1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (2 оценок, среднее: 5,00 out of 5)
Загрузка...
180 просмотров

Арылыга эҕэрдэ дьоро күнэ.

Дьохсоҕон нэһилиэгэр 30.03.24. дьоро күн үүннэ.Биир дойдулаахпыт Валентина Владимировна Пинигина-Арылы СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ буолбутун бэлиэтээһин буолан ааста.Төрөөбүт нэһилиэгин олохтоохторугар, поэзияны сэргээччилэригэр, кинигэни таптаан ааҕааччыларыгар, ыраахтан анаан айаннаан кэлбит күндү доҕотторугар үһүс улахан бырааһынньыгын Арылы бэлэх уунна. Бастакы кинигэтэ бэчээттэнэн тахсыбытыгар 2017с. Алампа аатынан норуот айымньытын дьиэтэ аһыллыбытыгар «Хоһоон ардаҕын арылы кустуга» бастакы үөрүүлээх күн буолан ааспыта.Иккис кинигэ бырааһынньыга 2023с. М.Н.Тихонов аатынан сынньалаҥ пааркатыгар «Куорсун» айар түмсүү түһүлгэтигэр самаан сайын кэлиитин көрсө «Библионочь» тэрээһиҥҥэ үс оҕо кинигэтин биһирэмэ ыытыллыбыта. Арылыбыт айар талааннаах буолан, сыралаах үлэтинэн 6 кинигэни ааҕааччыларыгар бэлэх уунан, хоһоонноро ырыа буолан көтөннөр ааҕааччы тапталын, махталын ыллылар. Кырачааннарга айбыт хоһоонноро оҕо аймахха төрөөбүт тылларын билэргэ, дьоҕус тиэкиһи нойосуус үөрэтэр, таабырыннаһар туһалаах, күндү кинигэлэрэ буоллулар. Арылыбыт айар үлэтэ сыаналанан СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ буолан бигэргэммит үөрүүлээх кэминэн эҕэрдэ этээри, үөрүүтүн үллэстээри ыраахтан-чугастан бүгүн ыалдьыттар муһуннулар.
Кэрэ бэлиэ күнүгэр өбүгэбит сиэрин-туомун тутуһан Арылы дьүөгэтинээн Сандааралыын алгыс,махтал тылларынан эһэкээнин сылаас алаадьынан, арыылаах салаамаатынан, кыынньыбыт кымыһынан айах туттулар, күндүлээтилэр — маанылаатылар. Бырааһынньык саҕаланыытыгар мустубут ыалдьыттары эҕэрдэлээтилэр Арылы тылларыгар А.Таммах мелодиятыгар «Сэбирдэх ардаҕа» диэн иэйиилээх ырыанан балта Л.В.Андросова, Алампа НАДьиэтин директора И.С.Жараева. Бастакынан истиҥ эҕэрдэтин, үтүө баҕа санаатын тиэрдэн, сибэкки дьөрбөтүн уунан улуус баһылыгыттан А.С.Бурцевтан уонна нэһилиэк дьаһалтатыттан «Бочуотунай грамоталары» туттарда «Дьохсоҕон нэһилиэгэ» ТСТ баһылыга В.А.Охотин. Баһылык эҕэрдэтин кэнниттэн Арылы алыптаах айымньыларын элбэх сүгүрүйээччилэриттэн биирдэстэрэ, нэһилиэкпит салалтатын сүрүннүүр специалиһа В.П.Власова сөбүлүүр хоһоонун ааҕан үөрүүнү үксэттэ. Айар талааннаахтар истиҥ таптал, ахтылҕан-махтал тылларын төрөппүттэригэр аныыр строкалардаах буолаллар. Оннук хоһоонноруттан биир хоһоону иэйиилээхтик аахта Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан орто оскуола саха тылын, литературатын үөрэтэр учуутала, «Куорсун» айар түмсүү кыттыылааҕа М.В.Сивцева.Валентина Владимировна күнү көрдөрбүт, олох киэҥ аартыгар эрэллээхтик үктэннэрбит 4 көмүс чыычаахтарын ааттарыттан ис сүрэхтэн тахсар эҕэрдэ тылларын анаатылар уолаттара Спартак, Алексей Пинигиннар.Бииргэ төрөөбүт балта Людмила уонна Арылы аҕатын быраатын дьиэ кэргэнэ Владимир, Евдокия Большаковтар истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Бүгүҥҥү үөрүүлээх күҥҥэ кэлбэтэх «Куорсун» айар түмсүү ытыктыыр тумус киһилэрэ Валентина Петровна Харайданова-Эбээ Валя, куоракка «Уруйдан улуу Олоҥхо» 1Х күрэхтэһиитигэр кытта айаннаабыт кэмэ буолан, эҕэрдэ хоһоонун телефонунан ыыппытын истии буолла.Эмиэ ол курдук куораттан эҕэрдэтин телефонунан тиэртэ А.М.Егасова-Дьохсоҕон Кыыһа. Бу дьоһун эҕэрдэлэри бэйэтин хоһоонунан киэргэттэ «Мичил» детсад иитиллээччитэ Камилла Матвеева, кини «Туллук» хоһоону чаҕылхайдык аахта, истээччилэргэ үөрүүнү бэлэхтээтэ. Пинигиннар дьиэ-кэргэн доҕордоро, аҕаларын Алексей Павлович чугас табаарыһа Афанасий Петрович Лопатин олус истиҥ тылларынан ааспыт кэмнэри аҕынна, эҕэрдэтин анаата, үөрүүтүн биллэрдэ.Кини эйэҕэс эҕэрдэтин Арылы хоһооннорун доргуччу ааҕаннар ситэрдилэр оскуолабыт үөрэнээччилэрэ Арсен Матвеев уонна Дарияна Захарова. Биир идэлээх дьүөгэлэрин Арылыны эҕэрдэлээтэ «Куорсун» айар түмсүү. Бу түмсүү тэриллибитэ 7сылын сэтинньигэ туолуоҕа. Ааспыт сылларга түмсүү иэйэр куттаахтарын ситиһиилэрэ элбэх уонна үрдүк. Ааҕааччыларга анаабыт саҥа кинигэлэрэ, араас таһымнаах күрэстэргэ, ааҕыыларга ситиһиилээхтик кыттаннар бириистээх миэстэлэргэ тиксиилэрин, хоһоонноро кэрэ мелодиялардаах ырыа буолбуттарын, хаһыаттарга, сурунаалларга айымньылара тохтоло суох бэчээттэнэллэрин бары ааҕа-билэ сылдьаҕыт. Ону таһынан Куорсуннар бэйэлэрин баҕа санааларын толороннор сынньалаҥ пааркатыгар балаҕаннаах түһүлгэлээхтэр. Нэһилиэкпит баһылыгынан үлэлээбит айар тыл күүһүн дууһатынан ылынар, саха тылынан уус-уран айымньыта ураты суолталааҕын билэр — өйдүүр буолан нэһилиэгин айар дьоҕурдаахтарын, тыл сүмэтин холбуйан, ырыа ылламын айан, оҕо дьоҥҥо олоҥхону тиэрдээччилээх «Куорсун» түмсүүгэ анаан сынньалаҥ пааркатыгар түһүлгэ оҥосторго көҥүл биэрэн көмөлөспүт, өйөөбүт ытыктыыр салайааччыбытыгар П.Е.Захаровка түгэнинэн туһанан улахан махталбытын биллэрэбит.
Таатта улууһун айар талааннаахтарын «Уран тыл» түмсүүтүттэн кэлбит күндү ыалдьыттар Арылыны сүргэлэрэ көтөҕүллэн, сүрэҕи үөрдэр истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Киин библиотека иһинэн үлэлиир «Уран тыл» айар түмсүү эһиил тэриллибитэ 15сыла туоларын туһунан, ааспыты ахтан, билиҥҥи үлэлэрин сиһилии билиһиннэрдэ библиотекарь Светлана Семеновна Игнатьева. Улууспут биллэр бастакы краеведа П.Х.Андросов-Дьөҥкү Сээн кыргыттара эдьиийдии-балыс Дьөҥкүчээнэ,Сандаара Андросовалар ис сүрэхтэн тахсар истиҥ тыллардаах эҕэрдэлэрин тиэртилэр биир идэлээхтэригэр Арылыга. Игидэй нэһилиэгиттэн «Иэйии» айар түмсүү салайааччыта, солун, сэргэх айымньыларынан ааҕааччылар интэриэстэрин тардыбыт суруйааччы А.С.Жулева-Суһума Арылы айымньыларын астына ааҕарын, бэйэтин дьэ чугастык билбитин иһирэхтик кэпсээтэ, айар үлэтигэр ситиһиилэри баҕарда. Арылы суруйар идэтинэн доҕотторо-атастара Бүлүүттэн,Уус Алдантан, Дьокуускайтан Валентина төрөөбүт дойдутугар кэлэн, дьонун-сэргэтин көрөн үөрбүттэрин биллэрдилэр, айар үлэтигэр үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри баҕардылар, суруйар идэтигэр туһалаах буоллун диэн Арылыга «Саха тылын быһаарыылаах тылдьытын» толору хомуурунньугун бэлэх ууннулар.
Биһиги нэһилиэкпит бастакы баһылыга уонна оскуолабытыгар төрөөбүт тыл, литература учууталынан уһун кэмнэргэ олус таһаарыылаахтык үлэлээбит Учууталлар учууталлара, Таатта улууһун, Дьохсоҕон,Уолба нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтоохторо, ытыктабыллаах ыаллар Михаил Лукич, Светлана Климентьевна Архиповтар дьиэ кэргэн аатыттан истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр.Светлана Климентьевна оскуолаҕа бииргэ үлэлээбит үтүө кэмнэрин ахтан-санаан, фронтовик-поэт М.Хара биллэр хоһоонун доргуччу аахта уонна түмүккэ кинилэр Арылы айар үлэтин үрдүктүк сыаналыылларын биллэрдилэр, өссө үрдүк ситиһиилэри баҕардылар.
Ити курдук эҕэрдэлэрин тиэртилэр, барҕа баҕа санааларын анаатылар, бэйэлэрин тус санааларын үллэһиннилэр Тааттатааҕы хартыына галереятын сэбиэдиссэйэ В.А.Канаева, Валентина оҕо сааһын доҕотторо, оскуолаҕа бииргэ үлэлээбит коллегалара. Валя төрөөбүт, улааппыт «Саар Ыаҕас» түөлбэтин олохтоохторо эйэҕэс эҕэрдэ, баҕа санаа бастыҥын анаатылар, бэлэхтэрин туттардылар. Эҕэрдэлэрин тиэртилэр Ытык Күөлтэн, Дьохсоҕонтон чугас дьүөгэлэрэ. Биир солун түгэнинэн буолла Арылы улахан уола Спартак суруйбут хоһоонугар биир дойдулаахпыт, бииргэ улааппыт атаһа В.Иванов-Дархан уус мелодиятыгар саҥа тарҕанан эрэр патриотическай ырыаны иһиттибит. Эрэннибит утум салҕанан Арылыбыт оҕото айар тутар талаана тахсыаҕар. Түмүккэ Валентина ураты, хатыламмат кэрэ куолаһынан бэйэтин биир ырыатын ыллаан ыалдьыттарыгар махталын тиэртэ.
Бу курдук Арылы үөрүүтүн үллэстэн, кини санаатын истэн ыраахтан-чугастан доҕотторо, аймахтара, чугас дьонноро сэттис кинигэ тахсарыгар баҕа санааларын этэн,тэрээһинтэн дуоһуйан тарҕастылар.

Хаартыскалары, видеолары сэҥээрэн көрүҥ

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *