Ыам ыйын 15 күнэ — Аан дойдутааҕы Дьиэ кэргэн күнэ.
👩👩👧👦Бу үөрүүлээх күнүнэн эҕэрдэлээн туран күндү ааҕааччыга библиотекабытыгар баар кинигэлэри ааҕаргар, көрөргөр,уларсан туһанаргар быыстапка:
Саха ыалын бастыҥ кинигэтэ.
Сахалар уратыбытын көрдөрөр,өбүгэбит үтүө үгэстэрэ,олоххо үөрүйэҕэ, дьиэ кэргэҥҥэ сүбэ-ама, көмө буоллун диэн, эр киһи байанайдаах, дьахтар толору сандалылаах, оҕо-уруу чэгиэн-чэбдик буоларыгар сүбэлэр киирбит кинигэлэрин ааҕаҥҥын күннээҕи олоххор толору туһан!
Бу кинигэҕэ уруу-аймах быһаарыылара киирбиттэр.
«Өтөх төҥүргэстээх,сурт кэриэстээх, уот кыымнаах» буоларын туһугар ыал-кэргэн буолуу — айылҕа уһулуччулаах кэрэттэн кэрэ уонна өбүгэ сиэрин-туомун толору сиппит үчүгэйтэн үчүгэй айымньыта буоларгын умнубакка Бу кинигэни ааҕан оҕоҕор аймахтар ааттарын эн эрэ үөрэтэҕин, күндү ийэ-аҕа ааҕааччы.
Бу кинигэни аахтаххына өбүгэлэрбит бүгүҥҥү биһиги олохпутугар, куппутугар-сүрбүтүгэр дьайыыларын туһунан сонун уонна мөккүөрдээх көрүүлэри билиэҥ.
Хас биирдиибит хантан хааннааҕын,кимтэн кииннээҕин,төрүттэрбит былыргытын,олоҕун-дьаһаҕын,чулуу дьонун билиэхтээх.Бу кинигэҕэ архыып докумуоннарыгар тирэҕирэн оҥоһуллубут нэһилиэктэринэн төрүччүнү көрүөххүт.Бу төрүччү саха омугар туохха да тэҥнэммэт сүдү кылаатынан буолар.
Бу кинигэ оҕону норуот бэйэтин ураты тыыныгар биһиктээн иитиигэ эһиэхэ күүс-көмө,тирэх буолуоҕа. Уларыс,аах,туһан!
Бу кинигэ ис тутула дьыл эргииринэн сирдэтэн оҥоһуллубут.Оҕо сиэри -туому тутуһарга үөрэниэ,
таабырынтан саҕалаан остуоруйаҕа тиийэ ааҕыа, иллэҥ кэмигэр өбүгэ оонньуутун оонньуоҕа.Кинигэни уларсарга тиэтэй.
Кинигэҕэ сахалыы ааттар,кинилэр дьыл хайа кэмигэр,күнүгэр бэриллиэхтэрин сөбө, аат хантан силистээҕэ-мутуктааҕа, туох суолталааҕа уонна нууччалыы хайдах суруллар кыахтааҕын билиэҥ.
Бу кинигэни үтүөҕэ-кэрэҕэ,сырдыкка, чөл олох сиэригэр дьулуһар саха ааҕааччыта уларсан аах.
Библиотекаҕа сылдьаҥҥын бу кинигэлэртэн уларсан аах,туһан…