«Үргэл сулус куорсуннара» Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи литэрэтиирэ бэстибээлэ
📍 Бэс ыйын 28 күнүгэр
Ытык Күөллээҕи «Таатта” литературнай музей-заповеднигар үрдүк таһымнаахтык буолан ааста.
📍 Алгыс сиэрин-туомун ыытта алгысчыт К.И.Христофоров. Бэстибээл үөрүүлээх аһыллыыта саҕаланан ыраахтан-чугастан ыалдьыттар, Сахабыт сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Н.И.Харлампьева, киэн туттар биир дойдулаахпыт Е.В.Слепцова -Куорсуннаах, тапталлаах Алампабытын үйэтитээччи-үөрэтээччи В.Г.Семенова,поэтесса Н.В.Михалева-Сайа, биир дойдулаахпыт суруйааччы, поэт А.И.Слепцов,суруйааччы,журналист,учуутал Р.Н.Каженкин уо.да.а.кыттыыны ыллылар, күрэстэргэ кыттааччылары сыаналаатылар уонна лекцияларга,маастар кылаастарга бэйэлэрин сүппэт сүбэлэрин биэрдилэр, үөрэттилэр-такайдылар.
📍 «Дорҕоонноох тылым хоһооно долгутар алгыстаах» литературнай түмсүүлэргэ уус-уран ааҕыы күрэһэ. Дьэ бу долгутуулаах, күүрээннээх хоһооннорунан киирсиигэ 10тахса өрөспүүбүлүкэ айар түмсүүлэрин ааҕар бөлөхтөрө кытыннылар.
Кылаан бириис — «Айаана» Харбалаахтан ааҕар бөлөх.
Бастакы миэстэ-«Отуу уота» (Нам)
Иккис миэстэ-Уолбаттан «Дьэҥкир алып» ааҕар бөлөх.
Үһүс миэстэ «Куорсун» айар түмсүү ааҕар бөлөҕө (Дьохсоҕон). Маны таһынан үс түмсүүгэ анал ааттар туттарылыннылар.
📍 «Чолбон: өй күрэһэ» хамаанданан оонньууга «Дьохсоҕон» диэн хамаандаҕа бары ытыктыыр, таптыыр учууталбыт, Киин уонна Дьохсоҕон библиотекаларын «Бастыҥ ааҕааччыта» анал ааттаах Лидия Егоровна Григорьева кыыһынаан Жанна Григорьевна Бурмистрова уонна кырдьаҕас Чөркөөхтөн Е.Филатова-Сыгыйык,В.Решетникова-Талбаана буолан «2-с уонна 3-с дьохсоҕоннорбут»- диэн дойдуларын ытык аатын ылынан күрэскэ оонньоотулар. Бастакытын ыытыллыбыт интеллектуальнай оонньууга күүстээх күрэһи көрсөн аҕыс хамаандаттан жюри быһаарыытынан 2 миэстэни ылары ситистилэр. Бириистэрэ 5 кинигэлээх «Орто Халыма олоҥхолоро». Өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр олоҥхоһуттардаах, «Дьохсоҕон олоҥхоһуттара» диэн биллэр-көстөр бөлөхтөөх нэһилиэккэ бириис — олоҥхолору ааҕан туһаныахтара диэн туттарда жюри. Бастакы миэстэ: «Айар кут» түмсүү Дьокуускайтан. Үһүс миэстэ: Амма улууһуттан «Айар абылаҥ» түмсүү.
📍 «Этэр тылым эгэлгэтинэн» тута хоһуйууга күрэскэ 40тахса айар талааннаахтар кытыннылар.Кинилэргэ «Былатыан» диэн тыл бэрилиннэ. Бастакы буукубаларын туһанан 15 мүнүүтэ устата акростих хоһоон строкаларын айан таһаарыыга сорудах. Кыайыылаах кылаан бириис үрдүк аатын ылла: З.П.Боппосова (Уолба). 3 үрдэл уонна 5 анал ааттар туттарылыннылар.
📍 «ДьоҺун үлэм — дьолум төрдө, сахам тыла, эн эбит» Ирина Афанасьевна
Колодезникова-Ымыыга аналлаах ахтыы киэһэтэ. Манна эстрада сулустара Эрхаан,Санита Ай уонна олохтоох мелодист В.Туманов Ирина Афанасьевна хомоҕой хоһоонноругар ырыалары толороннор киэргэттилэр.
📍Иккис күн — Бэс ыйын 29 күнүгэр поэзияҕа, прозаҕа уонна уус-уран айымньыны ырытыыга суруйааччылар маастар кылаастара уонна лиэксийэлэрэ буоллулар.
📍Күрэхтэһии кыайыылаахтарын наҕараадалааһын кэнниттэн
ыраахтан ыалдьыттар П.А. Ойуунускай төрөөбүт Муҥха Дэлбэрийбит алааһыгар, Чөркөөхтөөҕү историческай-
мемориальнай музейга, П.А. Ойуунускай аатынан СӨ Судаарыстыбаннаһын музейыгар экскурсиялаан дойдуларыгар айаннаатылар. Бу өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлгэ 23 спонсор өйөбүл буолан көмөлөһөннөр уонна күрэстэргэ бириистэри туруораннар кинилэргэ Тааттатааҕы кииннэммит библиотечнай система директора А.К.Билюкина улахан махталын биллэрдэ.