Дьохсоҕоҥҥо — саҥа кинигэ…

Дьохсоҕон нэһилиэгэр өссө биир саҥа кинигэ эбилиннэ. «Олоххо тардыһыы». Автор Иван Михайлович Бочонин. 92саастаах ытык кырдьаҕас. Кини СР бочуоттаах бэтэрээнэ,Таатта улууһун уонна Дьохсоҕон нэһилиэктэрин Бочуоттаах гражданина, «За вклад в развитие общественной работы в Таттинском улусе» анал бэлиэлээх, ВДНХ «Мастер золотые руки» бэлиэ хаһаайына, 25 сыл устата нэһилиэк бэтэрээннэрин сэбиэтин салайбыта. 2016с.нэһилиэк «Куорсун» айар түмсүүтүгэр киирэн… Читать далее »

«…Ыһыаҕы кэтэспэт киһи суох…»

Бүгүн Дьохсоҕон нэһилиэгин ийэлэригэр, эбэлэригэр олус туһалаах киэһэ буолла. Олохтоох дьахтар сэбиэтэ (сал. В.И.Петрова) көрдөҺүүтүнэн Ытык Күөлтэн Таатта улууһун дьахталларын сэбиэтин салайааччыта Варвара Ильинична Будикина икки идэтийбит закройщиктары, бэйэбит нэһилиэкпититтэн төрүттээх Слепцова (Саввина) Саргылана Николаевнаны уонна Новгородова Мария Афанасьевнаны илдьэ кэллэ. «Сырал тулааһына» балаҕаҥҥа кэтэһиилээх ыһыахха саҥа халадаай, хаһыаччык тиктэргэ анаан буойуттар ийэлэригэр уонна буойун… Читать далее »

«Эбээ-эһээ үөрэҕэ» бырайыак Пушкинтан…

«Эбээ,эһээ үөрэҕэ» бырайыак  Власова Любовь Константиновна уонна Владимир Петрович Колотинскай саҕалааһыннарынан биир кылаас оҕолоругар (кылаас салайааччыта Мария Владимировна Сивцева), нэһилиэк библиотекатын кытта ситимнээн 2 сыл толору үлэлээтэ.Бырайыак былаанынан үлэлэрэ өссө да салҕыы ыытыллаллар.Бу бырайыак үөрэнээччиллэрин уонна үлэһиттэрин ааҕыыларыгар А.С.Пушкин өлбөт-сүппэт айымньыларыттан быһа тардыылары истиҥ-көрүҥ,сэҥээриҥ.

«Уус тылбынан бэйэбэр өйдөбүнньүк туруордум…»

А.С.Пушкин хоһоонноруттан  дорҕоонноохтук ааҕыылары көрүҥ-истиҥ. 1. А.Пушкин.»Храни меня, мой талисман…» хоһоонун В.Хон тылбааһыгар улуус олохтоохторун ааҕыылара. 2.»Муораҕа».Улуус библиотекардарын ааҕыылара. 3.А.С.Пушкин хоһооннорун М.А.Петров аатынан библиотека ааҕааччыларын видеоааҕыыларыгар көрүҥ-истиҥ.

Дьиэ кэргэҥҥэ сөбүлүүр дьарыкпыт-кинигэ ааҕыыта

Алампа аатынан Норуот айымньытын дьиэтэ. М.А.Петров аатынан библиотека. Дьиэ-кэргэн сылыгар анаан «Библионочь» акциянан нэһилиэккэ «Дьиэ кэргэҥҥэ сөбүлүүр дьарыкпыт» диэн түөлбэнэн күрэхтэһии буолан ааста. М.А.Петров аатынан библиотекаҕа 4 түөлбэттэн кыттааччылар команданан күрэхтэстилэр. Күрэхтэһии түһүмэхтэрэ: — «Мин билиим-мин баайым» 4-түү эппиэттэн сөптөөх хоруйу таларга 5 ыйытыктарга эппиэттээтилэр. — Р.А.Кулаковскайга аналлаах кинигэ быыстапкатыттан туһанан 1 сорудахтаах Викторина таайдылар.… Читать далее »

Ньукуолун күнэ — 2024с.

Түптэ сыттаах,кус мииннээх, алаадьы астаах Ньукуолун күнүнэн нэһилиэкпит күндү бэтэрээннэрэ «Сырал тулааһына» балаҕаҥҥа нэһилиэкпит дьонун байанайдаах бултарыттан үөрэ көтө амсайан, кус миинин иһэн, арыылаах саламааттаах, алгыстаах алаадьылаах, сылабаарга чэй оргутарга күрэхтэһэн, итии үүттээх чэйдэрин иһэ-иһэ биэс бэлиэ күннэри барытын бииргэ 5в1 бырааһынньыктаан астына дуоһуйа сынньаннылар. Сынньалаҥҥа лотолаан да ыллылар. Пионерия  сылыгар аналлаах «Оҕо сааһым умнуллубат… Читать далее »

Наступление лета…

С 22 мая 2019 года Якутия будет отмечать ежегодно День сайылыка – летнего жилища якутов. Дату учредил сегодня, 6 ноября, глава Якутии Айсен Николаев. Праздник нацелен на сохранение национальных традиций и повышение престижа работников сферы сельского хозяйства. Сайылык — летний тип жилья у якутов, в отличие от ураса и юрты — сайылык представлен как отдельный… Читать далее »

И.В.Кузьмин суруктарыттан…

Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа И.В.Кузьмин суруктарыттан «Живые строки: письма солдат земляков» Акцияҕа кыттаннар аахтылар 5кылаас үөрэнээччилэрэ, кылаас салайааччыта Л.М.Саввина.

Оскуолаҕа дьиэ кэргэттэр бырайыагынан үлэлэрэ

Россияҕа Дьиэ кэргэн сылынан, Сахабыт сиригэр Оҕо саас сылынан ыам ыйын 15 күнүгэр Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнүгэр «Дьиэ кэргэн — биир сомоҕо» А.Е.Кулаковскай- Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Дьохсоҕон орто оскуолатын дьиэ кэргэн оҕону иитиигэ бырайыактарын көрүү-күрэһэ бастакытын ыытылынна. 📌 Күрэс сыала: дьиэ кэргэҥҥэ оҕо иитиитин бастыҥ холобурун тарҕатыы, олоххо киллэрии, туһаныы. 📌 Көрүү биэс хайысханан… Читать далее »

Саха алаастара…

«Саха алаастара! Бука, ханна да аан дойдуга саха киһитигэр кинилэртэн ордук сүрэххэ күндү сирдэр суохтара буолуо…» Далан. Арыы-сыа алаастарыҥ Ынаҕар ынаҕыҥ,сылгыҥ Баарын тухары Саха,эн тыыннааххын!… Саха алаастарын кэрэ көстүүлэрин арыйар хартыыналары, хоһуйар хоһооннору, ылланар ырыалары бу «Алааһым ахтылҕана» биэриигэ киирэн көрүҥ,истиҥ, алаастаргытын ахтыҥ, оттуур күндү күннэргит чугаһаабыттарыттан үөрүҥ! Биэриини бэлэмнээтэ: биир дойдулаахпыт Людмила Ивановна Хабытина.… Читать далее »