Бүгүҥҥү үөрүүлээх күн Учууталга ананар. Ким да умнубат маҥнайгы учууталын — кынат аспыт, көччөх гынан көтүппүт, билии киэҥ аартыгар сирдээн киллэрбит күндү киһитин. Мин маҥнайгы учууталым Е.П.Павлова. Кини үтүөтүнэн киниэхэ үөрэммит доҕотторбутунуун идэлээх дьон буоламмыт үлэлии хамсыы сылдьабыт. Махталбытын олохпут устата аныыбыт уонна сөҕөбүт төһөлөөх элбэх оҕоҕо сырдыгы сахпыккын, билиини иҥэрбиккин, далаһа ууран үөрэх-билии суолугар атаарбытыҥ буолуой…
Үрдүкү кылаастарга үөрэппит учууталларбыт үтүөкэн мөссүөннэрин сүрэхпитигэр сөҥөрдөн, санаабытыгар саһыаран илдьэ сырыттахпыт. Аттыбытыгар баар аҕыйах ахсааннаах күндү учууталларбытын улахан махталынан, тапталынан көрсөбүт. Күндү учууталларга барыларыгар баҕарабыт кытаанах доруобуйаны, үгүс элбэх ситиһиилэри, үөрэппит оҕолоргут махталлара дьолу — соргуну тосхойдун!
Үрдүкү кылааска үөрэнэ тахсыбыппытыгар саамай сирдьит буолбут, сүбэлээн ииппит-такайбыт, туох баар сыратын ууран ийэлии амарах сыһыанынан биһиги туспутугар истиҥник кыһаммыт, төрөөбүт тылбытын дириҥник үөрэппит, кинигэни ааҕыыга уһуйбут күндүттэн күндү, тапталлаах учууталбыт
Мария Дмитриевна Мамина.
Иннокентий Афанасьевич Вырдылин нуучча тылын уонна литературатын учуутала.
Любовь Иннокентьевна Саввина нуучча тылын,литературатын учуутала.
Кондратьев Афанасий Петрович история учуутала.
Петр Николаевич Иванов,Анна Петровна Ючюгяева,Иван Иннокентьевич Рожин
Классрукпут Мария Дмитриевна курдук саха тылын,литературатын учууталлара…
Учууталларбытын умнумуох
Уонунан да сыллар аасталлар,
Эҕэрдэ тылларын этиэх дуу
Биһиги ханна да буолларбыт!!!