1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (2 оценок, среднее: 5,00 out of 5)
Загрузка...
54 просмотров

Наступление лета…

  1. С 22 мая 2019 года Якутия будет отмечать ежегодно День сайылыка – летнего жилища якутов. Дату учредил сегодня, 6 ноября, глава Якутии Айсен Николаев. Праздник нацелен на сохранение национальных традиций и повышение престижа работников сферы сельского хозяйства.

Сайылык — летний тип жилья у якутов, в отличие от ураса и юрты — сайылык представлен как отдельный тип сельского поселения. Сайылыки в основном расположены в центральных улусах Якутии.

В сайылыках выращивают картофель, разводят крупный рогатый скот, то есть занимаются сельским хозяйством.
ЯСИА.

 

 

САЙЫЛЫК КҮНҮНЭН!

Сайылыкка түптэ сыта
Сайын кэлбитин кэрэһэлиир,
Атыыр оҕус айаатыыр
Буору хаһан бурҕатар.

Алаас иһэ уһугунна
Оҕо саҥатынан чугдаарда,
Иһийэн турбут сайылыгым
Имэ кэйэн мичээрдиир .

Ньиирэй мэҥириир,
Бөтүүк хаһытыыр,
Кэҕэ этэн чоргуйда
Күөрэгэйбит ыллаата.

Сайылыкпыт уһуктан
Олох күөстүү оргуйда,
Сылабаарбыт сырылаан
Чэйдиир кэми биллэрдэ.

Самаан сайын кэлбитинэн,
Сайылыкка тахсыынан,
Эҕэрдэ тыа ыалыгар
Үрүҥ илгэни үрүлүтээччилэргэ.

ДЬӨГҮӨР. ТААТТА.

Эр киһи үөрүүтэ

Ыам ыйа ылаарар
Сааскы күн саймаарар,
Салгыммыт сылыйар
Таһырдьа угуйар.

Харалдьык хараарар
Хараҕы сымнатар,
Үрүччэ кылыгыр
Ырыата кутуллар.

Сүрэҕэ битийээт
Ол кэмҥэ оо,кусчут
Олустук дьэ үөрэр
Саа сэбин бэрийэр.

Ботуоҥка арыллар
Ботуруон ааҕыллар,
Хас блок ылыллар
Барыла холонор.

Ыһыкпыт биир оннук
Бэриллэр,көрүллэр,
Бии хаһаас аһылык
Кыттыһа дьалкыйар.

Күүтүүлээх күн үүнэр
Кус кэмэ аһыллар,
Эр бэрдэ аттанар
Айылҕа күөнүгэр.

Халлаантан бу түһэр
Кырбас эт көҕүтэр,
Көҥүлгэ тардыһар
Санаата көтүһэр.

Саа тыаһа сатарыыр
Кулгааҕын сымнатар,
Көһүппүт бу түгэн
Манньытар сүрэҕин.

Хайҕаллаах хара хаан
Харылыы көй устан,
Кэтит түөс көппөҥнүүр
Көҥүл тыал күүлэйдиир.

Бастакы көҕүллээх
Ытыска ылыллар,
Ытыллар үөрүүттэн
Бэлэһэ бэл хатар.

Тахсар күн сарыала
Күнтэн-күн дьэ ааһар,
Саа ыллыыр,дуорайар
Сааһыппыт дуоһуйар.

Кус кэмэ сабыллар
Биэтэгэ чугаһыыр,
Кынаттаах куһуурар
Угуйа бу көтөр.

Хорҕуннаах миин ойор
Оргуйар бидилин,
Дьиэ кэргэн үөрүүтүн
Оҥорон бэл көрөр.

Өбүгэ саҕаттан
Бу кэлбит үгэспит,
Бастакы кус өлүн
Амсайар үөрүүбүт.

Сайыҥҥа үктэнэр
Быыһык кэм атыла,
Ньукуола таҥара
Налыйан бу кэлэр.
Арылы

Л.И.Хабытина бэлэмнээбит сайын кэлиитигэр аналлаах слайд.презентацияларын болҕойон көрүҥ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *