1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (4 оценок, среднее: 5,00 out of 5)
Загрузка...
132 просмотров

Эбээ-Эһээ үөрэҕинэн Алгыс күнэ.

Кулун тутар 21 күнүгэр — Күн түүн тэҥнэһэр бэлиэ күнүгэр күммүт уһуна 12 чаас 20 мүнүүтэ буолбут. Бу бэлиэ күҥҥэ түһэриллибит Алгыс ураты күүстээх буоларынан билиниллэр. Ол иһин «үтүө Алгыс иҥнин диэн, кытаанах доруобуйалаах, инники олохторо баай-тот буоллун, быр-бааччы дьоллооохтук олордуннар»- диэн санаанан салайтаран, күнүс 12 чааска, биһиэхэ Дьохсоҕоҥҥо «Сырал тулааҺына» балаҕаммытыгар 8-с кылаас үөрэнээччилэригэр (сал.Сивцева М.В.) «ЭҺээ, Эбээ үөрэҕэ» диэн үһүс сылын улэлиир бырайыак ааптара Власова Л.К. айылҕалыын алтыһар эбээ, оҕолорго анаан Алгыс күнүн тэрийдэ. Нэһилиэкпит алгысчыта Попов А.Н. кэлэн алгыс сиэрин-туомун билиһиннэрдэ, алгыһын оҥордо.
Бу күнү «Саха төрөөбүт күнэ» дииллэр эбит. «Сырдыкка тахсар туом» диэни толороллор. Иһиккэ уот иитэн баран, уоту аһатан, алгыс анаан туран күнү батыһа эргийэн кэлэллэр. Уокка, дьиэ оһоҕор үс үрүҥ кылы алҕаан баран биэрэллэр.
Оҕолор бары уолаттар, айылҕалыын алтыһар буоланнар сүрдээх боччумнаахтык Алгыһы ылыннылар. Ол кэннэ сахалыы күөрчэхтээх алаадьы, сыалаах убаһа этин амсайдылар. Уолаттар улаатан эрэр эр дьон буоланнар эр дьон курдук аһыылларын көрөн Афанасий Николаевич, Любовь Константиновна көрөн астыннылар. «Уол оҕо- булчут киһи маннык аһыахтаах»- диэн кэпсээнтэн кэпсээн салҕанна.
Бу күн алгыс түҺэрин Аҕа БаҺылыкпыт Валентин Андреевич билэр буолан киирэн күндү ыалдьыт буолла. Тохтоло суох ыытыллар оҕолорго аналлаах бырайыагы сэҥээрдэ, уолаттарга бэйэтин үтүө санааларын эттэ,бырайыак ааптарыгар  махталын тиэртэ,салгыы ситиһиилээх үлэни баҕарда. Алгыһы ылбыт, аһаан топпут уолаттар махтанан тарҕастылар. Түгэнинэн туһанан бу үтүө күнү тэрийбит эбээҕэ Любовь Константиновнаҕа, эһээҕэ Владимир Петровичка уонна Алгысчыкка Афанасий Николаевичка махтанабыт. Бу курдук аҕа саастаахтар эдэр көлүөнэҕэ холобур буола туруҥ диэн алгыспытын аныыбыт. Бырайыак бу кылаас оҕолоругар ананан үлэлиир анал былааннаах. Оҕолор ону толорон, үөрэнэн иһэллэр, кинилэргэ сахалыы өй-санаа, билии-көрүү хас биирдии тэрээһинтэн эбиллэн иһэр. Бүгүн билбит, истибит Алгыс сиэрин-туомун  өссө кинигэттэн ааҕан чиҥэтэллэригэр анаан «Айыы суолун тутуһан» диэн ис хоһоонноох кинигэлэртэн быыстапканы библиотекаҕа көрөн,уларсан ааҕыахтара, күннээҕи олоххо өбүгэ үтүө үгэстэрин тутуһар буоланнар өссө доҕотторун-атастарын үөрэтиэхтэрэ. Инники олоххо бигэтик хардыылыырга анаан, уйгу-быйаҥ алгыһын ылан куту-сүрү бөҕөргөтүнэн, чиҥ санааланан, Үрдүк күүстэртэн уолаттар өйөбүл ыллылар.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *