«Духуобунаһа суох нация суох. Алексей Кулаковскайы-Өксөкүлээх Өлөксөйү биһиги нациябытын көрдөрөр духуобунай лиидэрбит, өрөспүүбүлүкэбит уобараһын быһыытынан ылыныах тустаахпыт». Михаил Ефимович Николаев.
Саха литературатын төрүттээччи, сырдатааччы, норуот историятын уонна култууратын чинчийээччи, норуот фольклорун хомуйааччы, бөлүһүөк Алексей Елисеевич Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүт 146 сыла.
ӨКСӨКҮЛЭЭХ ӨЛӨКСӨЙ.
Саха сирин
чулуута,
Ыҥырар сулуһун
суһума.
Өксөкү көтөргө
холоонноох,
Өксөкүлээх Өлөксөй
айанньыт.
Очуос таастартан
тирэнэн,
Бадьара дьоруо
атынан,
Айаннатар Өймөкөөҥҥө
сикситэн,
Систэри — маардары
нөҥүөлээн.
Сүүрүктээх таас
үрэхтэр
Сүдьү күүстэрин
хатыһан.
Өксөкүлээх суруксут,
Үөрэх — сырдык
Билии — көрүү тарҕата.
Турунна ыраах
дойдуга
Томороон, тымныы
чыпчаалыгар.
Саха аатын
ааттатар
Үйэлээх уһун
айанҥа.
МЕМ. ТААТТА
АМЫДАЙ АЛААҺА.
Амыдай алаас өспөт -сүппэт дьылҕалаах,
Үйэлэртэн үйэҕэ бүппэт
кэпсэл кэһиилээх.
Киһи — сүөһү тоҕуоруһан
улуутуйан үөскээбит,
Уйгу-быйаҥ эҥэрдээх
Кэхтэн биэрбэт айылҕалаах.
Уолан быстыбат күөлэ,
Охтон бараммат кэрии
тыата — куруҥа,
Булда -алта дэлэгэй.
Манна олорон ааспыттар,
Талбыт курдук талыы дьоннор
Ат бөҕө, кус быһыйдар.
Устар ууну сомоҕолуур
Хомоҕой тыллаах,
Үрдүк- куйаар илдьитин
тылга түмэн тиэрдээччи.
Аан дойдуну анааран
Айан аартыгын арыйан,
Үөрэх-билии кэскилин
сырдык суолун түстээччи.
Манна билигин мусуой
балаҕан,
Эҥин-араас кэпсэл, тутуу
Амыдай алааһы үйэтитэр
ҮЙЭЛЭРГЭ!
Дьөгүөр. ТААТТА
«Куорсун» айар түмсүү.
2023с.