1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (6 оценок, среднее: 5,00 out of 5)
Загрузка...
76 просмотров

«Ийэҕэ сурук»…

Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо сылларыгар аналлаах «Үрүҥ торуоска» акция чэрчитинэн «Ийэҕэ сурук» улуустааҕы өйтөн суруйуу күрэһигэр Дьохсоҕонтон үс бэтэрээн кыттыыны ылбыта. Улууска 3 миэстэни ылары ситистэ Габышева Варвара Ивановна ийэтигэр анаабыт суруга.
2миэстэ — Цыпандин Василий Ионович Ытык Күөл, хараҕынан 1 групп.инбэлиит.
1миэстэ — Петр Павлович Ефимов, Чычымах олохтооҕо, хараҕынан 1 груп.инбэлиит, педаг.үлэ бэтэрээнэ, Амма нэһил., Таатта улууһ.бочуот.гражданина.

«Ийэҕэ сурук» күрэхтэһии соруга ыал олоҕо бигэ, чэгиэн буоларыгар, оҕо саастан саҕалаан сылаас, сайаҕас сыһыаны, төрөппүттэргэ ытыктабылы, харыстабылы үрдэтии, күн күбэй ийэҕэ, айбыт аар аҕаҕа сүгүрүйүү, махтал истиҥ тылларын тиэрдии.

Биир дойдулаахпыт Варвара Ивановна ийэтигэр анабыл суруга:

Ийэбэр сурук.

Күндүтүк саныыр ийэм, ытык мааны киһим оҕолорбор эбээлэрэ, сиэннэрбэр хос эбээлэрэ тыыл, үлэ ветерана Габышева Анна Иннокентьевна олоххун санаатахха, 1917 сыллаахха Парасковия, Иннокентий Павловтарга Дьокуускай куоракка күн сирин көрбүтүҥ. Ийэҥ Парасковия куорат иистэнньэҥэ, аҕаҥ Иннокентий уус эбиттэр.
Эйигин төрөтөөт ийэҥ барахсан өлөн, Тааттаҕа Сиэллээххэ эбэҕэр Варвара Тихоноваҕа аҕаҕыныын көһөн кэлбиккит. Онно олорон Сиэллээх начальнай оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитиҥ. Салҕыы үөрэммэккэ үлэ үөһүгэр түспүтүҥ. Бастаан колхозка оҕуруокка үлэлээбиккин. Онтон салҕыы колхозка фермаҕа сүөһү көрөөччүнэн үлэлии киирбиккин. Үйэҥ тухары колхозка, совхозка ыанньыксытынан үлэлээн ударник буолбутуҥ. Сэрии кэмигэр ыарахан үлэҥ быыһыгар сэриигэ сылдьар дьоҥҥо үтүлүк, кээнчэ тигэн көмөлөһөрүҥ. Сэрии кэнниттэн олоҕуҥ аналыгар Иван Иосифович Габышевка кэргэн тахсан, ыал буолбуккут, биһиэхэ үс оҕоҕо күн сирин көрдөрбүккүт.

Күн сирин көрдөрбүт
Күн күбэй ийэбит,
Үлүскэн үлэ үөһүгэр
Күн иллэҥин билбэккэ,
«Оҕолорум туһа»- диэн
Сүүрэн көтөн үлэлээбиккин
Ахта-саныы туруохпут.

Колхозка, совхозка биир өрөбүлэ суох Амманан, Тааттанан көһөн үлэлээбиккит. Аҕабыт 1959 сылга эдэр сааһыгар соһумардык суох буолан, үс кыра оҕолоргун бэйэҥ иитэн, атахтарыгар туруортаабытыҥ. Ийэм, күндү ийэм ыанньыксытынан үлэлээҥҥин 1967 сыллаахха пенсияҕа тахсыбытыҥ. Тыыл, үлэ бэтэрээнэ буолбутуҥ. 96 сааскар дылы оҕолоруҥ, элбэх сиэннэриҥ, хос сиэннэриҥ тапталларын билэн , 2013 сыллаахха уу чуумпутук олохтон букатыннаахтык туораабытыҥ.
Эн холобур буолар олоххун оҕолоруҥ, сиэннэриҥ , хос сиэннэриҥ эрэллээхтик салҕыыбыт. Куруук эйиигин ахтабыт-саныыбыт, суохтуубут, хаһан да умнуохпут суоҕа.

Алаһа дьиэбит сырдыгын
Аламай уоппут сылааһын,
Эн — Ийэм барахсан
Амарах санааҕынан
Үтүө үлэҕинэн
Барытын биһиэхэ биэрбитиҥ!

Ийэбэр кэрэ,күндү киһибэр саха биллэр поэта эйиэхэ эрэ анаан суруйбут курдук хоһоонун ыытабын:

Эйиэхэ, ийэкээм,алааһын
Хатыҥа нарынын биэрбит дии,
Эйиэхэ хотугу айылҕам
Тиит маһын тулуурун
Биэрбит дии,
Ол иһин сылааны уйаҕын,
Мичээриҥ сымнаҕас, сайаҕас
Алаастан күн куттаах, сүрэхтээх
Айыллан үөскээбит бэйэҕин
Олуһун да таптыыбын!

Сүрэхтэн тахсар ахтылҕан тыллардаах сурукпун анаатым ийэбэр эн кыра кыыһыҥ Варвара Ивановна Габышева.

08.11.2024с.Дьохсоҕон нэһилиэгэ.Таатта улууһа.

Ийэҕэ суругу өссө суруйда нэһилиэкпит ытыктабыллаах олохтооҕо,сэрии кэмин оҕото, сцена бэтэрээнэ, үтүөлээх олоҥхоһут-тойуксут В.П.Харайданова-эбэ Валя. Кини суругун ааҕыҥ уонна күн күбэй ийэтин былыргы өйдөбүнньүк хаартыската.

Ийэбэр сурук.

Нарыннык да, ыллыы-ыллыы
Ийэм баттахпын тарыыра…
Тыыммыт салгына илгийэн,
Оо, минньигэс да буолара…

Ол күндү сыттан туймаара,
Ийэм тапталыгар таала,
Сылаанньыйа
сырдыы-үөрэ
Өөр туруохпун баҕарарым…

Үйэм тухары бу түгэн
Өйтөн,сүрэхтэн сүппэтэ!
Умнуллубат өйдөбүл буолан,
Өрүү дууһабын манньытар…

Ийэ…Ийэ..
Иһирэх да тыл!
Аҕыс хаттыгастаах араҕас маҥан халлаан орто дойду ньууругар олорор, иэгэйэр икки атахтаахха Ийэттэн ордук күн кэриэтэ киһи суоҕа биллэр. Ол курдук хас биирдиибит бары ийэттэн төрөөтөхпүт!
Ийэ диэн барыбытыгар күндү буоллаҕа!
Мин эмиэ ийэлээх этим.
ИЙЭМ БАРАХСАН саамай ыарахан кэмнэргэ төрөөн, олорон бараахтаабыта…
Саха сиригэр бандьыыттааһын кэмигэр күн сирин көрбүт. Ийэтэ барахсан бандьыыттартан саһан диэн ааттаан сайын өҥүрүк куйааска муус умуһаҕар киирэн мин ийэбин төрөөбүт…
Барахсаттар хайдах иккиэн тыыннаах хаалбыттара буолла?!
Киһи сөҕөр !!!
Ол эрээри ийэтэ ол содула буолуо, ийэм кыра эрдэҕинэ өлөөхтөөбүт эбит. Мин ийэм саамай бүтэһик оҕото эбиппин. Син муохтаһан улааппыппын. Аҕа дойду сэриитин эрэ иннигэр мин аҕабыныын холбоһон ыал буолбут, уол оҕоломмуттара уһаабакка өлбүт, онтон сэрии буолан аҕам бастакы хомуурга ыҥырыллан сэрии саамай уоҕар Ржев куорат анныгар сэриилэспит эбит.
Ол кэмҥэ ийэм колхозка ыанньыксыттаабыт.Ол быыһыгар оччотооҕуга үөдүйбүт маһынан оттуллар тракторга анаан мас эрбээһинигэр сылдьыспыт. Ол мастара испиискэ хаатын эрэ саҕа уһун буолуохтаах эбит. Туох аанньа таҥастаах, аһылыктаах буолуохтарай, барыта уу судураай аһылык үһү. Ону илии эрбиитинэн эрбээхтииллэрэ үһү.
Арыычча аһы, барытын «фроҥҥа — кыайыы туһугар»- диэн ыыталлар эбит. Сэрии да кэнниттэн олох сонно көммөтөҕө биллэр. Ити үлүгэрдээх алдьаныы, кээһэнии кэнниттэн ону чөлүгэр түһэриигэ үгүс үлэ, үп наада буоллаҕа. Аны Саха сирэ ханнык да дойдутааҕар элбэх ыар сүтүктэммитэ!
Төһөлөөх харах уута халыйбыта, ыар ынчык иһиллибитэ буолуой!
Ийэм бу олоххо олорбутун тухары биир үчүгэй таҥаһы таҥныбакка, дэлэй аһы аһаабакка, ханна да сылдьан туох да үчүгэйи көрбөккө, эдэр сааһыттан сэллик ыарыытыгар ыалдьан күн сириттэн бараахтаабыта…
Аны эргэ тахса илигинэ быһыылаах, сэрии иннинэ буолуон сөп, куораттан ыллыыр дьоҕурдаах ыччаты истэ, сүүмэрдии тахсаннар мин ийэбин талбыттар. Ийэм кыаҕа суох буолан аккаастаабыт, ону да кэпсээбэтэҕэ миэхэ, кэнники кини көлүөнэ кырдьаҕастан истэн ийэбин аһына санаабытым. Эн айылҕаттан анаммыт талааҥҥыттан бэрсэҥҥин ырыаны-хоһоону таптааммын, ыллааммын-туойаммын, драмаларга оонньооммун, онтон олоҥхоҕо умсугуйан олоҥхо толорооччу буоламмын эн сиэннэргин, хос сиэннэргин, хос-хос сиэннэргин кыайарбынан үөрэтэн Кэрэ эйгэтигэр сирдиибин.

Ийээ,мин билигин эмньирээн,
Эйиэхэ ийэҥ тэҥэ саастанным..
Бу олохтон эрдэ барбытыҥ
Олус да хомолтолоох этэ!…

Өйдүүгүөн, күүскэ ыалдьыбыппар
Аттыбар ытыы олорбуккун…
Оҕоҕун төһөлөөх аһынан
Уйулҕаҥ хамсаабыта буолуой!…

Билигин да ону санааммын
Эйиигин күүскэ аһынаммын,
Сүрэҕим ньүөлүйэ кымаахтаан
Хараҕым уулара таммалыыр!..

Истиҥ-иһирэх тылы этэн
Тапталбын биллэриэх эбиппин…
Муҥутах-кэнэн да эбиппин…
Ийэкээ, бырастыы гыныый дуу!..

Оҕо эрдэхпинэ ийэм наар ыалдьарын иһин дуу «Ийэм өллөҕүнэ хайдах буолабын?-» диэн суорҕан иһигэр ытыырбын өйдүүбүн, Ийэбин эрдэттэн аһыйан…

Билиҥҥи үтүө олоххо хос-хос-хос сиэннэргин көрөҥҥүн эн күндү олоҕуҥ салҕанарыттан үөрүөҥ да этэ.

Эн кыыһыҥ Валентина Петровна Харайданова-Эбээ Валя.

06.11.2024.Дьохсоҕон нэһилиэгэ.
Таатта улууһа.

Өссө иҋэҕэ аналлаах суругу суруйда сэрии кэмин оҕото,нэһилиэк бочуоттаах бэтэрээнэ ытык киһибит  И.М.Бочонин:

Бу курдук күндү «Ийэҕэ сурук»диэн улуустааҕы күрэхтэһиигэ биһиги киэн туттар бэтэрээннэрбит ис сүрэхтэриттэн тахсар махтал, ахтыы, таптал тыллардаах суруктарын суруйан кытыннылар. Эдэр иҋэлэр оҕолоргутугар ааҕан билиһиннэриҥ — кырдьаҕас көлүөнэттэн холобур оҥостоллоругар.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *