Россияҕа Дьиэ кэргэн сылынан, Сахабыт сиригэр Оҕо саас сылынан ыам ыйын 15 күнүгэр Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнүгэр «Дьиэ кэргэн — биир сомоҕо» А.Е.Кулаковскай- Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Дьохсоҕон орто оскуолатын дьиэ кэргэн оҕону иитиигэ бырайыактарын көрүү-күрэһэ бастакытын ыытылынна.
📌 Күрэс сыала:
дьиэ кэргэҥҥэ оҕо иитиитин бастыҥ холобурун тарҕатыы, олоххо киллэрии, туһаныы.
📌 Көрүү биэс хайысханан ыытылынна:
— Үтүө сиэргэ- майгыга иитии
— Норуот култууратын, искусствотын, үгэстэрин суолталааһын, өрө тутуу.
— Патриотическай тыыҥҥа иитии.
— Эти-хааны эрчийии, чэгиэн буолуу сиэрэ, чөл олохтоох дьиэ кэргэн.
— Сүрэхтээх, бүгүрү буоларга үлэнэн иитии, идэни таба талыыга туһаайыы.
Ону таһынан дьиэ кэргэн быыстапкалара турда.
Бырайыактарынан үлэлэрэ:
1. Ази Серафимовна, Алексей Алексеевич, уоллара Кирилл Татариновтар дьиэ кэргэн «Мин дьиэ кэргэним — мин баайым»;
2.Мария Ивановна, сиэннэрэ Вика, Саша Поповтар дьиэ кэргэн «Биһиги аймах киэн туттар киһитэ».
3.Татьяна Львовна , сиэнэ Амелия Поповтар дьиэ кэргэн «Иэптэр аймах үйэтитиигэ үлэлэрэ уонна биир ыал дьарыга».
4.Анджела Федоровна, Егор Дмитриевич, уоллара Дьулустаан, сиэннэрэ Алгыстаан Малышевтар дьиэ кэргэн «Спорт — олохпут аргыһа»;
5.Анна Ивановна, Иван Иванович, уоллара Айтал Бабановтар дьиэ кэргэн «Мин спортивнай дьиэ кэргэним»;
6.Виктория Прокопьевна, Николай Николаевич, уоллара Аман Бысыиннар дьиэ кэргэн «Чөл олох — дьоллоох дьиэ кэргэн».
7.Нарыйа Дмитриевна, Леонид Львович оҕолоро Мичийээнэ, Кэрэли Поповтар дьиэ кэргэн «Наши первые шаги к финансовой грамотности».
8.Алена Ивановна, Петр Петрович, уолаттара Коля, Андрей Харайдановтар дьиэ кэргэн «Дьиэ кэргэнинэн кэрэни айабыт»
9.Нина Петровна, уола Юра Неустроевтар дьиэ кэргэн «Сүрэхтээх, бүгүрү буоларга үлэнэн иитии».
Күрэс түмүгэ:
1. «Ураты дьарыктаах дьиэ кэргэн» анал аат Алена Ивановна, Петр Петрович, уолаттара Коля, Андрей Харайдановтар;
2. «Чөл туруктаах дьиэ кэргэн» анал аат Виктория Прокопьевна, Николай Николаевич, уоллара Аман Бысыиннар;
4. «Үтүөнү үйэтитээччи дьиэ кэргэн» анал аат Мария Ивановна, сиэннэрэ Вика, Саша Поповтар;
5. «Удьуору утумнааччы дьиэ кэргэн» анал аат Анджела Федоровна, Егор Дмитриевич уоллара Дьулустаан, сиэннэрэ Алгыстаан Малышевтар;
6. «Иллээх дьиэ кэргэн» анал аат Ази Серафимовна, Алексей Алексеевич, уоллара Кирилл Татариновтар;
7. «Үлэһит дьиэ кэргэн» анал аат Нина Петровна, уола Юра Неустроевтар;
3 ҮРДЭЛ Анна Ивановна, Иван Иванович, уоллара Айтал Бабановтар;
2 ҮРДЭЛ Нарыйа Дмитриевна, Леонид Львович, оҕолоро Мичийээнэ, Кэрэли Поповтар.
1 ҮРДЭЛ Татьяна Львовна, сиэнэ Амелия Поповтар.
📌Кыттааччылар бары хайҕал суруктарынан наҕараадаланнылар. Үрдэллэр өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттулар.
📌 Бары кыттыбыт дьиэ кэргэттэр кыһаллан туран бэлэмнэммиттэрэ үөрдэр, оҕолорун кытта биир сүбэнэн үлэлээбиттэрэ хайҕаллаах. Дьиэ кэргэни бииргэ түмэр, төрөппүттэр оскуоланы кытта биир санаанан үлэлииллэригэр дьоһун тэрээһин ыытылынна.