1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (9 оценок, среднее: 4,89 out of 5)
Загрузка...
257 просмотров

Первый комсомолец наслега…

Сегодня, в день 105-летия Ленинского Комсомола, к вашему вниманию представляются новые материалы о Гагарине В.С., от Поповой Татьяны Львовны — педагога доп.образования «Краеведение», руководителя детской организации «Кэскил» им.первого комсомольца наслега, участника гражданской войны,заместителя Наркома просвещения ЯАССР В.С.Гагарина.
Т.Л.Попова — отличник образования РС(Я), Почетный работник воспитания и просвещения РФ, педагог-наставник с н/знаками «За вклад в развитие детского движения РС(Я), За вклад в развитие образования Таттинского улуса».

🔹Дьохсоҕон нэһилиэгин
бастакы комсомолеһа — Василий Степанович Гагарин.
🔹1902с.сэтинньи 25 күнүгэр Дьохсоҕон нэһилиэгэр саха
дьадаҥы дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.
🔹Биэс саастааҕар
аҕата өлбүтэ.
🔹12 сааһыгар начальнай оскуолаҕа үөрэнэ киирбитэ.
🔹1965с. Тааттыныскай нэһилиэк ситэриилээх комитетын
уурааҕынан САССР үөрэҕин наркомун
солбуйааччытынан үлэлээбит биир дойдулаахпыт сырдык аатын Ытык-Күөлгэ
Василий Гагарин аатынан уулусса ааттыырга
быһаарбыттара.
🔹1963 — 1990сс Дьохсоҕон аҕыс кылаастаах
оскуолатыгар пионерскай дружина кини аатын сүгэрэ.
🔹Билигин А.Е.Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан оскуолаҕа В.С.Гагарин аатынан «Кэскил» оҕо тэрилтэтэ
салайааччы Татьяна Львовна Попова эрчимнээх салалтатынан кэскиллээхтик
үлэлиир уонна сайдар.
🔹Пионердар киэн туттар биир дойдулаахтарын чаҕылхай олоҕун чинчийэн үөрэтэллэр, үйэтитэллэр.
🔹Бассабыык Баһылай туһунан сиһилии билсиҥ Ангелина Попова үлэтигэр. (Сал.Т.Л.Попова)

«Үөскээбит дойдугун
Үөрэхтиир санааттан,
Үөрүүнү кытары
Үрдүктүк умайдын.
Бассабыык буолаҥҥын,
Баттаммыт норуоккар,
Баҕалаах күүстэрин
Барытын эн туттун.
Улусхан улэҕэ
Умайан өлбүтүн,
Оһолтон өлөртөн
Уонунан ордуктаах!
Бассабыык Баһылай,
Бары эн суолларгын
Батыһан барыахпыт,
Баҕар, эмиэ өлүөхпүт.
Суох буолла доҕорум,
Суругум барбата:
Суһалын эбитин,
Соһуйдум, уолуйдум!
П.А.Ойуунускай ити кэмҥэ маннык суруйбута: «Дьадаҥы ийэҕэ, аҕаҕа төрүөҥҥүн, оҕо эрдэххиттэн ааһары-
туорары билэҥҥин, кулут-кумалаан суох
буоларыгар, дьоллоох сырдык олох
кэлэригэр, хомуньуус баартыйа дьону
сырдатар үлэтэ үрдүүрүгэр, аһааҕыран да
сылдьаҥҥын, күннэри-түүннэри
күүрээннээх үлэни улэлээҥҥин, көстөөт
сүттүн, биллээт бардын. Биһиги өлбүппүт иһин, баартыйа тыыннаах, биһиги
аһааҕырбыппыт иһин, баартыйа күүстээх.
Улэһит норуот туруорбут, баартыйаҥ
салайбыт олоҕун, улэтин мөккүөругэр эн
өллун — үлэлээбит үлэн, тимир тирэх
буолан, хараҥа норуот сырдыаҕа. Биир
киһи өлбүтүн иһин, кини үрдүк идея
иннигэр үлэлээбит үлэтэ өлбөт, өлөру
кыайар. Хомуньуус идеята күүстээх,
дьыалата тыыннаах.
Таптыыр табаарыһым, чугас доҕорум,
бырастыы! Норуоппут сырдаатаҕына,
хараҥабыт халбарыйдаҕына, биһиги
эппиппит-хаампыппыт, сиэртибилэммиппит төлөнүөҕэ».
П.А.Ойуунускай.

В.С.Гагарин олоҕун,үлэтин туһунан Ангелина Попова реферата (сал.Попова Т.Л)

Гражданскай сэрии кыттыылааҕа, Дьохсоҕон нэһилиэгин бастакы комсомолеһа

 

Партия чилиэнигэр киирээччилэргэ ыйытыы лииһин толорторо биэрбиттэрэ. Ол лиис элбэх боппуруостарыттан биирдэстэрэ “Общественнай практическай үлэ ханнык салаатын ордук сэргэҕэлиигин?”диэн этэ. Онно эдэркээн Василий Гагарин бэйэтин эппиэтигэр “Норуот үөрэҕириитэ” диэн тыллары бастакы миэстэҕэ туруорбута.

Кини 1902 сыллаахха сэтинньи 25 күнүгэр оччотооҕу Таатта улууһун 1 Дьохсоҕон нэһилиэгэр саха дьадаҥы бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтэ. Биэс саастааҕар аҕата өлбүтэ, онон 8-9 сааһыттан ийэтигэр көмөлөһөн, хаһаайыстыбатыгар үлэлээбитинэн барбыта. Василий 12 сааһыгар начальнай оскуолаҕат үөрэнэ киирбитэ. Нөҥүө сылыгар церковнай-приходской оскуолаҕа көспүтэ. Ол оскуоланы бүтэрээт, икки кылаастаах, оччотооҕуга үрдүкү начальнай диэн ааттаах оскуолаҕа киирэр уонна 1919 – 1920 сыллаах үөрэх дьылыгар бүтэрэр. Ити оскуола бастакы сүһүөх советскай оскуолаҕа уларытыллар. Үөрэххэ олус дьоҕурдаах Вася оскуола бүтэһик кылааһыгар киирэр. Ол сыл саҥа советскай пансионунан туһанар дьоллонор. Оскуолатын 1921 сыллаахха ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэр.

1921 с. кулун тутар 20 күнүгэр Таатта улууһугар коммунистическай партийнай тэрилтэни олохтооһун маҥнайгы мунньаҕа буолар. Мунньахха Василий Гагарин эмиэ ыҥырыллар. Россия коммунистическай (большевик) партиятын сыалларын уонна соруктарын туһунан дакылааты РК(Б)П губбюротун тэрийээччи инструктора А.Е.Иванов (Кралин) оҥорор. Мунньах кыттыылаахтара дьадаҥы аймаҕы сомоҕолуур, кулаактары уонна тойоттору букатыннаахтык хам баттыыр туһугар Таатта дэриэбинэтигэр коммунистическай ячейканы тэрийэргэ уураах ылыналлар. РК(Б)П кэккэтигэр киирэргэ ол мунньахха суруйтарбыттар ортолоругар 1 ступеннаах оскуола тиһэх кылааһын үөрэнээччитэ, 19 саастаах Василий Гагарин эмиэ баара. Кини онно Ленин партиятын кэккэтигэр биир санаанан ылыллыбыта.

Партийнай ячейка муус устар 24 күнүнээҕи суһал ыҥырыылаах уопсай мунньаҕар партия Якутскай уезтааҕы бастакы конференциятыгар представителинэн Василий Гагарин талыллар. Пансиоҥҥа олорон үөрэнэ сылдьар Василийы куоракка партийнай конференцияҕа барарыгар өйүөлүүргэ коммунистартан биирдии муунталыы арыы хомуйарга уураах ылыналлар. Оччолорго итинник да партийнай уурааҕы ылынар наадалааҕын быһыытынан, сөптөөх курдук эбит.

«1920 сыллаахха продовольственнай нолуок хомууругар, олохтоох батталлаах баайдар баайдарын – дуолларын сороҕун тутан ылыыга, түһээн түһэриигэ кыттыбытым.

1921 сыллаахха, кылгас бириэмэҕэ, сир үллэһигин депутаттарыгар секретардаабытым, -” диэн Гагарин кэнники ахтан аһарбыта.

1921 с. партияҕа киирээт, партийнай ячейка сорудаҕын, советскай былаас дьаһалларын олохтуу уонна ыһыы хампаанньатын ыытыы туһунан агитациялыы нэһилиэктэргэ сылдьыталаан, улахан политическай уонна тэрийэр үлэни ыыппыта. Ити сыл, партийнай сорудах быһыытынан, Таатта волоһыгар бастакы ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ, киэҥ сырдатыы үлэни нэһилиэнньэ ортотугар ыыппыта.

Василий Гагарин социалистическай тутууга үөрэх, бары өттүнэн бэлэмнээх буолуу суолтатын дириҥник өйдөөбүтэ. Ол иһин, үөрэҕин салҕаары, 1921 с. Чөркөөх 2 ступеннаах оскуолатыгар киирбитэ. Ол эрээри ити оскуолаҕа сэтинньи ортотугар эрэ диэри үөрэммитэ. Советскай былааһы суулларарга суудайбыт үрүҥ бандьыыттар Саха сирин илин өттүттэн тоҕо ааҥнаан киирбиттэрэ. Партия Саха сиринээҕи тэрилтэтэ, революционнай комитета корнет Коробейников, Бочкарев баандаларын урусхаллыыр туһугар күүһү харыстаабакка турунарга бары үлэһиттэри түмпүттэрэ. Коммунистар, комсомолецтар үгүстэрэ казармаҕа киирбиттэрэ, фроҥҥа барбыттара.

Василий Гагарин тапталлаах ийэтэ, күн сиригэр саамай күндү киһитэ алтынньыга өлөр. Василий сэтинньи иккис аҥарыгар кыһыл дружинаҕа киирэр, 1921 сыл бүтэһигэр кыргыһыы фронугар атаарыллар. Кини 1922 с. бэс ыйыгар диэри Коробейников баандатын утары кыргыһыыга байыас быһыытынан сылдьар. ЧОН этэрээтигэр сулууспалыыр. Ол эрээри, Гагарин 1922 с. сайыныттан саҕаламмыт эйэлээх тутуу үлэтигэр наада буолар. ЫРЛКС Саха сиринээҕи тэрилтэтэ кинини бэйэтин дьаһалыгар ыҥыран ылар уонна тэрийээччи инструкторынан аныыр, онтон РК(Б)П уобаластааҕы бюрота Гагарины Советтар быыбардарын ыытыыга уонна продовольственнай нолуогу хомуйууга инструкторынан хос үлэҕэ аныыр. Онон кини партийнай уонна комсомольскай тэрилтэлэр эппиэттээх революционнай үлэлэргэ итэҕэллэрин толорор, партия политикатын олоххо киллэриигэ үлэлиир.

1922 сыллаах күһүн Пепеляев генерал авантюрата саҕаламмыта.

Пепеляев генерал баандата Аянынан, Нельканынан тоҕо ааҥнаан киирэн Якутскай диэки сыҕарыйан испитэ. Ол бириэмэҕэ Охотскайтан Ракитин генерал 250 киһилээх эмиэ Якутскайга аттаммыта.

Эдэр республикаҕа эмиэ суостаах балаһыанньа үөскээбитэ. Партия Саха сиринээҕи тэрилтэтин салалтата, Саха АССР ревкома Саха сирин үлэһиттэригэр ыҥырыы таһаарбыта.

Эмиэ уруккутун курдук, коммунистар уонна комсомолецтар үрүҥ баанданы үлтүрүтэр иһин охсуһууну өрө күүрдээччилэринэн буолбуттара.

1923 с. олунньу 1 күннэригэр Василий доҕотторун кытта казармаҕа киирэр. Быһаарыныылаах кыргыһыыга бэлэмнэнии буолар. Якутскайдыыр аартыктары былдьаары Пепеляев Амманы араҥаччылаан олорор кыһыл гарнизону утары 300 саллааттаах ударнай этэрээти ыытар. Ол этэрээт олунньу 2 күнэ буолар түүнүгэр, эмискэччи саба түһэн, Амма сэлиэнньэтин ылар. Кыһыл гарнизону төттөрү чугутар. Пепеляев Якутскай куоракка кимэн киириини олунньу 17 күнүгэр саҕалыырга бэйэтин этэрээтигэр бирикээс биэрэр.

Олунньу 14 күнүгэр Амматтан 25 км-х “Саһыл Сыһыыга» Пепеляев сэриитэ И.Я.Строд этэрээтин 18 хонуктаах муустаах төгүрүктээһинэ саҕаланар.

Олунньу 23 күнүгэр “Саһыл Сыһыыга» төгүрүктэнэн олорор Строд этэрээтин быыһыы Чурапчыттан Курашов 350 киһилээх этэрээтэ барар. Эмиэ ити бириэмэҕэ батальон, ГПУ дивизиона, ЧОН 2 ротата састааптаах кыьыл этэрээт Саха республикатын сэбилэниилээх күүстэрин командующайа К.Байкалов хамаандалааһынынан Якутскайтан Аммалыыр. Итиннэ ЧОН этэрээтин национальнай ротатын састаабыгар Василий Гагарин эмиэ баара. Кини бэйэтин волоһын киһитэ Е.И.Сунхалыровы, үөлээннээҕин С.А.Саввины уо.д.а. кытта ыар айаҥҥа, кырыктаах кыргыһыыга барбыта. Гагарин уонна кини доҕотторо бэйэлэрин роталарын аатырбыт хамандыыр И.Е.Алексеев курдук хорсуннук кыргыспыттара. Быһаарыылаах хапсыһыы кулун тутар 2 күнүгэр буолбута. Ол күннээҕи кыргыһыы уһун, кырыктаах, инники өттүгэр элбэх сүтүктээх буолбута. Кыһыл армия этэрээтэ кимэн киирэн, өстөөҕү үтүрүйэн испитэ. В.С.Гагарины кытта бииргэ сэриилэспит, 1941-1942 сылларга Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, биллиилээх кырдьаҕас суруйааччы Степан Афанасьевич Саввин – Күн Дьирибинэ ааспыты маннык ахтара: “Биһиги ЧОН этэрээтигэр, Кеша Алексеев ротатыгар баар этибит. 1923 сыллаах кулун тутар 2 күнүгэр Пепеляев генерал сэриитин Амматтан үүрэр кимэн киириилээх сэриигэ кыттыбыппыт. Кыайар иһин дьулуур улахан этэ. Вася Гагарин уонна мин икки ардыбытыгар икки байыас баара “Ыттар сиэтэхтэрэ абатыан!» диэн хаһыы иһиллибитэ. Хайыһан көрбүтүм, Вася тыыллаҥныы – тыыллаҥныы хаһыытыыр эбит. Өстөөхтөр ойоҕос өттүбүттүттэн ытыалааһыннарыгар, Вася атаҕар таптарбыт эбит. “Степан, мин ботуруоннаах батарантааспын ыл. Наада буолуо. Чэ, эр бэртэрэ эрэ буолларгыт, кытаатыҥ. Үнтү сынньыҥ бандьыыттары!» — диэбитэ. Мин кини көрдөһүүтүн толорбутум. Кыайыы туһугар кини ботуруоннара наада буолбута. Амманы ити киэһэ босхолоон, бөдөҥ кыайыы ситиһиллибитэ».

Кини ити курдук, өстөөх өрүттүбэт охсуһууларыгар геройдуу сэриилэһэн, бааһыран баран, Якутскай куоракка киирэн, уһун бириэмэҕэ эмкэ сыппыта. Сайын Иркутскай куоракка баран салгыы эмтэммитэ.

Иркутскайдыырыгар, “үтүөрэн үөрэххэ киириэм» диэн, комсомол обкомуттан командировка ылан барбыта. Эмтэнэн, хаамар буолан баран, Василий Иркутскайдааҕы университет рабфагыгар педагогическай отделениетыгар 1923 сыл күһүн үөрэххэ ылыллар. 1925 сыллаахха үөрэҕин үчүгэйдик бүтэрэр. Рабфакка үөрэнэр бириэмэтигэр активнай, талааннаах тэрийээччи, общественник быһыытынан бэйэтин көрдөрбүтэ. Кини үөрэнэр сылларыгар ВУЗ партийнай ячейкатын толоруулаах бюротун уонна комсомольскай ячейкатын бюротун чилиэнэ этэ. Таҥараһыта суохтар союзтарынан, куораттааҕы советын председателин быһыытынан улахан үлэҕэ кыттара. Маны таһынан эркин хаһыатын редакционнай коллегиятын, саха землячествотын көмө фонун үлэлэригэр биир активнай кыттааччы этэ.

Рабфагы үөрэнэн бүтэриитигэр университет партийнай ячейката, БСК(б)П куораттааҕы райкома Василий Степановичка маннык характеристиканы суруйбута “Табаарыс Гагарин В.С. үлэҕэ улахан активноһын, дьоҕурдааҕын көрдөрдө. Политическай өттүнэн тыйыс уонна диссипилиинэлээх. Марксистскай бэлэмэ үчүгэй. Ханнык баҕарар тэрийэр, кылаабынайа политическай – сырдатар уонна пропагандисткай үлэҕэ туһалыан сөп”.

Якутскайга кэлэрин кытта, кинини партия обкома “саха АССР үөрэҕин уонна доруобуйа харыстабылын коллегиятын чилиэнинэн уонна политическай – сырдатар үлэ отделын сэбиэдиссэйинэн анаабыта. Саха сиринээҕи партийнай тэрилтэ социалистическайдыы уларытан тутууга ыытар бастакы уочараттаах революционнай үлэлэрин ахсааныгар политическай – сырдатар үлэ чопчу киирсэрэ. Бу үлэни тэрийиигэ бары кыаллар дьаһаллар ылыллан испиттэрэ. Ол эрээри элбэх күчүмэҕэйдэр баар этилэр. Сэрииттэн алдьаныы – кээьэнии кэнниттэн, үп тиийбэтэ, кадрдар аҕыйахтара, дьиэ – уот, үлэлиир тэрил, быһатын эттэххэ, материальнай ааҕа суоҕа, нэһилиэнньэ киэҥ сиргэ быданан олороро, политическай – сырдатар тэрилтэлэр олус аҕыйахтара – оччотооҕу хартыына итинник этэ.

Нэһилиэнньэҕэ политическай сырдатыы ыытыыга бастакы ааҕар балаҕаннар суолталара улахана. Итилэр даҕаны оччотооҕуга улуустар эрэ кииннэригэр олохтоммуттара. Аҕыйах кинигэлээхтэрин аахтарар, бэсиэдэлэри ыытар, үөрэҕэ суохтары сайабылыанньаларын суруйан биэрэр үлэлээхтэрэ. Культура дьиэлэрин, кулууптар, театрдар, библиотекалар, киноустановкалар тустарынан этэргэ да эрдэ этэ.

Тааттаҕа бастакы ааҕар балаҕан 1921 сыллаахха тэриллибитэ, онно хамнастаах үлэһит суоҕа, аналлаах дьиэ диэн эмиэ суоҕа.

Ити үлэҕэ киирээт, 5 ый буолан баран, 1921 сыл В.С.Гагарин куорат партийнай тэрилтэтиттэн партия Саха уобаластааҕы 5 конференциятыгар делегатынан быыбарданар. Партия обкомун отчуоттуур дакылаатын сүнньүнэн тыл этэр.

Эмиэ ити конференцияҕа РБН наркоматын уонна партия уобаластааҕы хонтуруолунай комиссиятын отчуотун дьүүллэһиигэ Гагарин үбү кэмчилээһин, аппарааты сарбыйыы боппуруостарыгар принципиальнай санааны эппитэ. Сорохтор наркоматтары уонна Совнаркому эһэн баран, кинилэр функцияларын СКСК-а биэрэргэ этитэлээбиттэрэ. «Ити аата, — диэбитэ Василий Степанович, — аппараты сарбыйыы буолбатах, ити государственнай былаас правительственнай органнарын эһии буолар, биһиги итини кытта сөбүлэһиэхпитин сатаммат. Биһиги сорукпутунан аппараты үлүбүөй сарбыйыы буолуон сатаммат, Советскай аппарат үлэтин саҥалыы тупсарыы, ис хоһоонун байытыы, диссипилиинэни бөҕөргөтүү, советскай учреждениеларга сылдьааччылары кытта үлэни тупсарыы буолуохтаах».

В.С.Гагарин, аҕыйах да ый үлэлээтэр, политическай – сырдатар үлэ туругун кытта үчүгэйдик билсиспитэ. Онон, конференцияҕа үлэ туругун, инники соруктары чуолкайдык сырдаппыта. Үлэһиттэр культурнай көрдөбүллэрэ үрдээн иһэрин бэлиэтээн туран, кини политическай – сырдатар үлэни советскай тутуу бүтүннүүтүн уопсай сүнньүнэн холбуур туһунан боппуруоска тохтообута.

Үөрэҕэ суох улахан дьону үөрэтии боппуруоһун советтар бүтүн Саха сиринээҕи уочараттаах 6 съезтэригэр дьүүллэһэргэ этии киллэрбитэ.

Олохтоох нэһилиэнньэттэн, рабочайдар уонна бааһынайдар ортолоруттан кадрдары бэлэмнээһин, ол туһугар курстары аһыы, миэстэлэргэ политическай – сырдатар үлэҕэ партийнай салалтаны күүһүрдүү боппуруостара бириэмэтигэр уонна сөпкө туруоруллубуттара.

Василий Гагарин ити конференцияҕа партия уобаластааҕы тэрилтэтин хонтуруоллуур комиссиятын чилиэнинэн быыбардаммыта. Уобаластааҕы 5 партийнай конференция уураахтарын толорууга партийнай салалтаны күүһүрдэр сыалтан, партия обкомун 1927 с бэс ыйынааҕы пленума политическай-сырдатар үлэ туһунан боппуруоһу анаан дьүүллэспитэ. Дакылааты В.С.Гагарин оҥорбута. Кини дакылаатын тезистэрэ хаһыакка бэчээттэммиттэрэ. Пленумҥа бэлэмнэнии бириэмэтигэр В.С.Гагарин “Наркомпросздрав политическай-сырдатар үлэҕэ отделын 1920 с үлэтин туһунан дакылаат» диэн улахан матырыйаалы бэлэмнээбитэ. Онно элбэх сыаналаах таблицалар сыһыарыллыбыттара. Бу докумуон билигин даҕаны, кэлин даҕаны Саха сиригэр культура сайдыытын ааспыт өттүн чинчийээччилэргэ улахан туһаны оҥорор уонна оҥоруо. Ол докумуоҥҥа политическай-сырдатар үлэ дьиҥнээхтик тэриллиитэ хаһааҥҥыттан, туохтан саҕаламмыта, 1927с диэри туох ситиһиллибитэ, үөрэҕэ суоҕу үөрэхтээһин, культурнай-сырдатар үлэ, искусство, литература сайдыыта ити бириэмэҕэ ханнык туруктаахтара, чугастааҕы сылларга киэҥник сырдатыллыбыттара.

Саха сирэ экономика, культура өттүнэн хаалан иһииттэн социалистическай тутуу киэҥ суолугар киириэхтээҕэ.

Онон нэһилиэнньэни үөрэхтээһин эппиэттээх соруга туруоруллубута. Оттон саха дьоно, төһө да тиийиммэт – түгэммэт, аас-аччык буоллаллар, киэҥ сиргэ төһө да ыһыллан, быданан олордоллор, үөрэххэ, сырдыкка тардыһыылара сүүнэ этэ. В.С.Гагарин ону көрдөрөр, чаҕылхай чахчылары бэйэтин чинчийиитигэр ырытан суруйар.

1924-1927сс диэри, 3 сыл устата, саҥалыы суруйар уонна ааҕар кыахтанардыы үөрэҕэ суоҕун суох оҥорбут нэһилиэнньэ ахсаана 9800 киһи буолбута ыйыллар. Өскөтө, 1927-1928сс үөрэх дьылыгар ликпууннарга үөрэнэн үөрэҕэ суохтарын суох гыныах 4 тыһыынча киһини, чааһынай уонна нэһилиэнньэ бэйэтэ үбүлүүр ликпуннарыгар үөрэнэн үөрэхтэммит 1200 киһини эптэххэ, бу дьыл бүтэһигэр сахалыы суругу билэр 15 тыһыынча киһи баар буолуохтааҕын В.С.Гагарин бэлиэтээбитэ. Бу үөрэтээччи кадрдара,үөрэтэр дьиэтэ-уота, учебнига суох, республикаҕа суругу билэр коммунистар, комсомолецтар, Советскай былааһы үөрүүнэн көрсүбүт саха национальнай интеллигенциятын сыраларынан культурнай революция 1 ыарахан учаастагар бастакы бөдөҥ ситиһии этэ. Советскай былаас ханнык эрэ 4 сылга саха нэһилиэнньэтин 10% ааҕар, суруйар оҥорбута.

В.С.Гагарин ити матырыйаалыгар искусство, литература, кинигэ таһаарыыта хайдах туруктаахтарын, инники туох кэскиллээхтэрин болҕомтолоохтук ырытан көрдөрбүтэ. Ити барыта кини БСК(б)П обкомун пленумугар дириҥ ис хоһоонноох дакылааты оҥороругар көмөлөспүт улахан үлэ түмүктэрэ этилэр.

Нэһилиэнньэни политическай-сырдатар үлэнэн киэҥник хабар туһугар, ааҕар балаҕаннарга, кыһыл муннуктар ахсааннарын элбэтии, хоту улуустар нэһилиэнньэлэрин сырдатыыны тэрийии курдук дьаһаллар бэлиэтэммиттэрэ. Культура учрежденияларын материальнай базаларын бөҕөргөтүү, культура үлэһиттэрин бэлэмнээһин, квалификацияларын үрдэтии, сырдатар үлэ маассабай буолуутун нэһилиэнньэни киэҥник хабыыны ситиһии, ис хоһоонун уонна ыытыллар формаларын байытыы, олоҕу кытта сибээһин күүһүрдүү, итэҕэли утары пропаганданы сытыырхатыы, үөрэҕэ суох улахан дьону үөрэтиигэ общественнаһы түмүү, саҥа тэриллитэлиир народнай дьиэлэргэ тутууну ыытыы туһунан партия обкомун пленума киэҥ уурааҕы ылыммыта.

Гагарин 1927с кулун тутарга буолбут Советтар бүтүн Саха сиринээҕи 5 съезтэрин делегата этэ. Ити съездкэ Саха АССР үөрэҕин, доруобуйа харыстабылын наркома Бояров А.Ф. “Саха сирин нэһилиэнньэтин олоҕун чэбдигирдии туһунан» дакылааты оҥорбута. Гагарин ол боппуруоһу бэлэмнээһиҥҥэ, дьүүллэһиигэ улахан кыттыыны ылбыта.

В.С.Гагарин, А.Ф.Бояровтыын бииргэ үлэлииллэрэ. Кинилэр иккиэн хайдах эрэ, үтүктүспүт курдук, эрчимнээх, сытыы сырыылаах, хомоҕой тыллаах-өстөөх дьоннор этилэр, суруйаллара кэллэҕинэ, арахпакка, уһуннук түүн хойукка диэри олороллоро. Сарсыарда ыксалынан аһаан баран, тиэтэлинэн үлэлэригэр бараллара. Бэйэлэрин икки ардыларыгар бэрткэ тапсан, билиилэрин – көрүүлэрин, дьоҕурдарын сатаан дьүөрэлээн үлэлиир дьоҕурдаах дьон этилэр.

Василий Гагарин орто, көнө уҥуохтаах киһи этэ. Кэтит соҕус сирэйдээҕэ. Барытын соҕотохто өтөрү көрдөрбүн диэбиттии, эриличчи көрбүт киэҥ харахтааҕа. Хоруону хайа туппут курдук ыас хара баттаҕын өрө тараанара. Саха аныгы киһитэ барыта маннык буоллун диэбиттии, эриличчи көрбүт киэҥ харахтааҕа, аламаҕай майгыннааҕа. Эдэр киһи быһыытынан, күлбүт-оонньообут, доҕотторун кытта дьиибэлээх, хаадьыһыт, ол гынан баран кими да хоргутуннарбат, дьон санаатын көтөҕөр, күллэрэр, үөрдэр көрүдьүөс бэйэлээҕэ.
Төһө да эдэр буоллар, өстөөҕү өһүөннүүрү сатыыр күүстээх санаалааҕа, дьэбир сүрэхтээҕэ, кыайыыттан үөрэрин сатыыр сырдык дууһалааҕа. Бу, кыргыһыы хонуутугар хаана тохтубут, үөрэх кыһатыгар уһаарыллыбыт, тыҥааһыннаах үлэҕэ түүнүн-күнүһүн эриллибит буолан, олоҕу, үлэни билэр, улахан кэскиллээх үлэһит этэ.

1926-27 сс политическай-сырдатар учреждениялары табыгастаахтык оройуоннаан тэрийии сүүмэрдэммитэ. 1927с политическай-сырдатар алын тэрилтэлэр үлэһиттэрин бэлэмниир аан бастакы курс үлэлээбитэ. Ити сыл улуустарга культурнай үлэни ыытыы боппуруоһугар политическай-сырдатар тэрилтэлэр уонна оскуолалар үлэһиттэрин республикатааҕы сүбэ мунньахтара ыытыллыбыта. Онтон тыа сирин нэһилиэнньэтин ортотугар политическай иитии, культураны сайыннарыы дьыалатыгар культурнай күүһү бүтүннүүтүн тардыы, түмүү үлэтэ саҕаламмыта.

Сүбэ мунньах матырыйааллара туспа брошюранан типографияҕа бэчээттэнэн, республикаҕа тарҕаммыта, өйдөбүнньүк буолбута.

Политическай-сырдатар тэрилтэлэр материальнай базаларын бөҕөргөтүүгэ төһө кыалларынан үлэ ыытыллыбыта.

Улуустардааҕы ааҕар балаҕаннар политическай-сырдатар үлэлэрин оруола үрдээбитэ. Нэһилиэктэргэ кыһыл муннуктар тэриллитэлээн, ахсааннара элбээн испитэ. Кинилэр үлэлэрин туһунан аналлаах балаһыанньа оҥоһуллубута. Хоту оройуоннар көһө сылдьар нэһилиэнньэлэригэр культурнай үлэни ыытыыга кыһыл кибиткалар олохтонуулара саҕаламмыта. Якутскайдааҕы педагогическай техникумҥа политическай-сырдатар үлэ кадрдарын бэлэмниир отделение аһыллыбыта.

Гагарин итини сэргэ, партия Саха сиринээҕи тэрилтэтин хонтуруолунай комиссиятын чилиэнинэн эппиэттээх партийнай үлэни ыытара. Кини 1927с. алтынньытыттан 1928с. кулун тутарга дылы “Чолбон” сурунаал редактордарыттан биирдэстэрин быһыытынан эмиэ эппиэттээх үлэни толороро. Партия обкомун, совнаркомун, СКСК, куорат Советын исполкомун араас комиссияларын састаабыгар киллэриллэн, үгүс эгэлгэ общественнай, политическай дьыалаларга кыттара.

Үөрэҕэ суохтары үөрэтии уонна политическай-сырдатар үлэ 5 сыллаах былаанын оҥорууга 1928 с. саҕаланарын кытта дьаныардаахтык бэлэмнэммитэ. «Биэс сыллаах былааны оҥоруу үлэтин бүтэрээт, холку суобаһынан, санаам дуоһуйан туран, эмтэниэм уонна аны сайын үрдүк үөрэх заведениетыгар киирэн, салгыы үөрэнэргэ киин Россияҕа барыам»,-диирэ кини. Кини сырдык ырата туолбатаҕа. 1928 с муус устар 25 күнүгэр В.С.Гагарин ыарыытыттан Якутскай куоракка 26 сааһыгар өлөн, партия байыастарын кэккэтиттэн туораабыта.

Саха сирин народнай поэта С.Р.Кулачиков-Эллэй доҕордоһон үөскээбит тапталлаах табаарыһа В.С.Гагарин туһунан ахтыы буоллаҕына, ис иһиттэн иэйиилээхтик эйэҕэс тыллары этэрэ. «Ол үтүөкэн майгылаах, сырдык өйдөөх, кылгас олоҕор үгүһү түгэн булан оҥорбут киһи этэ»,-диэн кэпсиирэ. Кини ол аһыылаах күннэргэ “Бассабыык Баһылай өлбүтүгэр”диэн хоһоонун сорох кэрчиктэрин аахтахпытына даҕаны, бу Саха сирин биллиилээх киһитэ ким-ханнык доҕордооҕун сүтэрбитин билиэхпит:

Үөскээбит дойдугун

Үөрэхтиир санааттан,

Үөрүүнү кытары

Үрдүктүк умайдыҥ.

 

Бассабыык буолаҥҥын,

Баттаммыт норуоккар,

Баҕалаах күүстэрин

Барытын эн туттуҥ.

 

Улусхан үлэҕэ

Умайан өлбүтүн,

Оһолтон өлөртөн

Уонунан ордуктаах!

 

Бассабыык Баһылай,

Бары эн суолларгын

Батыһан барыахпыт,

Баҕар, эмиэ өлүөхпүт.

 

Суох буолла доҕорум,

Суругум барбата:

Суһалын эбитин,

Соһуйдум, уолуйдум!

Василий Степанович Гагарин
Төлөннөөх комсомолец этэ
​Революция кэнниттэн сир аайы Советскай былаас олохтонон барбыта. Бүгүн биһиги Саха сиригэр Советскай былаас туругурарын, дьоллоох олох кэлэрин туһугар охсуспут бастакы комсомолецтартан биирдэстэрин Василий Степанович Гагарин туһунан кэпсиибит.
Василий I Дьохсоҕон нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Улаатан баран 1917-1918 сылларга тыа сирин приходскай оскуолатыгар үөрэммитэ. Ити кэнниттэн 2 кылаастаах начаалынай оскуолаҕа киирбитэ. Ити оскуолаҕа Василий государство көмөтүнэн мөссүйүөҥҥэ олорон үөрэммитэ. Ол сылдьан баайдартан, атыыһыттартан, кулаактартан сири былдьаан ылан дьадаҥыларга биэриигэ көмөлөспүтэ. Уол ити кэмҥэ ревкомҥа секретардыыр уонна сир үллэһигин ыытар депутаттарга көмөлөһөр.
Оттон 1921 сыл муус устар ыйга Якутскайга буолбут уобаластааҕы партийнай конференцияҕа делегатынан талыллан, Саха сирин коммунистарын ити түмсүүтүн үлэтигэр кыттыбыта. Василий Степанович кэнники араас эппиэттээх үлэлэргэ сылдьыбыта. Ол курдук, нэһилиэктэринэн командировкаҕа сылдьан агитационнай – маассабай үлэни нэһилиэнньэ ортотугар киэҥник ыытара.
1922с. балаҕан ыйын бүтүүтүттэн комсомол обкомун инструкторынан үлэлиир.
1923 – 1926 сылларга Иркутскайдааҕы педрабфакка үөрэнэ сылдьан студеннар ортолоругар общественнай үлэни ыытыыга актыыбынайдык кыттар. Ол курдук, партийнай ячейка бюротун чилиэнэ, саха студеннарын землячестволарын председателэ, Иркутскай куорат Советын депутата этэ.
Саха сиригэр 1926 сыллаах кэлэригэр Василий Степанович баара – суоҕа 24 эрэ саастааҕа. Ол үрдүнэн дэгиттэр сайдыылаах таб. Гагарины республика Үөрэҕин народнай комиссарын солбуйааччынан аныыллар. Кини ити үлэтигэр сылдьан 1927 сыллаахха ыараханнык ыалдьан төлөннөөх сүрэҕэ тэппэт буолбута. (“Төлөннөөх комсомолец этэ”, Н. Данилов. Коммунист хаһыат, 7.12.1966с.)

Ааҕар балаҕан агитацията

Таатта улууһугар бастакы ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн, ити улуус бастакы коммунистарыттан биирдэстэрэ Василий Степанович Гагарин этэ. Кини оччоҕо 19 саастааҕа. Ити сыл кини партияҕа киирбитэ. Ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйэ буолаат, советскай былаас туһунан киэҥ агитацияны ыытара. Бастатан туран кини үөрэҕэ суохтары үөрэхтиир туһугар турунара. “Үөрэҕэ суох киһи им балайга турар. Үөрэҕэ суох киһи политика таһыгар турар» — диэн учууталбыт Ленин этэр» -дии – дии кини кэпсиир буолара. Ол онтон эбитэ буолуо, кини нэһилиэктэрин батараактара эрдэ сайдыбыттара уонна үөрэхтээх ыччаттар үөскээбиттэрэ. Ленин туһунан биһигиннээҕэр элбэҕи билбиттэрэ, истибиттэрэ.

В.С.Гагарин аатынан «Оҕо саас түһүлгэтин» арыйыы үөрүүлээх түгэнин  көрүҥ:

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *