1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (3 оценок, среднее: 5,00 out of 5)
Загрузка...
106 просмотров

Урожай-2024г.

ДЬОХСОҔОҤҤО
«Көмүс күһүн бэлэхтэрэ»
Күһүҥҥү быыстапка- дьаарбанка 21.09.25 көхтөөхтүк буолан ааста.
Кыттааччылар ардахтаах хаартан тохтообокко сайыҥҥы үлэлэрин үтүө түмүгүн мунньан дьоҥҥо-сэргэҕэ анаан таһаардылар.
М.Н. Тихонов сынньалаҥ пааркатыгар «күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» диэх курдук кэрэ көстүүлээх, оҕуруот аһынан баай остуолларын тардан кэбистилэр.
Араас интэриэһинэй күрэстэр ыытылыннылар.
Түөлбэлэр икки ардыларыгар «Быйаҥнаах тэлгэһэ-2024» түөлбэ ыалларын быйылгы оҕуруот үүнүүтүнэн оҥоһуллубут анал муннуктарын (фотозона) сэргэхтик симээннэр, ас арааһын, бэйэлэрэ кыһыҥҥыга анаан хаһааммыт кэнсиэрбэлэрин кэчигирэтэн, бэйэлэрэ бүөбэйдээн үүннэрбит араас астарынан, сибэккилэринэн, үүнээйилэринэн, талбыт размердаах астарын быыстапкаҕа туруорбуттар. Бу күрэскэ оҕуруот аһын арааһа элбэҕинэн, бэйэ кэнсиэрбэтин 61көрүҥүн аҕалбыт, кыттыбыт ыал элбэҕинэн «Боробул» түөлбэ кыайда.
«Авангарднай муода» айылҕа материалыттан бэйэ фантазиятынан кэрэчээн кыргыттарыгар Алгыстаанаҕа, Ньургуйаанаҕа анаан оҥорбут айылҕа бэлэҕэ костюмнарынан кыайыыны ситистэ эдэр ийэ А.Наумова.
«Букет сибэкки» күрэскэ
кэрэ көстүүлээх араас интэриэһинэй букеттардаах, элбэх кыттааччылаах эмиэ «Боробул» түөлбэ ийэлэрэ,эбэлэрэ кыайдылар.
Сатабыллаах хаһаайкалар сайын устата түбүгүрэн үүннэрбит оҕуруот аһыттан, ииппит көтөрдөрүн этиттэн, хомуйбут араас отоннорун барыанньатын, тэллэй хаһаастарыттан,кэнсиэрбэлэриттэн бу күҥҥэ атыыга таһааран көмүс көлөһүннэрин тилиннэрэн, бар дьоннорун үөртүлэр, бэйэлэригэр эбии дохуот киллэриннилэр. Биир дойдулаахпыт,Боробул түөлбэттэн төрүттээх Уус Тааттаттан кэлбит күндү ыалдьыт Винокурова Т.Л
«Саамай элбэх сууммаҕа атыыны тэрийбит кыттааччы» анал бирииһи тутан үөрдэ, атыылаһааччыларыгар махталын биллэрдэ. Киниттэн арыый кыра сууммалаах аһы-үөлү атыылаабыт Т.Л.Попова иккис уонна кини эдьиийэ А.Л.Софронова үһүс бириистэри тутаннар үөрүүлэрэ үрдээтэ.Бу бииргэ төрөөбүт аҕас балыстар бэйэ оҕуруотуттан, айылҕа бэлэхтэриттэн минньигэс астары бэйэлэрин сатабылларынан минньигэстик бэлэмнээннэр, кыһыҥҥыга хаһаанар үтүө холобурдарын көрдөрдүлэр.
Араас күрэхтэһиилэр, көрдөөх оонньуулар, эҕэрдэ нүөмэрдэр кэлбит дьону сэргэхситтилэр.
«Күллэ үөрдэ күндү күһүммүт» викторинаҕа
түөлбэлэртэн иккилии кыттааччы күрэхтэһэннэр кыайыылаахтарынан таҕыстылар «Саар ыаҕас» түөлбэттэн Степанова Т.Д.уонна Макарова М.Р.
«Көмүс күһүн бэлэхтэрэ» бырааһынньыктааҕы үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ сорох түөлбэлэр кыттыыны ылбатылар.
Уопсай түмүккэ;
1м «Боробул» түөлбэ салайааччы Е.И.Татаринова
2м «Саар-ыаҕас» түөлбэ М.Р.Макарова
3м «Киин» түөлбэ сал: Е.С.Павлова.
Көхтөөхттүк кыттыбыт түөлбэ олохтоохторугар махтал. Тэрээһин түгэннэриттэн үйэлээх өйдөбүнньүк хаартыскалары сэҥээриҥ.

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *