Сэтинньи 2күнүгэр күнүс 14.00ч.»Сырал тулааһына» балаҕаҥҥа биир дойдулаахпыт бөдөҥ общественнай диэйэтэл, САССР Киин быыбардыыр хамыыһыйатын бастакы бэрэссэдээтэлэ «Р.Ф.Кулаковскай төрөөбүтэ 135 сылыгар» аналлаах үөрүүлээх тэрээһин умнуллубат гына үрдүк таһымнаахтык буолан ааста.
Биһиэхэ барыбытыгар олус күндү саха норуотун улуу сырдатааччытын, уһулуччулаах чинчийээччитин, айар тыл аҕата, бөлүһүөк суруйааччы, киэн туттар биир дойдулаахпыт А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун удьуор хаанын салҕааччыта — сиэнэ ыҥырыылаах ыалдьыппыт — Россия үөрэҕириитин туйгуна, СР үтүөлээх учуутала Кулаковская Рива Реасовна ахтыытын сэҥээрэн иһиттибит. Эдьиийин Лидия Романовна, кини аҕата Роман Федорович оҕо сааһын туһунан истиҥ-иһирэх ахтыытыттан элбэҕи биллибит.
Нэһилиэк оскуолатын бэтэрээн учуутала, СР үөрэҕириитин туйгуна Давыдова Г.К. биэрбит Роман Федорович кыыһа Лидия Романовна ахтыы интервьютун видеотын көрдүбүт.
Россия үтүөлээх бэтэрээн учуутала, учууталлар учууталлара Ксения Анисимовна Хатылыкова дириҥ ис хоһоонноох ырытыыларын сэдэх хаартыскалардаах быыстапкатын, ахтыыларын ис хоһоонун арыйар дорҕоонноохтук ааҕааччылардаах (В.Ф.Бурнашева,С.Н.Элякова, П.Е.Захаров) кэлэн улахан бэсиэдэни ыытан Роман Федорович туһунан билбэтэхпитин биллибит.
Краевед Маргарита Арисовна Роман Федорович олоҕун, дьиэ кэргэнин хаартыскаларынан эмиэ олус интэриэһинэйдик, история быыһын сэгэппитин сэҥээрдибит.
Таатта улууһун «Уран тыл» литературнай түмсүүтүн чилиэнэ, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, хоһооннорун хомуурунньуктара бэчээттэнэн ааҕааччыларга тиийбит, айар суруйар талааннаах Александра Афанасьевна Грязнухина-Хойутаана Роман Федорович кыыһыгар Лидия Романовнаҕа үөрэммитин кэпсээтэ.Таптыыр учуутала үөрэтэрэ өйдөбүллээҕин, үөрэнээччилэригэр олус үтүө сыһыаннааҕын, хартыынаттан түспүт курдук олус кыраһыабайын, таҥаһа маанытын сөҕө көрөллөрүн киһи хараҕар көрө олорор курдук итэҕэтиилээхтик кэпсээтэ.Түмүккэ бэйэтин айымньытын кинигэ, библиотека туһунан хоһоонун ааҕан иһитиннэрэн улаханнык кэрэхсэттэ.
Биир дойдулаахпыт Роман Федорович сэбиэскэй былаас туругурарын, саҥа олох сайдарын туһугар анаабыт олоҕун, үлэтин туһунан элбэҕи билэммит үтүө да киһи дьон-норуот туһугар үлэ үөһүгэр сылдьан репрессияҕа хабыллан хаарыан олоҕо хомолтолоохтук быстыбытын, репрессия ыар тыына кини курдук чаҕылхай дьону суох гыммытын ахтан-санаан уонна кинилэринэн киэн туттан ыччаттарбыт билэллэрэ наадатын бу ахтыы киэһэҕэ сылдьыбыттар өссө күүскэ өйдөөтүлэр. Роман Федорович кыыһа Лидия туһунан, үөрэхтээх учуутал олус үлэһитин уонна сэмэйин, тапталлаах аҕатын төрөөбүтэ 100 сыла туолуутугар барахсан сүргэтэ көтөҕүллэн, кэтэспит кэрэ кэмэ кэлбитигэр олус үөрбүтүн туһунан истэммит тэҥҥэ үөрдүбүт. Эбэтэ Татьяна, ийэтэ Лидия курдук кыраһыабай Татьяна диэн кыыстааҕын, сиэннэрдээҕин биллибит. Роман Федорович олоҕун салҕыыр сиэннээх, хос сиэннэрдээх. Киниэхэ аналлаах кэриэстэбил киэһэтэ элбэх умнуллубат өйдөбүлү иҥэрэн ааста.
📌 Бүгүҥҥү бэлиэ күҥҥэ Таатта улууһун быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ С.Н.Элякова
Боробуллааҕы 537ньүөмэрдээх учаастак бастыҥ үлэтин сырдатта, ытык киһибит үбүлүөйүнэн хамыыһыйа үлэһиттэригэр барыларыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Киин быыбардыыр хамыыһыйатын үрдүк наҕараадаларын, махтал суруктарын туттарда.Ол курдук К.Е.Ючюгяева 41сыл устата быыбар хамыыһыйатыгар эҥкилэ суох үлэлээн анал бэлиэни тутта.Онтон А.П.Рожинаҕа 30сыл быыбар хамыыһыйатыгар үлэлээбитинэн Бочуотунай грамота туттарда. Нэһилиэкпит быыбардыыр учаастага ситиһиилээх үлэтинэн улууска инники күөҥҥэ сылдьарын истэммит олус үөрдүбүт, киэн туттар сырдык санаа барыбытын кууста.
📌 Нэһилиэк баһылыга В.А.Охотин быыбардыыр учаастак үлэтин үрдүктүк сыаналыырын, хамыыһыйа чилиэннэригэр уонна үлэлээн ааспыт дьоҥҥо махталын биллэрэн Махтал суруктарын туттарда.
📌 Алампа аатынан Норуот айымньытын дьиэтин,М.А.Петров аатынан библиотека тэрийиилэринэн ыытыллыбыт
«Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат…» диэн Р.Ф.Кулаковскай олоҕун, үлэтин билиигэ анаммыт аһаҕас Викторина кыайыылаахтарыгар М.П.Табунановаҕа уонна С.Н.Эляковаҕа библиотекарь Добун суруктары, бириистэри туттарда. Үһүс миэстэлээх Сунтаар улууһун Күүкэй нэһилиэгиттэн А.П.Евсееваҕа Добун суруга, бирииһэ куоракка аадырыска тиийиэҕэ. Викторинаҕа кыттыбыт, хара дьайдаах репрессия сиэртибэтэ буолбут күндү биир дойдулаахпыт Роман Федорович олоҕун-үлэтин билэр уонна ытыктыыр дьоммутугар, чуолаан Мария Платоновнаҕа, Сардана Николаевнаҕа, Ангелина Петровнаҕа улахан махталбытын биллэрэбит.
📌 Бүгүҥҥү ахтыы киэһэни киэргэттэ чаҕылхай ырыатынан, чуор куолаһынан Чэмэлиинэ Николаева.
📌 Киэн туттар биир дойдулаахтарын аатынан Боробуллааҕы быыбардыыр учаастак үлэһиттэрэ, бэрэсэдээтэл Татьяна Дмитриевна Степанова ис сүрэхтэриттэн кыһалланнар, Роман Федоровичка дириҥ ытыктабылларынан маннык үтүө киэһэни бэлэмнээн тэрийбиттэригэр, истиҥ көрсүһүүнү бэлэхтээбиттэригэр улахан махтал!
📌 Таатта ТВ Бурмистрова Ж.Г. үөрүүлээх тэрээһини видеоҕа устан үйэтиттилэр.
📌 Р.Ф.Кулаковскай төрөөбүтэ 135 сылын бэлиэтиир наһаа истиҥ ахтыылардаах, элбэх чахчылары арыйар бэсиэдэлэрдээх, сэдэх хаартыскалардаах кэтэһиилээх киэһэбит аныгыскы көрсүүгэ диэри түмүктэннэ.
Ахтыы киэһэтиттэн хаартыскалары көрүҥ:
Ахтыылартан,ааҕыылартан видеозаписьтары көрүҥ: