«Эн кэрэҕин, поэзия!» диэн ССРС, СӨ суруйааччыларын Сойуустарын чилиэнэ, СӨ тыа хаһаайыстыбатын Үтүөлээх үлэһитэ поэт В.А.Алексеев төрөөбүтэ 75с.ананан Куйаар ситиминэн ыытыллыбыт хоһоон ааҕыытын күрэһигэр бэйэ айбыт анабыл хоһоонун ааҕыыга 2 миэстэни ылбыт ааҕааччы В.В.Пинигина-Арылы — («Куорсун» айар түмсүү,Дьохсоҕон нэһилиэгэ, Таатта улууһа) видеоааҕыытын сэҥээрэн истиҥ, хоһоонун ааҕыҥ.
Хоһооммун доргуччу дуората
Баһылай, эн,иэйииҥ хонуутун
Сэгэтэ арыйан көрөбүн,
Ис кутуҥ, бу,уйан тойугун
Олуһун долгуйа ааҕабын.
Сибэккиҥ дыргыйар мүөт сытын
Санаабар ыймахтыы тыынабын,
Сарсыардаҥ сандаарар сарыалын
Сыламныыр утаҕар умсабын.
Минньигэс тылларга сөтүөлээн
Манньыйа талбааран ылабын,
Мутукчаҥ маанылаах лабаатын
Мөһүүрэ таммаҕар суунабын.
Төрөөбүт Тааттабыт кытылын
Тэҥнэммэт кэрэтин булабын,
Тапталлаах кэргэҥҥэр анаабыт
Талыыкан тылларгын сөҕөбүн.
Көрөбүн,бу, манна уостубат
Иэйиикэн күн сырдык ситимин,
Кэнэҕэс ычаккар эрэлгин
Иитиэхтиир кэрискэ тылларгын.
Эн ыраҥ,эн баҕаҥ кынатын
Күөнүгэр холоно бу бүгүн ,
Турабын төбөбүн хоҥкута,
Хоһооммун доргуччу дуората.
….. Арылы