҥ,
Айхаллааммыт ыллыаҕыҥ.

Барыбыттан дьоҕуспут
Баара-суоҕа биллибэт
Нарын кыыспыт Валябыт
Намыын-сэмэй майгылаах,
Кылааспытын көмүскүүр
Күндү көмүс күөмэйдээх.

Валябыт талаана таайыллан,
Айарга-туойарга таттаран,
Айымньы абыгар ылларан,
Арылы ураты ааттанан
Алааспыт арылхай кустуга,
Тааттабыт ырыаһыт далбара.

Аҕаны ааттатар аналлаах
Уолаттарынан тулаланна,
Ийэни удьуордуур кэскиллээх
Кыргыттарынан арыалланна,
Удьуору ууһатар уруйдаах
Сиэннэринэн ситэрилиннэ.

Өссө да дьоһуннук ,
Доруобай сылдьаҥҥын
Хос эбэ ааттанар
Үөрүүтүн эн билээр,
Олоххун толору
Дьолунан толороор.

Абылаҥ алыптаах
Айымньы аартыгар
Арылы айана
Алгыстаах буолуохтун,
Олоххо тапталы
Ойуулуу туойуохтун!

А.П.Колмогорова.

 

В.В.Пинигина — Арылыга.

Айыҥат хаантан алҕатан,
Айыы сиригэр кэлбит
Алгыстаах күҥҥүнэн
Айхал ааттааҕа буоллун!

Сүрэҕин сылааһын,иэйиитин
Саамай кырачааннарга анаан
Сэргэх хоһоонноргун
Сэмэйдик утары ууннуҥ!

Уран тылын баайынан
Уйуһуйбут да кэмнэргин
Уустаан, ураннаан этэн
Ураты уйулҕалыыгын!

Айар кутуҥ абылаҥа
Арыллан аһыллан истин!
Айаныҥ суолун аартыга
Алаарыйа сырдыы турдун!

Эбээ Валя.04.03.2023с.

 

ВАЛЕНТИНА АРЫЛЫГА

Оҕо эрдэхтэн
оонньоон ааспыт доҕорбут,
Эдэр — эмэн кэмнэрбит сотуллубат дьүөгэтэ,
Хоһоон хонуутун сырдык -чаҕыл сулуһа,
Валентина -Арылы!

Оҕо курдук бүөбэйдээн
тыынар -тыыннаан,
Көччөх гынан көтүппүт
айымньыгын түмэнҥин,
Куйаар устун көҥүл ыыттын
бүгүн эн.

Бүгүн манна түмсэммит
оҕо -сааһын доҕотторо,
Айар -тутар Куорсун түмсүү
Атастарын -Дьүөгэлэрин,
Эҕэрдэ -тылын этэбит ,
Уруй -айхал ыытабыт!

Дьөгүөр.Таатта.ЖВШ-73

 

Арылхай харахтаах
Намыын куоластаах
Арылы -Валентина кыыспытын
Бүгүҥҥү биһирэмҥинэн эҕэрдэлээн тураммын…
Сайыҥҥы күн курдук
Сандаара үөрэҥҥин,
Сиртэн тахсар сиэдэрэй дьүһүннээх
Сир симэҕин санатан,
Сэргэхтик сэгэйэн
Сайаҕастык саҥаланан,
Саҥарар тылгын
сааһылаан,
Саймаарыччы таһааран,
Саллан, толлон турбакка,
Хомоҕой хоһооҥҥор холбоон
Тиһэн иһиэххин баҕарабын.
Айар үлэҥ кынаттаннын
Алгыс баһа сыаланнын🌿🌿🌿

Дьохсоҕон Кыыһа.
05.03.2023с

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *