1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (3 оценок, среднее: 5,00 out of 5)
Загрузка...
233 просмотров

Өймөкөөнтөн Эдьиий кэрэ кэһиитэ,күндү бэлэҕэ

«Олоҥхо ыһыаҕа-2023 Ытык Өймөкөөҥҥө» диэн Олоҥхо ыһыаҕар ананан тахсыбыт 8 күндү кинигэлэрдээх бэлэх комплегы Эдьиийбит А.М.Егасова-Дьохсоҕон Кыыһа төрөөбүт нэһилиэгин библиотекатын ааҕааччыларыгар бэлэх аҕалла.Бу бэлэх кинигэлэргэ бааллар:
📍 «Чысхаан дойду сылаас тыллааҕа Н.М.Заболоцкай-Чысхаан». Кинигэ саха биллиилээх суруйааччыта, уус-уран тыл маастара, литературнай кириитик Николай Максимович Заболоцкай туһунан сырдатар. Иһирэх ахтыылар уонна кини айымньыларын ырытыылар киирбиттэр.
📍 «16 Олоҥхо ыһыаҕа Өймөкөөҥҥө: Айыы санаа айана». Өрөспүүбүлүкэтээҕи билим-методическай кэмпириэнсийэ матырыйааллара (2023с.14-17.03.Уус Ньара-Томтор). Бу кинигэҕэ биһиги биир дойдулаахтарбыт А.М.Егасова-Дьохсоҕон Кыыһа, Р.С.Маркова, А.Н.Николаев «Иччилээх мас өйдөбүлэ, анала уонна суолтата(эйгэнэн үлэ холобуругар)» диэн үлэлэрэ киирбит.
📍 «Уостубат утум: Олоҥхо тыыннаах айымньылар». Бу саҥа кинигэҕэ А.М.Егасова-Дьохсоҕон Кыыһа «Дьүкээбил дьирбиитин иилиммит, Ала Бурку аргыстаах Чысхаан тыал» диэн олоҥхо матыыбынан суруллубут 672 строкалаах айымньыта киирбит.
📍 «Фольклор эвенов Оймяконья» Манна эбээн норуотун фольклорун, остуоруйаларын,норуот сиэрин-туомун, норуот эмчиттэрин, харысхалларын ааҕаҥҥыт билиэххит.
📍 «Сэһэн Боло хотугу улуустарга сырыытын күннүгэ уонна олоҥхоһуттары кытта үлэтэ». Биллиилээх фольклорист Сэһэн Иванович Боло хотугу улуустарынан икки сыл устата дьаныардаахтык үлэлээбитэ сырдатыллар, олоҥхолору сурукка-бичиккэ тиспитэ сиһилии ырытыллар.
📍 «Аммосов Максим Филиппович. Дугуйа Бөҕө».1940с. Сэһэн Боло автортан сурунан ылбыт тиэкиһинэн нууччалыы переводтаах, справочнай — научнай ыйынньыктаах кинигэ.
📍 «Николай Прокопьевич Атласов-Дардай уонна Егор Алексеевич Слепцов Күн Эрили олоҥхолоро». Өймөкөөн олоҥхоһуттарын олоҥхолоро уонна киирии ыстатыйаҕа Өймөкөөн олоҥхолорун уратылара сырдатыллыбыт.
📍 «Е.С.Иринцеева-Огдо Дьиибэ Лаабы» (2D-остуоруйа). Кинигэ анимациятын Н.М.Мочкин оҥорбут. Лабыҥкыр эбэккэ иччитэ, хас эмэ үйэ тухары тыыннаах Лабыҥкыр кырдьаҕас хос сиэнэ көрдөөх-нардаах Лаабычаан туһунан остуоруйаны оҕолоргутун кытта ааҕыҥ, оҕоҕор ойууларын тилиннэрэн көрдөр.
Дьэ,маннык 8 интэриэһинэй кинигэлэрдээх бэлэх-коллекцияттан кинигэ уларсан ааҕаарыҥ,билиигитин кэҥэтээриҥ.
Күндү Акулина Михайловнаҕа улахан махтал,библиотекаҕа анаан аҕалбыт кэһиигэр. Махталлаах ааҕааччылар кинигэлэри көрүөхтэрэ, ааҕыахтара,үөрэххэ,үлэҕэ туһаныахтара.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *