«Былыыр-былыр…» остуоруйаны өйтөн суруйууга өрөспүүбүлүкэтээҕи кэтэхтэн күрэххэ В.В.Пинигина-Арылы «Халлаан мааны кыргыттара» диэн оҕолорго аналлаах саҥа остуоруйата 3 үрдэли ылла.
Эҕэрдэлиэҕиҥ, остуоруйа айааччыны! Саҥаттан саҥа айымньыларгынан ааҕааччыларгын үөрдэ тураргар баҕа санаа бастыҥын аныыбыт!
Биир дойдулаахпыт өссө биир оҕолорго аналлаах айымньытын оҕолоргутун, сиэннэргитин кытта ааҕыҥ. Айылҕа кэрэ көстүүтүн кэпсиир алыптаах остуоруйаҕа ыалдьыттааҥ!
Халлаан мааны кыргыттара.
Мэҥэ халлааны тилэри бүрүйэн турар күрүҥ былыттан хаар түһэн кыыдамныыр.Суол кытыытыгар кэккэлии турар лаампа уотугар кылапаччыйа күлүмүрдүү аргыый тэлээрэр.Эргийэ көтөр кыырпахтары Саара кыыс ытыһыгар түһэрэн ылан уот сырдыгар кыҥастаһа турда.Ол кэмҥэ ханна эрэ сип-синньигэстик чачыгыраччы күлэр саҥа иһиллэн ааста.Онтон соһуйан тула өттүн көрүннэ да кылбаара түһэр хаартан ордугу булан көрбөтө.Тура түһээт хардыылыах курдук гынан истэҕинэ, кулгааҕар үҥкүү муусуката кутулунна.Ону кытары били чаҕаархай куолас аттыгар эргийэ үҥкүүлүүрдүү дьикти бэйэлээх ырыаны тарта:
«Халлаан мааны кыргыттара,
Нарын-намчы кыырпахтара,
Тэлээриһэ үҥкүүлүүбүт,
Туртаҥнаһа көтөбүт.
Кэрэ кыысчаан,үҥкүүлэс,
Туллуктана эн дайыс,
Туналыйар тумаҥҥа
Дайыыс-дайыс эн дайыс…»- диирин кытта, Саара кыыс хайдах эрэ чэпчээн хаалбыт курдук буолла да, үөһэ уйдаран сиртэн тэйдэр тэйэн барда. Аттыгар били саҥата:-«Эн биһигини кытта барыс, биһи эйиэхэ үөһээттэн сир кыһыҥҥы көстүүтүн көрдөрүөхпүт. Кэрэ көстүү диэн дьэ онно баар.Биһиги халлаан кыргыттара-хаар кыырпахтара, сир ийэни түү суорҕанынан бүрүйэн, кыһыҥҥы тымныы уоруттан быыһыыбыт. Сылааска суулуубут. Кыһын сир хайа тоҥмотун, үүнээйи силиһэ,үнүгэһэ үлүйбэтин туһугар, үөһэттэн үллүктүү түһэн дьапталҕа, буолан сытабыт.Саас күн уота күүһүрүүтэ күнтэн түһэр сылаас утахтан ирэн ууллан, үрүччэ буолан устабыт. Күөлгэ, үрэххэ түһэбит.Утуйа сыппыт сир уһуктан угуттанар.Онтон күүс ылан,күн суоһугар бигэнэн үнүгэс тыллар, үүнэр.Онон биһиги туһабыт үгүс.» Саара бу чугдаарар саҥа, тулалыыр муусука дорҕоонугар уйдаран, эргийэ үҥкүүлээн барбытын бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Арай өйдөөн көрбүтэ-тулатыгар хаар маҥан оһуор таҥастаах кыргыттар үҥкүүлээн эргичийэ сылдьаллар эбит.Аллара өҥөс гыммыта — тыа, толоон дьиэлэр кырыыһалара барыта хаарынан бүрүллэн биир кэлимсэ буолан көстөр. Дьикти ырыа быыһыгар үөһэ тахсан истэхтэрин ахсын сир иэнэ ырааттар ыраатан,тэйдэр тэйэн, көстүбэт буолан барда. Хаар кыргыттар хамсаныылара түргээтээн, эрчимирэн истэҕин ахсын Саара хараҕа ирим-дьирим, тула өттө күп-күөгэҥнэс буолла. Хаар бөдөҥөөн көһөҥө былыкка кубулуйан барда.»Сууллар буоллум,»- дии саныырын кытта, аттыгар сылдьар хаар кыргыттар илиититтэн ылан былыкка таһааран олордон кэбистилэр. Бэйэлэрэ салгыы эргичийэ үҥкүүлээн бардылар.Бииргэм хаар үллүктүүрүн быыһыгар Хаар Кыыс саҥата: Биһиги эйиэхэ хантан кэлэрбитин көрдөрүөхпүт. Көр эрэ, ол баата курдук былыттары, ити Кырыа Кыһын Хотун тэлгэппит бэриинэлэрэ.Биһиги итиннэ мустан олоробут. Кырыа Кыһын Хотун кэмиттэн-кэмигэр тахсан, ити бэриинэтин тэбиир.Оччоҕо кыракый хаар кыырпахтар үрүө-тараа салгын устун көтөбүт.Үҥкүүлүү эргичийэн аллараа түһэбит.Билэҕин дуо, хаар араас көрүҥнээх буоларын? Биһиги куйаар сиигэ, халлаан тыала хамсааһынынан тус-туһунан оруоллардаахпыт.Сир кырсын сылаас суорҕан буолан бүрүйэрбититтэн атын эмиэ соруктардаахпыт. Холобур:Кырпай хаар — диэн түһэ турар бытархай кыра хаары ааттыыллар.Кини уулусса лаампатын уотугар үчүгэйдик көстөөччү. Онтон ньуолах хаар -түү курдук көпсөркөй аргыый намылыйан түһэр хаар буолар.Кыраһа хаар- саҥа түспүт сыа хаар.Били оҕолор тахсаннар Хаар киһини оҥорор хаардара. Тоҥуу хаар-бу олох тэпсиллибэккэ, суол-иис таһаарыллыбакка сытар халыҥ хаара.Көр эрэ ол, үөһэттэн көрдөххө муус-маҥан хаар куйаара нэлэһийэ сытарын курдук дии»-диэн Хаар кыыс кылыгырас куолаһа чугдаарда. «Аны ол отторго-мастарга үөһэттэн хойуутук, өлгөмнүк түһэн ыйанан турар бөдөҥ хаар көмнөх хаар» дэнэр.Онтон дьэ, бу кыһыны быһа ууллубакка сытар хаар кыстык хаар дэнэр.Сити курдук хаар туһунан элбэҕи кэпсиэххэ сөп.Эһиги дьон хаар туһунан төһө элбэҕи билэргит эбитэ буолла.?Биһиги халлаан кыргыттара кыһын устата үлэбит элбэх. Айылҕа ыйааҕынан Сир ийэни кыһыҥҥы кэмин симиибит.Хотугу муустаах муораҕа олорор Тымныы оҕус уордайар, сири-дойдуну муус кыаһаан тыынынан үрэн бүрүйэр, тоҥорор кэмигэр хаххалыыбыт,- диэн оргууй кэпсээнин түмүктүүрүн саҕана Саара кыыс аны утуйуох санаата кэллэ. Ол быыһыгар: «Манна утуйан хааллахпына сиргэ кыайан төннүбэппин дии санаан»,-хараҕын уута халыйан таҕыста. Онтука йа иэдэһин устун суккураан түһэн «топ» гына таммалаабыта муус буола тоҥон аллара диэки куугунуу турда. Ол тыаһын истэннэр үҥкүүлүү сылдьар хаар кыырпаҕа кыргыттар Саараны тула үмүөрүһэ түһэннэр : «Ытаама Сир кыыһаа,билигин эйиигин аргыый аҕай аллараа түһэриэхпит,-диэн баран илиититтэн ылан эргичиппитинэн бардылар. Ол курдук, сиргэ чугаһаан истэхтэрин ахсын Саара санаата көнньүөрэн ис-иһиттэн чэпчээн, хаар кыргыттарга сипсийэн, маннык кэрэ көстүүнү көрдөрбүттэригэр, хаар туһунан кэпсээбиттэригэр, элбэх саҥаны билбитигэр махтана истэ. Остуолба уотун сырдыгар кэлэн аргыый сиргэ түһэрээт: «Чэ,биһиги тиэргэннэри симии бардыбыт.Эн биһигини көрбүккүн кимиэхэ да кэпсээйэҕин-,» диэт чэпчэки-чэпчэкитик дугунан үөһэ көтөн тэлээрэ турдулар.Саара санаатыгар уйдаран ыраата, тэлэһийэ сылдьыбытын умна охсон, икки ытыһын таһыммытынан дьиэтин диэки сүүрдэ.Ону кытары бу буолан ааспыт көстүү олох биир кистэлэҥэ буолан бэйэтин кытта тэҥҥэ көтүһэ турда.
В.В.Пинигина-Арылы.
Таатта улууһа.
«Куорсун» айар түмсүү.
Дьохсоҕон нэһилиэгэ.
29.01.2024.