Ыам ыйын 29 күнүгэр, сылаас чаҕылхай күҥҥэ нэһилиэкпит М.Н.Тихонов аатынан сынньалаҥ пааркатыгар «Куорсун» айар түмсүү түһүлгэтигэр Россия Библиотекаларын күнүгэр аналлаах «Бары ааҕабыт» Библионочь-2023 тэрээһиннэрэ үөрүүлээхтик аастылар.Бу күн иннинэ «Сила книги» уонна «Бегущая книга» Акциялар буолбуттара. Бырааһынньыктыы киэркэйбит балаҕан,улуу убайдарбыт памятниктарыгар сибэккинэн симэммит фотозона,үс тематическай кинигэ быыстапкалара кинигэни, ааҕыыны таптааччылары бырааһынньыктыы настарыанньаларын көтөхтө.
«Куула тыабар чоргуйда
Кэҕэ этэр куолаһа,
Оппут-маспыт тыллан
Чээлэй күөҕүн анньынна…»
Биир дойдулаахпыт Е.Мочкин («Куорсун» түмсүү) сайыны хоһуйар хоһоонугар эппитинии күп-күөх хонууга самаан сайыны көрсө, айылҕабыт барахсан силигилии ситэн эрдэҕинэ ыһыаҕы санатар бырааһынньык буолан ааста.
📍Үөрүүлээх тэрээһини «Оҕо-оҕо эрдэххэ» диэн Алампа оҕолорго аналлаах, ааҕааччыларга олус күндү хоһоонугар ырыаны чуор куолаһынан ыллаан үөрүүнү бэлэхтээтэ библиотека ыраахтан актыыбынай ааҕааччыта Вика Власова. Көрөөччүлэр үөрэннэр ырыаны ытыс тыаһынан тэҥҥэ ылластылар.
📍Бастакы кылааһы бүтэрэн кинигэни ааҕар буолбут кырачааннарга (кылаас салайааччыта А.В.Сивцева) сыл бастыҥ ааҕааччылара библиотека ааҕааччылара буолбут бэлиэлэрин «билиэттэрин» уонна бэлэх кинигэлэри туттардылар.
📍»Сыл бастыҥ ааҕааччылара — 2022с» оҕолорго Вика Попова, Саяна Никонова,Мичийэ Яковлева, Амелия Игнатьева, улахан дьоҥҥо Яковлева О.П,Саввина П.И.,Рожин И.И.буоллулар уонна махтал сурук туттулар. Сахалыы кэпсээнтэн элбэҕи ааҕыыга Күрэхтэһиигэ 118 тылы ааҕан Кыайыылаах аатын ылбыт Виолетта Попова хайҕал сурук уонна бириис тутта. Быйыл оскуолаҕа киириэхтээх кырачааннар уонна бастакы кылааһы бүтэрбит оҕолор дорҕоонноохтук хоһоон аахтылар.
📍Онтон биир дойдулаахпыт, күндү киһибит В.В.Пинигина-Арылы оҕолорго анаабыт айымньылара бэчээттэнэн тахсыбыт 3 саҥа кинигэтин биһирэмэ саҕаланна.Киэн туттар биир дойдулаахтарбыт Өксөкүлээх Өлөксөй уонна Алампа төрөөбүт түөлбэлэригэр,айар тыл алыптаах аартыгар Дьохсоҕоҥҥо өссө үс кинигэ — оҕолорго аналлаах «Көтөрдөр», «Таабырыннар», «Кыыллар уонна үөннэр-көйүүрдэр» диэн ааттаах саҥа кинигэлэр ааҕааччылар үөрүүлэрин үрдэтэн баар
буоллулар. Бу бэлиэ күнүнэн авторга Арылыга нэһилиэкпит баһылыга П.Е.Захаров Махтал сурук уонна Дьохсоҕон нэһилиэгин киэн туттар уонна СӨ үрдүкү салайааччыта А.К.Андреев туһунан саҥа кинигэни бэлэх анаабытын автор тутан, кини айар үлэтин дьаһалта сыаналыырыгар улахан махталын тиэртэ.
Арылыга үөрүүлээх күнүгэр, дойдутун дьонун кытта көрсүһэр кэтэһиилээх түгэнигэр эҕэрдэлэрин хоһоон ааҕан тиэртилэр 7 кылаас оҕолоро. Кинилэр улуу нуучча норуотун поэтын А.С.Пушкин 4 хоһоонун ааҕан иһитиннэрдилэр. Онтон мустубут дьоҥҥо Арылы саҥа кинигэлэрин ырытан иһитиннэрдэ оскуола педагог-библиотекара Л.М.Саввина.
📍Арылы саҥа «Таабырыннар» кинигэтиттэн 3 кылаас оҕолоро(кылаас салайааччыта Т.И.Татаринова) таабырыннаһан иһитиннэрдилэр. Кинилэр үс үүт күрүөҕэ сайылык оҕолорунуу үөһээ-аллараа олорон таабырын таайсыбыттара көрүөххэ -истиэххэ сэргэҕэ, биир умнуллубат үтүө түгэни бэлэхтээтилэр.Онтон автор бэйэтин сиэннэрэ Дамир,Виолетта эбээлэрэ айбыт айымньыларыттан бэйэлэрэ сөбүлээбит хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдилэр.Салҕыы Виолетта эбээтин үөрүүлээх күнүнэн эҕэрдэлиир ырыатын иһиттибит. Бу саҥа кинигэлэргэ уруһуйдарын автор улахан уола Спартак Алексеевич уруһуйдаабытын ааҕааччылар үөрэ иһиттилэр, хайҕал тылларын эттилэр.Бу күн кинигэ уруһуйдарын барытын аҕалан выставкалаан кэлбит дьоҥҥо көрдөрдүлэр. Саҥа кинигэлэргэ дьиэ-кэргэнинэн биир ситимнээх үлэ түмүгэ көстөрө олус үөрүүлээх. Сиэннэрэ эбээлэрин айымньытын ааҕан, үөрэтэн иһитиннэрэ сылдьаллара үчүгэйин. Дьэ, маннык оҕолорго туһалаах, кырачаан ааҕааччылар болҕомтолорун тардар,төрөөбүт дойдубут кыылларын-көтөрдөрүн саҥаларын, өҥнөрүн-дьүһүннэрин, туттар-хаптар быһыыларын-таһааларын оҕо өйдүүр тылларынан уус-ураннык суруйбут кинигэлэрин оҕолор сөбүлээн ааҕыахтара. Онтон кинигэ уруһуйдара чуолкайдык харахха хатанар буолан аахпыттарын өйдүүргэ көмөлөһөр, үөрэтэр кинигэлэр буолбуттар.
📍Авторга Валентина Владимировнаҕа маннык үчүгэй оҕо кинигэлэрин таһаартаран, нэһилиэгин оҕолоругар илии тутуурдаах,өттүк харалаах кэлбитигэр махтал тылларын эттилэр оскуола бэтэрээн учуутала С.К.Архипова, улуустааҕы айар куттаахтар «Уран тыл» түмсүүлэрин салайааччыта С.С.Игнатьева уонна түмсүү чилиэннэрэ З.Л.Ючюгяева,Сахамыын Стручков, Арылы оскуолатааҕы доҕотторо М.И.Кычкина,Е.М.Мочкин.
Сахамыын Стручков Арылы саҥа кинигэлэриттэн биир хоһоонугар мелодиялаан, чээлэй күөх хонууга олорон, ырыа гынан ыллаан иһитиннэрэн авторы олус үөртэ, соһутта. Үөлээннээхтэриттэн Егор Мочкин Арылы биир саҥа хоһоонун, авторга бүгүҥҥү үөрүүлээх күнүгэр сюрприз бэлэх оҥорон,мелодия айыллан ырыа буолбутун иһитиннэрдэ.Егор Михайлович бэйэтин айымньыларын хомуурунньугун, эмиэ сабыс-саҥа «буруолуу» сылдьар кинигэтин бэлэхтээтэ.Саҥа кинигэтиттэн улуустааҕы Киин библиотекаҕа уонна төрөөбүт нэһилиэгин библиотекаларыгар, ааҕааччыларга анаан, бэлэх уунан улаханнык үөртэ.Доҕотторо-атастара Арылыга эҕэрдэлэрин кэнниттэн ытыс тыаһынан өйдөбүнньүк бэлэхтэрин туттардылар.
📍Кырыалаах кыһын кэнниттэн дойдутун мүөттээх салгынын ахтан кэлбит Валентина доҕотторун, төрөөбүт нэһилиэгин дьонун-сэргэтин көрсүбүт үөрүүтүн уонна кинигэлэрин туһунан харда тылы кэлбит дьоҥҥо анаан сүргэтэ көтөҕүллэн туран махтал тылларын эттэ.
📍Саҥа кинигэлэр биһирэмнэрин сайын кэлбитин бэлиэтэ кустаах уо.да.а.өбүгэбит мааны астарынан, үөрэ-көтө сылаас чэйдээх, истиҥ кэпсэтиилээх үөрүүлээх аһылыгынан түмүктээтилэр.
📍Кинигэлэр биһирэмнэрин кэнниттэн Л.Бочонина,М.Дорбохова икки маастар кылаастары көрдөрдүлэр, уот суох буолан биир интэриэһинэй оҥоһук таатта талаҕыттан биэс харах харысхалы(маастар В.П.Бысыина) көрдөрүү буолбата.
📍Кинигэ быыстапкалара улахан интэриэһи тартылар. «Ытыс саҕа кинигэлэрим» диэн В.В.Пинигина коллекцията, «Үлэ чиэс-бочуот» диэн Таатта үтүөлээх үлэһиттэрин туһунан С.К.Архипова дьиэтээҕи кинигэлэрэ уонна «Бары бииргэ ааҕабыт» диэн ааҕааччылартан кинигэлэри олус сэҥээрдилэр.Кып кыра кинигэлэри оҕолор ытыстарыгар ууран көрөн олус сэргээтилэр, «Мантан биир кинигэни ылабын дуо?»- диэхтэригэр дылы сөбүлээтилэр. Кэлбит ыалдьыттарга Алампа аатынан Норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ «барыта сүүйүүлээх» лотерея оонньотоннор интэриэһи тартылар.Бары оонньообут ааҕааччылар бириис тутаннар үөрүүлэрэ үрдээтэ.
📍Уолбаттан биир дойдулаахпыт Е.Ю.Рахлеева
Ба-Цзы диэн кытай омуга үйэлэр тухары муспут баай уопутугар уонна олоҕу көрүүтүгэр олоҕуран оҥоһуллубут илиҥҥи дойдуларга уонна бүтүн Аан дойду үрдүгэр киэҥник тарҕаммыт кытай метафизикатын көмөтүнэн киһи тус картатын ааҕан биэрэр дьикти дьарыктаах.Кини бу күн кэлэн баҕалаах ааҕааччыларга тус карталарын бэйэлэригэр арыйда.ким сэҥээрбит бу тлф.билсиҥ: 89248789905
📍Россия библиотекаларын күнүн салҕыыта киэһэ 8ч.»Сырал тулааһына» сахалыы балаҕаҥҥа оҕолору түмэммит остуоруйа киэһэтэ буолла. Тэрээһиммитин хомуска сахалыы матыыптары дьүрүһүтэ оонньоон арыйда А.В.Константинова.Онтон үөрүүлээх бырааһынньыгы уруйдаан тойугунан толорон ситэрдэ Л.К.Власова.Ол кэнниттэн дьэ аал уоппутун алгыс тылларынан,арыылаах алаадьынан айах тутта С.К.Архипова.Остуоруйал аһыы — кэпсэтии киэһэтигэр аналлаах сахалыы-нууччалыы кинигэлэрдээх кинигэ быыстапкатын обзордаан кинигэлэри көрдөрдө библиотекарь уонна биир кинигэни талан дорҕоонноохтук ааҕыыны саҕалааччыга Л.Власоваҕа биэрдэ. Салгыы кыргыттар ааҕыылара буолла. Кинигэттэн кэпсээни барытын аахпакка сороҕун оҕолор бэйэлэрэ ааҕалларыгар анаан хаалларан баран кэпсэтиини саҕалаатыбыт. Интэриэһинэй кэпсэтиигэ оҕолор бары хаалсыбакка кытыннылар.Түмүккэ Светлана Климентьевна дьиктилэрдээх, үөрэтэр-такайар кэпсээннэрин сэҥээрэн иһиттилэр.
Бу курдук «Бары ааҕабыт» диэн бу сыллааҕы Библионочь — ааҕааччыларга аналлаах тэрээһин уратытык ыытылынна.Ааҕааччылар көхтөөхтүк кытыннылар, солуннук,сэргэхтик ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ махталларын тиэртилэр.