1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (Пока оценок нет)
Загрузка...
83 просмотров

Дьохсоҕоҥҥо ат сүүрдүүтэ.

📢📢📢Болҕойуҥ! Болҕойуҥ! Болҕойуҥ!📢📢📢

Дьохсоҕон нэһилиэгин олохтоохторо уонна ыалдьыттара!
Саханы саха дэтэр төрүт үгэһинэн сылгы иитиитигэр ат спордун сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрсибит нэһилиэкпит ветеран сылгыһыттарын үтүө ааттарыгар ыытыллар
сааскы ат сүүрдүүтүгэр *муус устар 7 күнүгэр «Оҕус күрүөтүгэр»* ыҥырабыт.

Күрэхтэһии тосхоло:
Сарсыарда 10 ч. күрэхтэһии үөрүүлээх аһыллыыта.

Сүүрүү барыта 6 дистанциялаах ыытыллар:
🏇 800 м.
🏇 1000 м.
🏇 1200 м.
🏇 1600 м.
🏇 2400 м. (чиптаахтар)
🏇 3200 м.

Сылгыһыт күрэҕэ:
(түһүмэхтэрдээх сүүрүү)

🛑 1 түһүмэх. Старт, сылгыһыт 50 м ыҥыырдаах сүүрэр;
🛑 2 түһүмэх. Ыҥыырдааһын;
🛑 3 түһүмэх. Зигзаг ааһыыта;
🛑 4 түһүмэх. Бэрэмэдэй кэтии;
🛑 5 түһүмэх. Биатлон, (воздушканан 3 шаригы ытыы, 20 м.) бэрэмэдэйи устуу;
🛑 6 түһүмэх. Куул ылыыта;
🛑 7 түһүмэх. Финиш, куулу бочкаҕа угуу.

Кыайыылаахтары мэтээллэр, сыаналаах бириистэр күүтэллэр.
Үйэлэргэ Урааҥхай Саха кутун туппут Дьөһөгөй оонньуута — саха атын сүүрдүүтүн күүрээннээх күрэҕин кэлэн көрүн, сэргээҥ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *