Россияҕа биллэриллибит дьиэ кэргэн сылыгар «Ынах иитэр дьоллоох сахалар» улуустааҕы конкурска:
📍Биһиги нэһилиэккэ сүөһү иитэр ыал ахсаана 81 дьиэ кэргэн. Сүөһү ахсаана барыта 1162төбө.
📍Сүөһү иитээччи ыаллар, бааһынай хаһаайыстыбалар үлэлэрин, түбүктэрин билиһиннэрэр, кинилэринэн киэн туттарга иитэр-үөрэтэр
сыаллаах күрэхтэһии.
📍Биһиги нэһилиэктэн
3 дьиэ кэргэн (Павловтар,Бысыиннар,Поповтар) ынахтаах ыал олоҕун, сүөһүнү иитии түбүгүн, оҕолор сүөһү иитиитигэр кыахтарынан көмөлөрүн көрдөрөр слайдпрезентациянан кытыннылар.
📍Кылаас салайааччылара С.П.Охлопкова, Т.И.Татаринова, Л.М.Саввина уонна учуутал ийэ В.П.Бысыина көмөлөрүнэн 7 оҕо уруһуй күрэһигэр кытыннылар.
📍Уруһуй темата: «Саха ыалын баайа-ынах». Саха поэттара ынах сүөһү туһунан хоһоонноруттан таланнар хайдах өйдөөбүттэринэн, араас уруһуйдуур техниканы туһананнар оҥордулар.
📍Бу конкурс Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин күнүгэр түмүгэ биллиэхтээх.
📍Уруһуйдар ТХУ саалатыгар быыстапкаҕа туруоруллаллар.
📍Кыттааччыларбыт үлэлэрин түмүгүн долгуйа кэтэһэбит.
Саха поэттара сүөһүнү — дьиэ кэргэн баайын таптыырга, көрөргө- харайарга, кинилэр майгыларын, дьүһүннэрин ааҕан билэллэригэр оҕолорго анаабыт хоһоонноруттан ааҕыҥ. Кырачааннарга нойосуус ааҕалларыгар үөрэтиҥ. Библиотекаҕа сырытыннаран сөптөөх кинигэлэрдэ талан ылан оҕоҥ ааҕарыгар көмөлөс.