Төрөөбүт төрүт тылбыт, сурукпут-бичикпит күнүгэр «Куорсун» түмсүүттэн Арылы уонна Дьөгүөр саҥа хоһооннорун ааҕыҥ,сэҥээриҥ!
Сахам тыла
Сахам тыла
Алаас тыына,
Эбэм, эһэм
Төрүт тыла.
Сахам тыла
Сир симэҕэ,
Сэттэ курдаах
Кустук өҥө.
Сахам тыла
Эмсэх тэҥэ,
Киһи гыммыт
Ийэм үүтэ.
Сахам тыла
Түөрэх кээһэр
Дьылҕам суола,
Дьолум төрдө.
…. Арылы
Тыл сүүрүгүн
Умсугутар уйгута
Ыраатта бадаҕа,
Уйгуурда ыксаласпыта.
Тиһиллэр ыллыгар
Күн иэйиим
Күннэтэ күүлэйдиир,
Тугу эрэ тутаары
Ыксыыр да ыксыыр.
Ол эрэн,
Ир суолун ирдэһэр
Иитийэх санаам,
Тоҕо эрэ
таба туттарбат,
Төрдүн-төбөтүн
Булларбат.
Ымыылаах кэм
Сүрэҕи сымнатар
Сүдү түгэнэ
Сүрэхпэр,
Өссө да сөҥөн,
сыттаҕа.
Көрдүгэнниир уота,
Субу күөдьүйүөхтүү,
Сырдьыгыныы,
Сыыгыныы тыыннаҕа.
Ол кыым кутаа
буолан
Күлүбүрүү умайыа,
Оччоҕо, оччоҕо
Мин баҕа санаам
Кыырайа көтүө,
Көҥүл дуолга
Уһууруо…
…..Арылы
Сахам тыла
Кутаа уотум
Кытыаста умайарыныы
Сахам тыла
Кылаанныра кыыһар,
Көтөн тахсар
Кыым кыырпаҕыныы
Көҥүл күлүмнүү
Көччөхтөнө көтөр.
Көмүөл мууһа
Өрө көтөҕүллэринии,
Моһоллору туораан,
Барчалана тыаһаан,
Иннигэр көрсүбүт
Түөрүөх мэһэйдэри
Туора хаһыйан,
Сундулуйа устар.
Хаарчахха хаайтарбат
Хаҥыл сылгылыы,
Хаһыҥыы,хаһыҥырыы
Хаһаа үрдүнэн ойон,
Сиэлэ субуллан,
Көҥүл дуолга көччүйэр.
Мин сахам тыла
Өлбөт-сүппэт
Өрөгөй тыыннаах,
Мин сахам тыла
Өбүгэ саҕаттан,
Түөн да саҕа хардыыны,
Төттөрү түспэт
Төһүү төлкөлөөх,
Төрүт силистээх….
…. Арылы
Ылыммаппын
Сахам тыла эстиэ диэн
Ылыммаппын тоҕо эрэ.
Ылбаҕайдыыр дорҕоонунан
Санааларбын сайҕардар.
Сайа тыынар салгыммынаан
Сүрэхчээммин сөрүүкэтэр,
Сүүрүгүрэр үрэхпэр
Сайҕанарбын санатар.
Төрүөн түспүт алаастан
Ыллыктарбын бэрийэр,
Ырыык-ыраах ыырдарынан
Тэлэһийэ күн тарҕанар.
Онно кини ырыа буолан
Оҕо дьоннуун ыксыһар,
Обун төлөн орой саастан
Омоох суолбун батыһар.
Тоҕо эрэ ылыммаппын
Сахам тыла эстиэ диэн,
Сайдар үүнэр дьолум-соргум
Кэхтэр кэмэ кэлиэ диэн.
…… Арылы
ТӨРҮТ ТЫЛЫМ
Түҥ былыр икки атах
үөскүөҕүттэн,
Түүр омук үөдүйүөҕүттэн,
Киһи аймах амалыйар буолуоҕуттан,
Үөскээбитэ үһү тыл -өс
сатараабыта үһү Сахалыы
саҥа,
Үөдүйбүтэ үһү руна сурук
Үйэттэн -үйэҕэ кэлбитэ үһү
очуос тааска бичиллэн,
Үс саха үөскүөҕүттэн, түөрт саха төрүөҕүттэн,
Сатараабыта үһү сахалыы
саҥа,
Олоҥхоҕо хоһуллан, оһуохайга
этиллэн,
Көлүөнэттэн- көлүөнэҕэ кэлэр
кэнэҕэс ыччатка,
Кэриэс буолан кээһиллибит ,
бэлэх буолан бэриллибит.
Тахсар күммүт кэриэтэ ийэ
тылбыт сүмэтэ,
Ийээ дэһэн төрүөхтэн ,
сыыллаҥхайдаан хаамыахтан,
Кутка -сүргэ иҥпитэ ,иэйиэхситтиин эҥэрдэспитэ,
Айыылардыын сиэттиспитэ,
олоҥхолоон дьоллоһуппута.
Сахам тыла төрүт тылым,
биһикпиттэн бэриллэн,
Өбүгэттэн куорсун анньан
өлбөт -сүппэт үөстэнэн,
Үйэлэртэн -үйэлэргэ үүнэн -сайдан чэчирээн,
Сурукка -бичиккэ тиһиллэн,
өлбөт -сүппэт дьылҕаланан,
Бэриллэн иһиэ көлүөнэттэн -көлүөнэҕэ,
Кэлэр- кэнэҕэс ыччаттарга
кэриэс буолан хаалыаҕа.
ДЬӨГҮӨР. ТААТТА.