Архив за месяц: Сентябрь 2024

Көмүс күһүн — мин дойдубар

Балаҕан ыйын 27 — 30күннэригэр биллэриллибит 🔹Фотоконкурс «Көмүс күһүн — мин дойдубар» түмүгэ: Күрэхтэһиигэ киирбит хаартыскалары көрөн баран дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан: 1миэстэ- Матвеева М.И 2миэстэ — Васильева С.И.-Сатаайа. 3миэстэ — Татаринова Е.И. 📝 Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: Давыдова Г.К.,Васильева М.П., Пономарева Алена. 🏆Кыайыылаахтарга эҕэрдэ! Дойдубут күһүнэ көмүстүү күлүмнүүрүн, уйгу-быйаҥ кэһиилээх кистэлэҥ кэрэлээх күһүммүт хатыламмат көстүүлэрин хаартысканан… Читать далее »

История родного края.

Балаҕан ыйын 26 күнүгэр «История родного края» уруокка 2 кылаас үөрэнээччилэрэ М.А.Петров аатынан библиотекаҕа учууталларын Е.Н.Акимованы кытта кэллилэр. Оҕолор биир дойдулаахтарын Саха литературатын төрүттээбит суруйааччылар А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, А.И.Софронов-Алампа оҕо саастарын уонна оҕолорго аналлаах иккилии айымньыларын билсистилэр. Остуол оонньууларыгар оонньоон күрэхтэстилэр. Хабылыкка, хары баттаһыыга Дуолан кыайыылаах буолла. Оҕолор остуол оонньууларыттан хаамысканы билбэттэр эбит.Төрөппүттэр «Өбүгэлэрбит оонньууларын» оҕолорун… Читать далее »

Дьохсоҕоҥҥо А.К.Андреевка сүгүрүйүү күнэ.

Тааттаҕа Ананий Кононович Андреев төрөөбүт Дьохсоҕонугар сүгүрүйүү күнэ. Балаҕан ыйын 25 күнүгэр Корякин А.И., СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕын тутууга, олорор дьиэ-уот хаһаайыстыбатын уонна энергетикаҕа бастайааннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, В.С. Чикачев салайааччылаах олорор дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыба салалтата, улуустардааҕы филиаллар дириэктэрдэрэ Саха АССР Ситэриилээх Киин кэмитиэтин уонна Совнарком бэрэссэдээтэлинэн, Дьокуускай куорат исполкомун бэрэссэдээтэлинэн, Дьокуускай куорат Киин электростанциятын дириэктэринэн, сахалартан… Читать далее »

В День государственности РС(Я)-в нашем наслеге…

К Дню государственности Республики Саха (Якутия) для учащихся 8-9 классов был проведен интеллектуальный урок «Познай родную республику». В рамках мероприятия состоялась слайд-презентация «Үүнэ-сайда, чэчирии тур төрөөбүт дойдум!» и игра-викторина между двумя командами «Сулустар» и «Гуррен-Дан», в результате которой победила команда «Сулустар». Также была организована книжная выставка, посвященная первому президенту РС(Я) М.Е. Николаеву под названием «Орто… Читать далее »

Урожай-2024г.

ДЬОХСОҔОҤҤО «Көмүс күһүн бэлэхтэрэ» Күһүҥҥү быыстапка- дьаарбанка 21.09.25 көхтөөхтүк буолан ааста. Кыттааччылар ардахтаах хаартан тохтообокко сайыҥҥы үлэлэрин үтүө түмүгүн мунньан дьоҥҥо-сэргэҕэ анаан таһаардылар. М.Н. Тихонов сынньалаҥ пааркатыгар «күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» диэх курдук кэрэ көстүүлээх, оҕуруот аһынан баай остуолларын тардан кэбистилэр. Араас интэриэһинэй күрэстэр ыытылыннылар. Түөлбэлэр икки ардыларыгар «Быйаҥнаах тэлгэһэ-2024» түөлбэ ыалларын быйылгы оҕуруот үүнүүтүнэн оҥоһуллубут… Читать далее »

Сегодня день рождения А.К.Андреева

Сегодня 22сентября — день рождения Анания Кононовича Андреева — советского государственного политического деятеля. 🔹 Он родился в Таттинском районе Жохсогонском наслеге на местности «Куонаан арыыта». 🔹 Директор Якутской Центральной электрической станции еще до ее постройки. Председатель Якутского окружного исполкома. 🔹 Нарком коммунального хозяйства, ЖКХ ЯАССР, первый из якутов инженер-теплоэнергетик, окончивший Всероссийскую промышленную академию им. Сталина… Читать далее »

Дьохсоҕоҥҥо — саҥа кинигэ…

Дьохсоҕон нэһилиэгэр өссө биир саҥа кинигэ эбилиннэ. «Олоххо тардыһыы». Автор Иван Михайлович Бочонин. 92саастаах ытык кырдьаҕас. Кини СР бочуоттаах бэтэрээнэ,Таатта улууһун уонна Дьохсоҕон нэһилиэктэрин Бочуоттаах гражданина, «За вклад в развитие общественной работы в Таттинском улусе» анал бэлиэлээх, ВДНХ «Мастер золотые руки» бэлиэ хаһаайына, 25 сыл устата нэһилиэк бэтэрээннэрин сэбиэтин салайбыта. 2016с.нэһилиэк «Куорсун» айар түмсүүтүгэр киирэн… Читать далее »