1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (11 оценок, среднее: 4,82 out of 5)
Загрузка...
188 просмотров

Убайдыы быраат Иван,Иннокентий Петровтар

ПЕТРОВ ИВАН ИВАНОВИЧ (1911-1979сс)
«1944с.сэриигэ ыҥырыллан Тааттаттан 9 киһи уоттаах сэриигэ туруммуттара. Даурияҕа 386-с полкаҕа 5-с ротаҕа стрелок.1946с.төбөтүгэр ыараханнык бааһыран 7 ый устата Харбиҥҥа эмтэммит.Сэриигэ сылдьан биир дойдулааҕын Тарбахов И.Е.көрсүбүт. Сэрииттэн кэлээт ХТЗ-30 тракториһынан, комбайнерынан үлэлээбит.1967с. Победаҕа «Даурия» киинэни көрө олорон сэриигэ босхолоспут станциятын көрбүт, истибит. Ол станцияны ылыыга кинини 1946с. «За отвагу» мэтээлинэн наҕараадалаабыттар да бааһыран тиксэрбэтэхтэр. Киинэ кэнниттэн билисибиэдин үрдүгэр олорбут да Ытык Күөлгэ военкомакка тиийбит. Ол сайын мэтээлин тутан хорсун буойун оҕо курдук үөрбүт. Сэриигэ барыан иннинэ Уйбаан тракторист, кэргэнэ эмиэ. Бииргэ үлэлээн,бииргэ олорон 3 оҕону улаатыннаран,сиэннэрин көрсөн эдэр сылдьан, ийэтэ-51,аҕата -67 саастарыгар бу сиртэн барбыттара.Харбалаах тутуутугар — тимир ууһа, Победаҕа саҥа оскуола тутуутугар — болуотунньук. Пааркаҕа баар сэрии кыттыылаахтарыгар аналлаах бастакы мас пааматынньыгы тутуспута. Саҥа гаражка тимир ууһунан,киниэхэ балтаһыт Попов Ион Афанасьевичтыын үлэлээбиттэрэ.Хотуобай дьиэ тэрилэ суох кэмигэр дьиэтин малын барытын бэйэтэ оҥорбута,өссө дьоҥҥо оҥороро…»

Ахтыыны суруйда кыыһа Захарова(Петрова) Варвара Ивановна. 52 сыл үлэ стажтаах нуучча тылын учуутала.Үтүө үлэтин иһин наҕараадалара:
Медаль «За вклад в развитие образования» г.Москва.
Медаль профсоюза РС(Я)»За доблестный труд».
Отличник образования РС(Я).
Почетный работник общего образования РФ.
«Учитель учителей РС(Я)».
«За заслуги в развитии Таттинского улуса».
Обладатель гранта Ректора СВФУ Е.И.Михайловой.
Благодарственное письмо Л.Г.Петерсон.
Занесена в международную энциклопедию «Лучшие в образовании».
В энциклопедию «Золотой фонд России».

ПЕТРОВ ИННОКЕНТИЙ ИВАНОВИЧ (1912-1983сс)
Иннокентий Иванович бэйэтэ суруйан хаалларбыт ахтыытыттан быһа тардыы:
«Дорообо,дойдум!
Тоҕотун тоноомо,
Туоһулуу сураама,
Туората көрүмэ!..
Атын халлаан
Анныттан айаннаан,
Сылайа сындалыйан
Ахта аймаһыйан,
Эйиэхэ эргиллэн кэллим…
1942с.фроҥҥа ыҥырыллан,сэриилэһэ сылдьан араас өлүүнү-сүтүүнү, муҥу-сору илэ харахпынан көрөн,эппинэн-хааммынан билбитим.Гитлер үөрдэрин тимир баппаҕайдарыгар билиэн түбэһэн,2 төгүрүк сыл төрөөбүппүн кэмсинэн сылдьыбыт кэмнэрдээх этим. 22-с биригээдэ 19-с хайыһар батальонугар миигин кытта И.Е.Жулляров, И.В.Кузьмин, Г.И.Васильев, Н.П.Десяткин, В.М.Будикин, Н.С.Галимуллин, Петр Арылахов бааллара.1943с.олунньу ыйга хаайтаран, хайыһарынан Ленинграды босхолуур соруктаах Ильмень күөлгэ киирдибит…»

«Боккуойа эмээхсин 2 уолун сэриигэ атааран уонна иккиэннэрин төттөрү Бэрээйитигэр эргилиннэрэн төһөлөөх үөрээхтээбитэ буолуой? Бу алаас уолаттарын олохторо, история биир кэрчигэ буолан үйэттэн үйэҕэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ умнуллубатын!..»
Ким да умнуллубат!
Туох да умнуллубат!

Петров Иван Иванович кэргэнэ Мария Степановна Таатта оройуонун бастакы трактористката.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *