1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (3 оценок, среднее: 5,00 out of 5)
Загрузка...
36 просмотров

История родного края.

Балаҕан ыйын 26 күнүгэр
«История родного края» уруокка 2 кылаас үөрэнээччилэрэ М.А.Петров аатынан библиотекаҕа учууталларын Е.Н.Акимованы кытта кэллилэр. Оҕолор биир дойдулаахтарын Саха литературатын төрүттээбит суруйааччылар А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй,
А.И.Софронов-Алампа оҕо саастарын уонна оҕолорго аналлаах иккилии айымньыларын билсистилэр. Остуол оонньууларыгар оонньоон күрэхтэстилэр. Хабылыкка, хары баттаһыыга Дуолан кыайыылаах буолла. Оҕолор остуол оонньууларыттан хаамысканы билбэттэр эбит.Төрөппүттэр «Өбүгэлэрбит оонньууларын» оҕолорун кытта оонньооннор үөрэтэллэрэ буоллар. Дьиэҕэ сорудахтара уолаттарга «Куоска» уруһуй. Кыргыттар «Куоска» хоһоону дорҕоонноохтук ааҕарга дьарык. Оҕолор библиотекаҕа аныгыскы кэлиилэригэр төрөппүттэрин кытта кэлиэхпит диэн, биир дойдулаахтарын туһунан билии-көрүү эбинэн, библиотека кинигэлэрин сэргээн дьиэлэригэр тарҕастылар.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *