Бүгүн Дьохсоҕон нэһилиэгин ийэлэригэр, эбэлэригэр олус туһалаах киэһэ буолла. Олохтоох дьахтар сэбиэтэ (сал. В.И.Петрова) көрдөҺүүтүнэн Ытык Күөлтэн Таатта улууһун дьахталларын сэбиэтин салайааччыта Варвара Ильинична Будикина икки идэтийбит закройщиктары, бэйэбит нэһилиэкпититтэн төрүттээх Слепцова (Саввина) Саргылана Николаевнаны уонна Новгородова Мария Афанасьевнаны илдьэ кэллэ. «Сырал тулааһына» балаҕаҥҥа кэтэһиилээх ыһыахха саҥа халадаай, хаһыаччык тиктэргэ анаан буойуттар ийэлэригэр уонна буойун кэргэнигэр, кыргыттарыгар аҕалбыт таҥастарын быһан бэйэлэрэ тиктэллэригэр сүбэлэрин биэрдилэр.
1 саастаах кырачаан Сайыынаттан саҕалаан ыал ийэлэрэ,эбээлэрэ дьэрэкээн таҥастартан бэйэлэрин баҕаларын этэннэр быстардылар. Сахалыы мааны таҥастары тигэргэ аналлаах кинигэлэрдээх «Кыыс кэтэһэр ыһыаҕы…» быыстапкаттан көрөннөр, быстараннар сахалыы быһыылаах — таһаалаах, тупсаҕай халадаайдары сиэдэрэйдик тиктэннэр, киэргэллээх — симэхтээх ыһыах түһүлгэтигэр дьону үөрдэ, самаан сайын үрүҥ тунах ыһыаҕын көрсүөхтэрэ. Маннык тус үлэлэрин быыһыгар туһалаах көмөлөөх кэлбит ыалдьыттарбытыгар ийэлэр махтаннылар. СакааҺынан өссө биир киэһэ кэлэллэригэр көрдөстүлэр. Дьоҥҥо үтүөнү баҕаран «Закройщик булан, кэпсэтэн кэлиэхпитин сөп»- диэн Варвара Ильинична олохтоох дьахтар сэбиэтин кытта сүбэлэстилэр.