1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (Пока оценок нет)
Загрузка...
166 просмотров

Сивцев Михаил Семенович,Игнатьев Василий Федорович сиэннэрэ,хос сиэннэрэ

«ХОС ЭҺЭМ – АЛБАН ААТТААХ БУОЙУН»
Aҕa дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии хас биирдии саха ыалын таарыйбыта. БиҺиги норуоппут дьоно-сэргэтэ сэрии толоонугар геройдуу охтубут, сэрииттэн тыыннаах кэлбит хорсун буойуттары, тыылга эйэлээх олох иһин турууласпыт ытык дьоммутун чиэстиир, кэриэстиир.
Сэрии сылларыгар уһулуччу кыахтаах, хорсун быһыылары оҥорбут, үлэҕэ үрдүк көрдөрүү иһин араас мэтээлинэн наҕараадаланаллар. Олортон биир сүрүн суолталааҕынан буолар Албан аат орден. Биһиги Сахабыт сиригэр элбэх буойун Албан аат орден кавалердара бааллар. Олортон биирдэстэрэ мин хос эһэм, биһиги ыал киэн туттуута Игнатьев Василий Федорович буолар. Хас биирдии киhи бэйэтин дьиэ кэргэнин историятын туһунан билиэхтээх уонна үөрэтиэхтээх.
Yлэм сыала: Эhэм Василий Игнатьев бойобуой суолун уонна сэрии кэннинээҕи олорон ааспыт олоҕун чинчийэн үөрэтии, кини албан аатын үйэтитии.
Yлэм соруктара:
1. Эhэм туһунан материал хомуйуу;
2. Боевой суолун үөрэтии;
3. Наҕараадаларын ырытыы, наардааһын;
4. Эһэм сэрии кэннинээҕи сылларын чинчийии;
5. Видеоролигы ырытан, таблицаҕа киллэрии;
6. QR-код оҥорон видеоролигынан албан аатын үйэтитии.

Эһэм сэрии иннинээҕи олоҕо.
Кини тохсунньу 14 күнүгэр 1910 сыллаахха төрөөбүтэ. Аан бастаан төрөөн баран ытаабат эбит. Ол иһин өлбүт оҕо төрөөтө диэннэр таһырдьа таһаарбыттар. Онтон убайа Мэхээлэ төттөрү киллэрбит, онон тыыннаах хаалбыт эбит.
Эһээм 30 сааһыгар кэргэн ылбыт. Хос эбээбинээн Попова Александра Иннокентьевналыын 9 оҕоломмуттар. 3 уол уонна 6 кыыс. Олортон мин эбээм Валентина Васильевна 8 с оҕонон төрөөбүт. 1939 сылтан МТС-ка суоппарынан киирэн таһаарыылаахтык үлэлээн саҕалыыр.
Эһэм сэрии кэмигэр.
Фашисткай Германия биһиги дойдубутугар сэриинэн саба түспүтүгэр биир бастакынан 1941 с. балаҕан ыйыгар, оройуон салалтата бронь биэрбитин үрдүнэн, Ийэ дойдутун көмүскүү барбыта. 525 стрелковай полкаҕа стрелогунан Москва, Ржев куораттар туһаайыыларыгар хорсуннук сэриилэспитэ. Сэриигэ эн хас хардыыҥ аайы кутал суоhуур, араас соhумардары көрсөҕүн. Бу эрэйдэри, ыарахаттары туораан тыыннаах хаалар-улахан дьол. Ол курдук, Москва уобалаһыгар Подольскай куоракка бэйэтин олоҕун кэрэйбэккэ, хорсун быһыынны оҥорон, ыараханнык бааһыран 1942 с. дойдутугар эргиллэр. Сэрии алдьархайын этинэн-хаанынан билбит саллаат оҕолоругар сэрии ыар күннэрин кэпсии сатаабат этэ.

Наҕараадалара.

Эһэм мэтээллэрин дьон сэргэ көрүүтүгэр, кэлэр ыччат үөрэттиитигэр диэн сыаллаах барытын Кыйы музейыгар туттарбыттар. Онтон ылан барытын ырытан, наардаан көрдүбүт. Хорсуннук сэриилэспит бэлиэтинэн 3-с степеннээх «Албан Аат» орден бэс ыйын 8 күнүгэр анаммыт. А5а дойду улуу сэриитин 1 степеннэх ордены ахсынньы 12 күнүгэр 1985 сыллаахха туоһулуур докумуоҥҥа киирбит. Ону таһынан Москва куораты босхолооһун иһин уонна юбилейнай мэтээллэр бааллар.

Сэрии кэнниннээҕи олоҕо.
Дойдутугар кэлэн баран кини салҕыы МТС-ка үлэлиир. МТС-ка колхуос суоппардарыгар бэйэтин билиитин, сүбэтин-аматын биэрэр. Оройуоҥҥа үгүс ахсааннаах уматыгы, сельхоз массыыналары, саппаас чаастары, араас норуот хаһаайыстыбатыгар аналлаах таһаҕастары биир да аварията суох 42 сыл устата утумнаахтык, бүтэн уһуга көстүбэт, эриирдээх-мускуурдаах, бырыылаах –бадарааннаах төрөөбүт дойдутун суолларын устун хотунан-соҕуруунан 1 мөлүйүөн 468 тыһыынча километры, биир да саахала, аварията суох күннэри-түүннэри үтүө суобастаахтык айаннаан, наар биир тэрилтэҕэ үлэлээн, аан бастакынан “миллионер” суоппар үрдүк аатын сүкпүтэ. Бу эдэр ыччакка, механизатордарга дьоһуннаах холобур. Ол иһин кини курдук механизатордар ортолоругар киэҥ авторитетнан туһанара. Ити унньуктаах уһун уонна кыайыылаах үлэтин түмүгэр үгүс бочуотунай грамоталарынан, харчынан наҕараадаламмыта.
1954 с. Тыа хаһаайыстыбатын бүтүн сойуустааҕы быыстапкатыгар Москваҕа, 1955 с. республикатааҕы тыа хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар, 1954, 1957 сылларга оройуоннааҕы тыа хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар кыттар уонна дипломнарынан наҕараадаланар чиэскэ тиксибитэ.
Социалистическай куоталаһыыга кыайыыларын, үлэҕэ үрдүк көрдөрүүлэрин иһин 1954,1958,1964 сылларга “Сельхозтехника” почетнай кинигэтигэр киллэриллибитэ.
1964 с Россиятааҕы “Сельхозтехника” холбоһугун “Тыа хаһаайыстыбатыгар социалистическай куоталаһыы туйгуна” значогунан наҕараадаламмыта.
1965 с. Саха АССР Верховнай Советын почетнай грамотатынан, 1966 с. аварията суох үлэлээһин 1 степеннээх значогунан уонна почетнай грамотанан Россиятааҕы “Сельхозтехника” холбоһуктан наҕараадаланар уонна да элбэх наҕараадалардаах.
Мин эһээм хайа да общественнай үлэттэн туора турбакка барытыгар актыыбынайдык кыттан дьон махталын ылара. Ол курдук, Ытык Күөлгэ Мойуона аэродромун туруутугар активнай кыттыыны ылбытын иһин Якутскайдааҕы гражданскай авиация грамотатынан наҕараадаламмыта. Ону таһынан, 1978 с. төрөөбүт нэһилиэгэр Тыараһаттан Аҕа дойду сэриитигэр кыргыс хонуутугар геройдуу охтубуттар ааттарын үйэтитиигэ тыл көтөҕөн, Тыараһа сельсоветын председателэ Харитонова Елена Петровна ылынан, өйөөн общественнай күүһү түмэн 67 сэриигэ өдбүттэр уонна 64 сэриигэ кыттыбыттар керамическай фотокарточкаларын , ааттарын-суолларын суруйбут тимир-бетон стендэни саай-үйэ тухары өйдөбүнньүк буола турар гына кэлэн-баран кыһанан, материалын тастаран, көмөлөһөн оҥотторбут.
Хос эһээм улахан булчут эбитэ үһү. Хара өлүөр диэри бултуу сылдьыбыта диэн дьонум кэпсииллэр. 1990 сыллаахха 80 сааһыгар өлбүт.

Эһэм туһунан видеоролик.
2015 сыллаахха НВК ханаалыгар Мөлүйүөннээх суоппар диэн ийэм Ольга Львовна видеоролик устубута. Бу биһиги дьиэ кэргэн историятын көрдөрөр, дириҥ ис хоһоонноох устуу буолан тахсыбыт. Маны көрөммүн мин эһэм туһунан элбэҕи биллим. Ону таблицаҕа киллэрдим.
Сергей Кладкин
Хаһыат корреспондена
Эһэм кыра эрдэҕиттэн көрбөт аҕатын арыаллаан наар тэҥҥэ сылдьыһар эбит.
Юрий Турнин
Тыараһа олохтооҕо
Эһэбин булчутунан ахтар.
Вера Богатырева
Быраатын кыыһа
Ыһыахтарга нэһилиэк кырдьаҕастара, сэрии бэтэрээннэрэ бары киниэхэ ыалдьыттыыллара. Кэпсээнньит, олоҥхону истэрин, кэпсиирин сөбүлүүрэ.
Александра Павлова
Кыыһа
Оҕолоругар истиҥ сыһыаннааҕын, үксүн наар айаҥҥа сылдьар буолар, аҕаларын ахтаннар түүн кэлэҕинэ туран көрсөллөрүн кэпсиир
Василий Игнатьев
Уола
Өтө көрөр дьоҕурдааҕын сырдатар.
Розалия Ючюгяева
Кыыһа
Бултаан барыбытын таҕыннарара диэн кэпсиир
Лев попов
Күтүөтэ
Бэһиэлэй, кэпсээнньит, өрө көтөҕүүлээх киһинэн өйдүүр.
Николай Колодезников
Сельхозтехника салайааччыта
Мастерской аһыллыытыгар сүрүн оруоллааҕын сырдатар
Анна Мессеева
Сельхоз үлэһитэ.
Биир бастыҥ үлэһитинэн биллэр
Елена Харитонова
Ытык-Күөл олохтооҕо
Кыайыы 40 сылыгар сэрии бэтэрээннэригэр памятник тутуутугар тыл көтөҕөн, бэйэлэрин күүстэринэн үлэҕэ киллэрбиттэрин ахтар.
Полина Моттуева

Ленинград блокадатыгар түбэспит кыргыттарга көмөлөспүтүн, үтүө суобастаах саллаат диэн сырдатта.
Прасковья Блахирова

Дэлэгэй, баай дууһалаах, ыалдьытымсах, киэҥ көҕүстээх.

Бу курдук, интервью ылбыттарын ырытаммын маннык түмүккэ кэллим: Мин эһэм дойдутугар бэриниилээх, үтүө суобастаах хорсун буойун, Таатта улууһугар бастакы суоппар, үлэһит, тапталлаах аҕа, байанайдаах булчут, кэрэ кэпсээнньит, дьону түмэр, сомоҕолуур дьоҕурдаах.
​Бу видеоролигы биһиги эһэм албан аатын үйэтитэн, кэлэр көлүөнэҕэ хаалларан, дьиэ кэргэммит сүдү кылаата буоллун диэн QR-код оҥорон дьон-сэргэ көрүүтүгэр таһааран youtube каналга уктубут. Бу манныгы туһанан кылааһым оҕолоругар көрдөрөн биһирэбили ыллым.

Түмүк.
Мин эһэбин көрбөтөҕүм. Кини туһунан билэр – мин ытык иэһим. Кини олорон ааспыт олоҕунан мин уонна биһиги дьиэ кэргэн киэн туттабыт, холобур оҥостобут Бу үлэни суруйан баран мин Албан аат орденнаах хос эhэлээхпинэн киэн туттуннум, кини олоҕун кэрчиктэрин билистим. Салҕыы өссө дириҥэтэн, чуолкайдаан үөрэтиэм.
Бу үлэбинэн Аҕа дойду Улуу сэриитин туhунан элбэҕи биллим. Хос эhэм бойобуой сырыыларын үөрэттим. «Память народа» сайты кɵрɵн үɵрэттим. Эһэм туһунан материал аҕыйах киирбитин биллим. Инникитин чинчийэн билэргэ туруннум

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *