1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (5 оценок, среднее: 5,00 out of 5)
Загрузка...
287 просмотров

Аһылынна Мэҥэ Бэлиэ…

  1. Аһылынна Мэҥэ Бэлиэ…

Күһүнҥү халлааҥҥа былыттар
Усталлар наҕыллык,
Чараҥмыт үрдүнэн элиэтиир
Кубалар курдуктар.

Алааспыт тулата мөһүүрэ
Толбоннуу киэргэллээх,
Солотуу көмүстүү күлүмнүү
Дьиримнии мичээрдиир.

Чуумпурбут алааспыт нуһараҥ
Чуумпутун аймааннар,
Дьон-норуот күйгүөрэ
Кырдалтан дуорайда.

Муусука ньиргиэрэ
Халлаантан эҥсийдэ,
Кыталык үҥкүүтэ
Кылыһах ырыата чугдаарда.

Чараҥмыт кырдалын
Догдойор саалыгар,
Хомсомуол холхуоһу
Кэриэстиир кэпсэлбит.

Суруктаах -бичиктээх өйдөбүл сурукпут,
Сухалаах-тараахтаах
Мэҥэбил бэлиэбит.

«Харыларым күүһүнэн
Хара буоргун тиэрэммин,
Хаарыан дьонум тыыннарын
Харыһыйа кэлбитим».

Бандылымыан Тулааһынап
Иэйэр — куойар тыллара,
Алаас устун дьиэрэйдэ
Сүрэх кылын таарыйда.

АҺЫЛЫННА МЭҤЭ БЭЛИЭ
ӨБҮГЭҔЭ КЭРИЭСТЭБИЛ,
КӨЛҮӨНЭҔЭ ӨЛБӨТ СҮППЭТ
КЭПСЭБИЛ.

ДЬӨГҮӨР. ТААТТА.

 

Дьохсоҕон нэһилиэгин историятын үөрэтээччи,элбэх саҥа кинигэлэр автордара Галина Егоровна Арылахова.

Нэһилиэкпитигэр өссө биир Мэҥэ Бэлиэ аһыллыбытынан бэйэтин эҕэрдэтин тиэрдэр А.Е.Кулаковскай -Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан орто оскуола директора В.Д.Петрова.

Бу саҥа арыллыбыт Мэҥэ Бэлиэни «Комсомол 20сыла» колхоз олохтоохторун ыччаттара-сиэн кыргыттарга сквери кыһаллан көрө-харайа сылдьыҥ диэн сквер күлүүһүн туттарда бу скверы оҥорууга улахан сыратын ууран үлэлээбит учуутал Татьяна Львовна Попова.

А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан оскуола үөрэнээччилэрэ сквер аһыллыытыгар кэлбит ыалдьыттарга сахалыы үҥкүүнү бэлэхтээн үөртүлэр.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *