Биһиги нэһилиэкпитигэр хаһан да умнуллубат үөрүүлээх кэтэһиилээх кэм, дьоллоох түгэн тосхойдо.Нэһилиэктэн бастакынан биир дойдулаахпыт «Куорсун» айар түмсүүттэн В.В.Пинигина-Арылы Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын Сойууһугар киирбитин туһунан дастыбырыанньа тутта. Валентинабыт өр сыллаах айар үлэтэ сыаналанан, ааҕааччыларыгар элбэх айымньыларын тиэрдэн, төрөөбүт төрүт тылбытынан кырачааннарга аналлаах кинигэлэртэн саҕалаан кинигэ арааһын айан,суруйан, бэчээттэтэн сахалыы тылынан суруллар кинигэлэр кэккэлэрин хаҥатыста. Кини сорох хоһоонноро ырыа буолан дайдылар, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар айымньылара бэчээттэнэн тахсарын ааҕааччы сэҥээрэ-сэргии көрсөр. Күндү Валентина Владимировна! Бэлиэ суолталаах кэмҥинэн истиҥник эҕэрдэлиибит. Баҕарабыт салгыы саҥаттан саҥа айымньылары кэтэһэр-күүтэр ааҕааччыларгар тиэрдэ тураргар, ыра санааларыҥ сатанан истиннэр, бастыҥ баҕа санааларыҥ барҕардыннар, кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну!
1. Борисова Наталья Николаевна — Нарыйа
2. Бурцева Светлана Михайловна — Суугунай Чараана
3. Васильева Дария Егоровна — Амма Даайыс
4. Пахомов Николай Иванович
5. Пестряков Василий Егорович — Курбуһах Уола
6.Петрова Татьяна Михайловна — Мойуу Кыыһа
7. Пинигина Валентина Владимировна — Арылы
8. Попов Валерий Артемович
9. Сельтюкова Алла Руслановна — Айаалла
10. Харлампьев Константин Романович
Эҕэрдэ, Валя СӨ суруйааччылар союзтарыгар киирбиккинэн истиҥ эҕэрдэ🌹🌹🌹маладьыас суруйар эйгэҥ кэҥээтин талаанын арылла турдуҥ ситиһииҥ кэҥээтин✊🙌🙌🙌😍😍😍
🙋🏻♀️Валябыт үрдүк ситиһиитинэн эҕэрдэ!Уу, Валя, эгэрдэ! Киэн туттабын!😍❤️👍Саха сирин Суруйааччыларын Сойууһугар киирбиккинэн!✒️📕📒Айар үлэҥ аартыга кэҥээтин, сытыы бөрүөҥ сыппаабатын,айар үлэ абылаҥа уостубатын!✊✊✊
ПИНИГИНА ВАЛЕНТИНА ВЛАДИМИРОВНА —
АРЫЛЫ
Таатта улууһугар, Уус-Амма нэһилиэгэр олунньу ый 15 күнүгэр 1958 сыллаахха
төрөөбүтүм.1975с. Алампа аатынан Ытык-Күөллээҕи орто оскуоланы бүтэрбитим.1976-77 Дьохсоҕон нэһилиэгэр ясля-садка ньээҥкэлээбитим.1978-80сс. Дьокуускай куоракка музыкальнай училище хоровой бөлөҕөр үөрэнэ сылдьыбытым.Ол кэннэ кэргэн тахсан оҕолонон быстах араас үлэҕэ үлэлээн олорбутум. Пенсияҕа тахсыахпар диэри 16 сыл Дьохсоҕон орто оскуолатыгар библиотекарынан үлэлээбитим.Үлэ бэтэрээнэбин.»Дьохсоҕон нэһилиэгин үөрэҕириитигэр кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайкатабын.Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олоробун.
Айар үлэм 2008с. саҕаламмыта.Бастакы хоһоонум 2011с.Таатта хаһыакка бэчээттэммитэ. Хоһоон, кэпсээн суруйабын, мелодия айабын. Айымньы-
ларым «Таатта», «Орто Дойду», «Киин куорат», «Туймаада» хаһыаттарга, «Чолбон»,»Далбар Хотун», «Күрүлгэн», «Айар Кут» су-
рунаалларга бэчээттэммиттэрэ, элбэх хомуурунньуктарга киирбиттэрэ.
*Ситиһиилэрим*:
*2017* с. А.Е.Кулаковскай 140 сааһыгар аналлаах
«Өксөкүлээх өрөгөйө» бүтүн өрөспүүбүлүкэ хоһоон айааччыларын күрэстэрин 1 ст. Дипломана,
«Өксөкүлээх
суолунан» лит. экспедиция «Орто дойду кэрэхсэбиллээх
кэпсээнньитэ» күрэскэ биһирэбил бириискэ тиксибитим.
«Уран тыл оһуордаах ыһыаҕа» литературнай пикниккэ
«Мин суруйааччыбын» күрэс түһүлгэҕэ, кэпсээҥҥэ
3 миэстэ.
«Үс кут тойуга» хоһооннорум кинигэтэ 2017с.
тахсыбыта.
Уонча ырыалаахпын.
*2018* с . «Уран тыл
оһуордаах ырыалара» хомуурунньукка 4 ырыам киирбитэ.
*2019* с.»Ырыалаах хонууга уйдаран «ырыанньыкка үс ырыам киирбитэ.
*2021* сылга ситиһиилэрим:
«Победителю сочинения авторских стихотворений, посвященной к 120-летию Анания Кононовича Андреева, видного государственного деятеля, директора Якутской СЭЦ народного комиссара коммунального хозяйства ЯАССР» Диплом 2ст.
Боробул.22.09.2021г.
«Кындыа кыһын барахсан » куйаар ситимин нөҥүө өрөспүүбүлүкэтээҕи хоһоон күрэҕэр
Дипломант
17.11.2021 с.Хаҥалас Өктөм.
Амма улууһа»Култуура уонна норуот айымньытын салалтата»01.09.2021с.
Норуот тапталлаах ырыаһыта Екатерина Афанасьевна Захарова-Саха Күөрэгэйэ 100 сылыгар анаммыт «Ырыам ыраах эн дьиэрэй» республикатааҕы ырыа күрэҕин кыайыылааҕар.
Добун сурук.
Дипломант 2 ст.
Саха өрөспүүблүкэтин уус-уран Ойууга-дьүһүҥҥэ бас түмэлэ Тааттатааҕы хартыына галереята.2021с.
Худуоһунньук, РФ худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ,Таатта улууһун бастыҥ мецената бэлиэлээх Вечеслав Васильевич Яроев хартыыналарынан куйаар нөҥүө ыытыллыбыт» Ойуу күүһүн тыла»өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 күрэх «Алаас»,»Өбүгэ өтөҕө» айымньыларынан
Диплом 3 үрдэл.
А.С.Данилов аатынан»Барҕарыы «КК Өктөмнөөҕү норуот тыйаатыра
Өрөспүүбүлүкэтээҕи»Дьолунан туолуохтун. …саҥа дьыл.»хоһоон айыытын күрэһэ.
Дипломант 1 ст.
16.12.2021 с.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Туман тумарык быыһынан»хоһоон айыытын күрэҕэр.
*Кэрэхсэбиллээх ааптар*.
2021 с.
«Көҥүл көтөр санааларым» Дьокуускай Дани-Алмаас.54 с.2021с.2 кинигэм.
*2022с*. кыттыым,ситиһиим.
Өктөм.Өрөспүүбүлүкэтээҕи хоһоон айыытын күрэҕэ»Махтал эйиэхэ-Бэтэрээн» 09,05.2022с.
Туоһу сурук.
Тапталлаахтар күннэригэр анаан «Таптал нарын иэйиитэ»Куйаар нөҥүө ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи хоһоон айыытын күрэҕэ.Өктөм Хаҥалас улууһа.14.02.2022с.
Дипломант.14.02.2022с.
Өктөм. Ийэ туһунан хоһоон айыыга республиканскай күрэх.05.03.2022 с.
*Хоһуун айааччы*.
Таатта улууһун киин библиотеката,»Таатта хаһыат»редакцията.
Диплом.» Сыл бастыҥ кинигэтэ-2021с.»
«Көҥүл көтөр санааларым»Дьокуускай: -Дани Алмаас.2021- 56 с.
20 сыл эһигинниин бииргэ.Арчы дьиэтэ.Дьокуускай.2022
Көлүөнэ Ситимэ куйаар ситиминэн ыытыллыбыт күрэс кыттыылааҕар
1 Үрдэл.
Саха өрөспүүбүлүкэтигэр биллэриллибит Ийэ сылыгар анаан»Кинигэ ааҕааччыта-күндү Ийэм барахсан»диэн кинигэни таптаан ааҕааччылар ортолоругар ыытыллыбыт Аһаҕас Күрэскэ
30 микроминиатюрнай кинигэлэрин коллекциятынан, автордарыттан анал суруктарынан умнуллубат бэлэх буоларын итэҕэтэн
*Күндүттэн* *күндү* *бэлэх*- *кинигэ* аат хаһаайката.
Таатта. Дьохсоҕон. 04.011.2022 с.
Оҕоҕо аналлаах үс кинигэм бэчээттэннэ. «Көтөрдөр»,Кыыллар уонна үөннэр көйүүрдэр»,»Таабырыннар» Дьокуускай:-Дани Алмаас. «Офсет» изд.
Баҕа санаам кыырайа көтүө.
Тыл сүүрүгүн
Умсугутар уйгута
Ыраатта бадаҕа,
Уйгуурда ыксаласпыта.
Тиһиллэр ыллыгар
Күн иэйиим
Күннэтэ күүлэйдиир,
Тугу эрэ тутаары
Ыксыыр да ыксыыр.
Ол эрэн,
Ир суолун ирдэһэр
Иитийэх санаам
Тоҕо эрэ
таба туттарбат,
Төрдүн-төбөтүн
Булларбат.
Ымыылаах кэм,
Сүрэҕи сымнатар
Сүдү түгэнэ
Сүрэхпэр
Өссө да сөҥөн
сыттаҕа.
Көрдүгэнниир уота
Субу күөдьүйүөхтүү
Сырдьыгыныы,
Сыыгыныы тыыннаҕа.
Ол кыым кутаа
буолан
Күлүбүрүү умайыа,
Оччоҕо, оччоҕо
Мин баҕа санаам
Кыырайа көтүө,
Көҥүл дуолга
Уһууруо…
….. Арылы
Мин баарбын
Мин билбэппин,билэ да сатаабаппын…
Тахсар күн билгэлээх бу сарсыардатын,
Күлэр кэм күлүмүрдүүр күн мөссүөнүн
Күлүгүрдэр өҥнөөх көлдьүн өрүтүн.
Өрөйөбүн,чөл өй үөтэр толкуйун
Суккуйар түгэн көстө түһэригэр,
Түбэһэ түһэн ырытыһа хаамсар
Абыраллаах ыллыгын арыйсартан.
Күн дьөһөгөй өрө сапсынан тахсан
Куйаар уорҕатын тыырарын батыһан,
Тыл сүөгэйин сомсор кыах баарыттан,
Төрүт өбүгэм ситимин салҕыыртан.
Ийэ тылбар сөтүөлүүрүм тухары
Мин баарбын бу сир, куйаар уорҕатыгар,
Миэхэ анаммыт кыл санаабын сыыйар
Бөрүөм төбөтүгэр түһэр иэйиибэр.
Арылы.олунньу ый 2024с.