1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (3 оценок, среднее: 5,00 out of 5)
Загрузка...
67 просмотров

П.А.Ойуунускай төрөөбүт күнүгэр КВЕСТ…

Улуу убайбыт бөдөҥ государственнай, политическай, общественнай деятель, саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччи, учуонай-лингвист П.А.Ойуунускай төрөөбүт күнүгэр аналлаах оҕолорго *КВЕСТ* оонньуу сэтинньи 11күнүгэр 3 чаастан
буолан ааста.
«КВЕСТ күрэһи тэрийээччилэр»:
▪️Алампа аатынан НАДь.
▪️М.П.Петров аатынан библиотека.
▪️А.Е.Кулаковскай аатынан агрооскуола.

КВЕСТ оонньуу кыттааччылара 5-11 кылаас оҕолоро:
1.Дьулуур — 9оҕо
2.Былатыан — 10 оҕо
3.Сатабыл — 10 оҕо
4.Мохсоҕоллор — 9оҕо
диэн хамаандаларынан күрэхтэстилэр.
КВЕСТ күрэс маннык бэрээдэгинэн ыытылынна:
1. Уопсай мустуу, старт «Сырал тулааһына»
2. ⁠Капитаннар сорудахтаах кэмбиэрдэри тэҥҥэ аһаннар, күрэс бириэмэтэ ааҕыллыбытынан барда.
3.Сорудахтары толоруу
биэс баалынан
быһаарылынна.
4. ⁠Финиш — КСК.
5. ⁠Сорудахтары толоруу ыйыллыбыт станцияларынан буолла.
1.Балаҕан — диктант суруйуута.Агент:
И.С. Жараева
2.Оскуола — өс хоһооннорун ситэрии Агент: М.В.Сивцева
3.Интернат — пазл таһаарыы. Агент:
В. Г. Харайданова
4.Библиотека — П.А.Ойуунускай туһунан ыйытыктарга эппиэттээһин.
Агент: Г.Н.Другина
5. КСК — кыргыттарга- «Ойбону көһөрүү» Уолаттарга — мүнүүтэҕэ баттах өрүүтэ. Агент: А.В.Константинова

Уопсай түмүгүнэн
1миэстэ — «Мохсоҕоллор»65 очко

2миэстэ — «Былатыан»62 очко.

3миэстэ — «Дьулуур» 56 очколаах хамаандалар Добун суруктары туттулар.

Туоһу суругунан бэлиэтэннэ «Сатабыл» хамаанда 52очко.

Бу курдук оҕолор П.А.Ойуунускай төрөөбүт күнүн көрсө интэриэһинэй оонньууга кыттан сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ, билбэтэхтэрин биллилэр, билиилэрин чиҥэттилэр.
Кыттыыны ылбыт күндү үөрэнээччилэргэ махталбытын биллэрэбит. КВЕСТ оонньуу түгэннэриттэн сэҥээрэн көрүҥ:

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *