Сааскы сандаархай күн уотунуу
Сылаанньыта манньытар,
Сайаҕас санаалаах
Сахам Далбар Хотуна!
Көстө түстүн бу күҥҥэ
Дьолу түстүү,соргуну оҥорсо!
Дьохсоҕон Кыыһа 08.03.2024.
Ытыктабыллаах Таатта улууһун кэрэ аҥардара!
🌈🌸Таатта улууһун дьаһалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини сандал саас бастакы бырааһынньыгынан, Аан дойду дьахталларын күнүнэн итиитик-истиҥник долгуйан туран эҕэрдэлиибин!
Улуус сайдыытын туһугар өйдөрүн-санааларын, сыраларын ууран үлэ бары эйгэтигэр үлэлээбит, үлэлии да сылдьар үтүө-мааны үлэһит дьахталларбытынан, дьахтар хамсааһынын активистарынан киэн туттабыт. Эһиги үлэҕитинэн,ийэлии кыһамньыгытынан, истиҥ сыһыаҥҥытынан улууспут тупсар уонна сайдар.
Сааскы халлаан аламай күнэ сэниэҕитигэр сэниэ эптин, үөрүү-көтүү, олоххо таптал эһигини өрүүтүн арыаллаатын! Сааскы бастакы бырааһынньык үтүө санааҕытын, инникигэ эрэлгитин туругуртун,дьоллоох эйэлээх олоҕу түстээтин! Кытаанах доруобуйаны, дьиэ-кэргэҥҥитигэр или-эйэни!
Таатта улууһа муниципальнай оройуон баһылыга А.С.Бурцев.
@taattagazeta @ulusmedia
ААН ДОЙДУ ДЬАХТАЛЛАРЫН КҮНҮНЭН.
Сарсыардаттан күммүт чаҕылыччы
тыган,
Тахсан кэллэ сандааран,
Саҥа күнү туоһулуу.
Күлүм- мичээр суоһунунан,
Ийэ -сири угуттуу,
Күнү кытта сиэттиһэн,
туран кэллэ Ийэбит.
Бүгүн Ийэ күнэ,
Аан- дойду Дьахталларын
бырааһынньыга,
Кэрэ бэлиэ күн Ийэҕэ.
Дьахтара суох олох
суох,
Күн илгийбэт сылааһынан,
Оҕо чаҕаарбат тулаҕар.
Олох кэрэтэ барыта ,
тутулуктаах дьахтартан,
Кини ис туругуттан,
Сырдык ыраас санаатыттан.
Дьахтар ийэ,- дьахтар ойох
далбар хотун.
,Дьиэ кэргэн,- Күнэ ыйа
үҥэр таҥарата.
Сиэннэр- кыргыттар
бу олох салҕыта,
Сүрэххэ тыыллыбыт
сибэккилэр,
Кийииттэр күн тэҥэ
сыдьаайар,
Удьуору салҕыыр
Кэрэ куоларга.
Эҕэрдэ эһиэхэ
бастыҥа,
Күн сирин күндүтэ
барыта.
Ананнын эһиэхэ
бүтүннүү,
Күндүттэн- күндү
Далбардарбытыгар.
Дьөгүөр,ТААТТА.